ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үтүөр

туохтуур

Нууччалыы выздоравливать, поправляться, вылечиться. [Талкы оҕонньор:] "Оҕом үтүөрээ ини", – дии сыппыта

English (medicine) to heal, to recover, to recuperate

1 туохтуур #

Ыалдьан баран урукку доруобай туруккар түс, ыалдьыбыккын аһар

Нууччалыы Выздоравливать, поправляться, вылечиться. [Талкы оҕонньор:] "Оҕом үтүөрээ ини", – дии сыппыта

  • [Геолог:] Киирик Николаевич, эйиигин үтүөрэн эрэргинэн эҕэрдэлиибин
    С. Ефремов

2 туохтуур #

Оһон урукку туруккар түс, сабылын (баас оһуутун туһунан)

Нууччалыы Заживать (о ране)

  • Өлөксөөс бааһа үтүөрэн фроҥҥа барбыт.
    А. Бэрияк
  • Симон ийэтигэр бэрт уһун суругунан бааһа кыратын, хайа сах үтүөрэн эрэрин дакаастаан биллэрбитэ
    Л. Попов

«Ү» буукуба