Перевод с якутского
киһитий
туохтуур
Нууччалыы вести себя прилично
English to behave decently
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы вести себя прилично
English to behave decently
билигин арыый киһитийбит стал теперь немного сноснееs/he has now become somewhat tolerable
2 туохтуур #
Киһилии олохтоох, киһи сиэринэн буол
Нууччалыы Очеловечиваться, принимать человеческий облик
Айанньыт дэриэтинньиги баанньыкка дэлби сууйбут, баттаҕын, тыҥыраҕын кырыйбыт, киһилии таҥыннарбыт. Кини -- онтон ыла киһитийбит үһү. И. Гоголев Эбисийээнэҕэ маарынныыр дьон бэрт бытааннык, мөлүйүөнүнэн сыллар усталарыгар, киһитийэн испиттэр БИГ ӨҮөС
3 туохтуур #
Киһи-хара буол, үчүгэй киһи буол
Нууччалыы Стать человеком, выйти в люди. [Кытыгырас Барааччы үрүҥ Уолаҥҥа:] Хата биһигини эн өлбөт өттүбүтүнэн сүбэлиэ, киһитийэр өттүбүтүнэн кэпсиэ
ПЭК ОНЛЯ I. [Манчаары:] Ким да миигин Киһи-хара буолан, киһитийэн чэчирээ дииллэрэ биллибэт
Суорун Омоллоон
4 туохтуур #
Көнөн, өйдөнөн киһилии сиэрдээх буол, сиэрдээх олохтон
Нууччалыы Становиться порядочным, вести себя пристойно; образумиться
Ойох ыллар, баҕар, өйүн-төйүн булунан киһитийиэх этэ.
П. ОйуунускайЭрбит тойон киһитийиэҕин өйүм хоппот. Софр. Данилов. Сэриигэ ньиэрбэтин сиэтэн кэлбит оҕоҕун аһара ыгыма, Сыыйа кини да киһитийэн иһиэ дии У. Ойуур
5 туохтуур #
Ыарахан ыарыыттан өрүттэн, сэргэхсий
Нууччалыы Оправиться от тяжелой болезни
Мин ити курдук балтараа ый балыыһаҕа сытан, балачча киһитийэн таҕыстым. П. Тобуруокап Өксүөнтэй арыый киһитийэн истэ. Урут кэпсэттэххэ мэнээк килээриччи көрөн кэбиһэр бэйэтэ, ыйытыыга биир-икки тылынан хардарар буолла Чолбон