ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тилин

туохтуур

Нууччалыы воскресать

English (biology, religion) to come back to life, to be resurrected

Ис хоһооно · 8

1 туохтуур #

Нууччалыы воскресать

English (biology, religion) to come back to life, to be resurrected

  • үөн-көйүүр тиллибит
    насекомое ожило после спячкиthe insect has come back to life
  • өлбүт тиллибэт
    мёртвый не воскреснетthe dead will not be resurrected

2 туохтуур #

Нууччалыы выздоравливать; поправляться

English (medicine) to recover, to recuperate

  • ыарыһахпыт тиллибит
    больной выздоровелthe patient recovered / recuperated

3 туохтуур #

Итэҕэл уонна норуот өйдөбүлүнэн: өлөн баран иккистээн тыыннанан уруккуҥ курдук баар буол

Нууччалыы В религиозных и народных представлениях: воскресать, оживать

  • Таҥара [Христос] тиллибит күнэ
  • Уҥан баран тыынна киллэр. Θ Приходить в сознание (после обморока). Биирдэ хайыһарынан хайаттан түһэн иһэн болбуктаҕа -- быарбын быһа түһэн уһуннук уҥан баран тиллибитим.
    С. Данилов
  • Хачыгыр урут хотун ыҥырыытын уһаттаҕына хаста да уҥан тиллэрэ
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
  • түөлбэ. Ыалдьан баран үтүөр. Θ Поправляться после болезни. Биир ый иһигэр оҕобут тиллээ ини.
    А. Софронов
  • Сөдүөччүйэ -- Маайа кыыһын төрөтөн баран, ситэ тиллибэккэ муҥнаммыта ый кэриҥэ буолла.
    Амма Аччыгыйа
  • Быыкаанныыр, тиллэн эрэр киһи быһыытынан, сып-сап аһаан кэбистэ
    Н. Павлов

4 туохтуур #

Кыһыҥҥы иһийииттэн, утуйууттан уһугун (харамайы, үүнээйини этэргэ)

Нууччалыы Оживать, пробуждаться после зимней вспячки (о растениях, живых существах)

  • Айылҕа уһуктан тиллэрэ, Айылгы силигэ ситэрэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сотору бырдах түһэр, тигээйи тиллэр.
    Н. Якутскай
  • Сайын кэлиэ: эмиэ от-мас тиллэн, Көҕөрүө үрэхпит, алааспыт. Дьуон Дьаҥылы. Балык кыһын ууну кытта муус быыһыгар тоҥон хаалар, оттон саас буоллаҕына муус уулуннаҕына ирэн, тиллэн кэлэр
    ДьДьДь

5 туохтуур #

Хат чөлгөр түс, уруккуҥ курдук буол (хол., урут туттулла сылдьыбыт тиэхиньикэ, сайда сылдьыбыт култуура, о. д. а тустарынан)

Нууччалыы Возродиться, восстановиться, оживиться (напр., о старой технике, традиционной культуре)

  • Быраҕыллыбыт эргэ карьер тиллибит, уһуктубут курдук буолбута.
    В. Яковлев
  • Уум мотуора иккиһин тиллибититтэн Саабаҕа муҥура суох махталбын тириэрпитим. МАП ЧУу. Ааспыт үйэлэргэ умнуллубут былыргы култуура иккиһин тиллибит курдук буолбута. Ол иһин саҥа култуура үөскээбит кэмэ Возрождение диэн ааттаммыта
    АЕВ ОҮИ

6 туохтуур #

Киһи санаатыгар саҥалыы көбөн кэл

Нууччалыы Вновь приходить на ум, всплывать, возникать, оживать (о мыслях, воспоминаниях)

  • Мин санаабар тиллэллэр Оччотооҕу дьулаан күннэр, Төһө даҕаны өллөллөр, Бэриммэтэх дьоруой дьоннор.
    С. Данилов
  • Халыма хомунаардара сэһэммитигэр өссө тиллиэхтэрэ
    Н. Габышев

7 туохтуур #

Туох эмэ туһалаах, төлөбүрдээх буол (хол., киһи үлэтин, эрэйин этэргэ)

Нууччалыы Быть оплаченным, вознаграждённым (за труд, усилия и т. д.), воздаться

  • Мин сааһым тухары тохпут хара көлөһүнүм дьэ тиллээрэй.
    Амма Аччыгыйа
  • Ханнык да үлэ эрэйэ тиллэр буоллаҕына үчүгэй куолута.
    С. Ефремов
  • Оҕуруот аһын олордууга төгүрүк сыллаах кыһамньыгыт тиллэн, өлгөм үүнүүлэниҥ
    ЕАМ ББКП

8 туохтуур #

Туохха эмэ (хол., дьээбэҕэ) ордук көхтөн, актыыбыр

Нууччалыы Проявлять инициативу, активность; быть падким на проделки, проказы, Максим диэн итинник

  • Ким да буоллун, аҥаар кырыы ухаживайдаан иһэр. Көннөрүгэ дук-дах бэйэтэ онно тиллэр.
    Н. Лугинов
  • Роман Иванович эмиэ дьээбэҕэ тиллэн "һэ-һэ-һэ" дии-дии күлэн сэһигириир.
    Л. Попов
  • Арай кини хаадьыга тиллэн, харахтыын үөрэн, мичээрдээн кэлээччи.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. тирил ʻжить; оживать, воскресатьʼ, тирилмэк ʻоживать, воскресать; пробуждатьсяʼ, каракалп. тирилиу ʻожитьʼ

«Т» буукуба