Перевод с якутского
түһүү
аат тыл, аат
Нууччалыы спад, понижение, убыль
этии
түс I диэнтэн хай. аата. Ол түһүүттэн антах таба аһылыга суох буолан, ыт көлөнөн олорор дойду эбит. А. Софронов Күүтүҥ туман түүн түһүүтэ, Күүтүҥ аалай сарсыарда, Сырдык Саҥа дьыл кэриэтэ Мин кэлиэҕим хайаан да. И. Гоголев Кырдьаҕас Крыжановскайдар дьоҕус оҥоһуулаах кыракый дьиэлэригэр кэлии-барыы, түһүү элбэх буолара. "Кыым"
Өссө холобурдар (3)
түһүк I диэн курдук. Эти түһүүнэн биэрэр баайдар албыннаан көтөҕү биэрэллэр. Амма Аччыгыйа Хас биирдии ыалга уоннуу бэрэбинэни таҥара дьиэтин тутуутугар киллэрэллэригэр түһүү түһэрбиттэрэ. Н. Якутскай Суотту киһитигэр Баһылайап Ньукулайга икки буут уон муунта эти түһүү түһэрбиттэр. П. Аввакумов
Этиилэр
Санаа түһүүлээх көр санаа II
Санаа түһүүлээх кэпсээн.
Санаа түһүүтэ көр санаа II
Ардыгар санаа түһүүтэ да ханна барыай. Ср. каракалп. түсиу ʽпадение’