ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уҕарый

туохтуур

Нууччалыы уменьшиться (в количестве, величине, уровне), идти на спад

1 туохтуур #

Уоҕуҥ-күүһүҥ хараан, намыраа, мөлтөө

Нууччалыы Уменьшиться (в количестве, величине, уровне), идти на спад

  • "Дьэ, ити баар, – Дьэлмэ кэпсэтии уҕарыйаары гыннаҕына, эбии күөртээн биэрэн иһэр. – Биир кыһалҕа атынтан үөскүүр".
    Н. Лугинов
  • Бу тухары улахан унньуктаах охсуһуу уҕарыйбат, тохтообот.
    Н. Якутскай
  • Уот силлиэ холорук уҕарыйан, астан, улам намырыйан истэ
    С. Тимофеев
Өссө холобурдар (3)
  • Туохха эмэ өрүкүйэн баран уоһун, уоскуй. Θ Успокоиться, утихнуть, улечься (о волнении, страсти). Онтон, уоҕа-төлөнө уҕарыйбытын кэннэ, кыратык, быһыта-орута тыл бырахсан кэпсэттибит.
    Н. Заболоцкай
  • [Сөдүөччүйэ:] Уой, доҕоруом! Уурай, тохтоо-болҕой! Уоскуй, уҕарый эрэ!
    А. Сыромятникова
  • [Сидор Сидорович Ираҕа суругар:] Эн биһиги уоттаах тапталбыт хаһан да уҕарыйыа суоҕа, өрүү тыыннаах кэрэ сибэккилэринэн киэркэйэн, сириэдийэ, симэнэ туруоҕа
    В. Ойуурускай

2 туохтуур #

Арыый да чэпчээ, бэттэх кэлиэх курдук буол (ыарыһах туругун туһунан)

Нууччалыы Пройти, утихнуть (о болезни), выздоравливать

  • Байанай быарын тииһигэ – эмиттэн дуу, итиигэ угуттанан дуу, – арыый уҕарыйда. Софр. Данилов. Ыарыыта уҕарыйыах быһыыта биллибэтэ, хата эбии сэтэрэн истэ.
    ХС
  • Ый саҥа төрөөһүнэ киһиэхэ улаханнык дьайар, ити кэмҥэ киһи бэл ыарыыта уҕарыйар, санаммыт санаатын толорор
    Чолбон

«У» буукуба