Перевод с якутского
көн
туохтуур
Нууччалыы выпрямиться, разогнуться, разогнуть спину
English to straighten, to become straight
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Токуруйан, өҕүллэн, иҥнэйэн баран төннөн, урукку оннугар түс; төҥкөйөн баран өрө тутун
Нууччалыы Выпрямиться, разогнуться, разогнуть спину (о чем-л. искривившемся, накренившемся, согнувшемся и т. п.)
Кини соһуйан, эмискэччи көнө түстэ. Амма Аччыгыйа Бэл оҕонньор нүксүгүрэ Эһиэкэйгэ көнөн хаалар. И. Гоголев Онтон тиитэ иҥиэттэн баран көнөн ылыытыгар сүр баҕайытык хаачыгыраата Амма Аччыгыйа
2 туохтуур #
Оллуруҥ-боллуруҥ сүтэн, дэхси ньуурдан (сир, суол туһунан)
Нууччалыы Становиться ровным, выровняться (о дороге, поверхности земли и т. п.)
Бу суол улаханнык көммүт эбит. Маталах сирэ көммүт, хадьымала кэҥээбит Саха фольк
3 туохтуур #
Тупсан, үчүгэй буолан кэл (хол., күн-дьыл)
Нууччалыы Проясниться (о погоде), выравниваться, поправляться, улучшаться (о жизни, здоровье и т. п.)
Мантан ылата олох-дьаһах көнүө. А. Бэрияк Доруобуйам көнөн иһэр. Эрилик Эристиин Түрмэ эрэсиимэ көммөтөҕө. П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
Бэс ыйын бастакы аҥаарыгар күн-дьыл бэркэ көннө. М. Шолохов (тылб.)
4 туохтуур #
Куһаҕан быһыыгын быраҕан, таба, сөптөөх суолга киир
Нууччалыы Изменяться к лучшему, исправиться; исправлять оплошности в жизни, встать на путь исправления
Бүдүрүйэн баран көммүт дьон очурдаах олохторун ойуулааһыҥҥа тыла-өһө ордук тахсымтыа. Эрчимэн. Өһүргэппит буоллахпына, Өйдөт миигин, - мин көнүөм. Дьуон Дьаҥылы. Кинилэр [хаайыылаахтар] көнөр суолга турбуттарын туһунан толору дакаастыыр матырыйаала суох эрээри, босхолоон кэбиһэр чахчылара бааллар Кыым
5 туохтуур #
Кыыһырбыккын, киҥнэммиккин аһаран үчүгэй майгылан, көнньүөр
Нууччалыы Отойти, перестать сердиться, успокоиться
Ардыгар кыыһыран, айманан ылар, сороҕор көнөн, күлэн-мичилийэн көстөр. Н. Заболоцкай Аҕыйах хонугунан Яков улам көнөн, кыһыыта-абата, кэмсиниитэ арыый ааһан, мүлүрүйэн барда Н. Заболоцкай
6 туохтуур #
Байан, туругуран бар, үптэн-астан
Нууччалыы Богатеть, стать зажиточным, обеспеченным, денежным, улучшить материальное положение
Барыстаахтык кэпсэтэн, тайҕаттан лаппа көнөн тахсыбытым. И. Гоголев Андриан Корнилов саҥардыы көнөн эрэр, сүүрбэччэни кыайбат сүөһүлээх, орто ыал. М. Доҕордуурап Ср. тюрк. көн ‘быть согласным’
7 этии #
Нууччалыы Разбогатевший, добившийся успеха в жизни якут
Көммүт саха (саха көнүүтүн көммүт, сахаттан көммүт барахсан) - байбыт, уойбут-топпут, үчүгэй олоххо тиийбит саха Көммүт саха, доҕор. Саха көнүүтүн көнөн муннун анныгар киҥинэйэн ыллаата. М. Доҕордуурап Харах Сэмэн ласхайан тахсар, Сарайан, ыараан, киэҥник ахчайан, Сахаттан көммүт да барахсан!.. Дьуон Дьаҥылы. Санаата көммүт - санньыйбыта, кыыһырбыта ааһан, эбэтэр туохтан эмэ дуоһуйан үчүгэй майгыламмыт. Θ Приходить в доброе расположение духа, приободриться (после угнетенного состояния). Дьөгүөрдээн санаата көнөн сылдьар. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
Сеня таптыыр кыыһын субу көрсөр буолбутуттан санаата көнөн, үөрэн, көхсүн иһигэр ыллаан киҥинэйэр. Н. Якутскай Сүнньэ көннө - наар төттөрү, утары этэрэ, оҥороро тохтоото, дьон курдук өйдүүр-саныыр, саҥарар, оҥорор буолла. Θ Перестать упрямиться, встать на правильный путь, перевоспитаться. Киһи сүнньэ көнөрө дөбөҥө итиччэ эбитэ дуу, били урут мунньах аайы сигэйиллэр управляющай аны "Демьян Васильевичтан" атыннык ыҥырыллыбат. А. Данилов - Мин Ананий этиитин сүрэхпинэн истэн олоробун. Бу сөрү-сөп санаа буолла, - Лука, бытааннык ахсаан ааҕан эрэрдии этэн лобурҕатан истэ. - Лука олус да сүнньэ көммүт. - Ким эрэ тиэхэлээхтик эттэ. М. Доҕордуурап