Перевод с якутского
тубус
туохтуур
Нууччалыы мириться
English (diplomacy, general) to make peace with someone, to reconcile with someone
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Нууччалыы мириться
English (diplomacy, general) to make peace with someone, to reconcile with someone
кинилэр кыыһырсан баран тубустулар поссорились и помирилисьafter quarrelling, they reconciled
2 туохтуур #
Нууччалыы улучшать; выздоравливать
English to improve, to recover
самыыртан ходуһа ото тубуста луговая трава отошла после дождяthe meadow grass recovered from the rain доруобуйам тубуста здоровье поправилосьmy health improved
3 туохтуур #
Уруккугунааҕар үчүгэй буол, үчүгэй өттүгэр уларый
Нууччалыы Становиться лучше, улучшаться. [Уйбааныс:] Мин дьон олоҕо тупсарын, сайдарын иннигэр күүспүн харыстыыр санаам суох этэ да, күүс кыайбат
Доруобуйа тупса турдун, Дьолбут ордук туругурдун! Күннүк Уурастыырап Сөдүөччүйэ -- санаата арыый тупсан, аргыый аҕай дайбаан бара турда М. Доҕордуурап
4 туохтуур #
Кэрэ, тупсаҕай буол, киэркэй, кэрэтий
Нууччалыы Становиться краше (о чём-л.)
Бу күнтэн ыла мин тулабар туох барыта тубуста, киэркэйдэ. Амма Аччыгыйа Айылҕа көҕөрөрүн саҕана хаһааҥҥытааҕар даҕаны тупсар.
Н. ЛугиновДьокуускай куорат кэҥээбит, улааппыт, тупсубут даҕаны У. Ойуур
5 туохтуур #
Сааскын ситэн, эт тутан, төлөһүйэн, кэрэ буолан көһүн, кэрэтий (үксүгэр кыыс оҕо туһунан)
Нууччалыы Становиться красивее, хорошеть, цвести (обычно о девушке)
Ийэм -- сиэркилэҕэ көрүнэр, чахчы тупсубутун көрөн, үөрэн сыһыгырыы күлэн ылаат, миигин кууспахтыыр. И. Гоголев Венера сыл аҥаарын кэриҥэ Москваҕа кууруска үөрэнэн, тупсан ахан кэлбит.
Н. Лугинов[Кеша] ол турдаҕына кыыһа чугаһаан кэллэ, тупсубута, туртайбыта айыы үлүгэр Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
Ситэн-хотон, уойан төлөһүй (кыыл, сүөһү туһунан). Θ Становиться крупнее, набирать вес (о животных, скоте). Кини [Күндэли алаас] собото -- дьэ үчүгэйдик тупсан, сыаланан, искэхтэнэн үөскээбит. Л. Попов Төлөһүйэн, тупсан, түүлүүн-өҥнүүн эрдэ харалаан хаалбыт ньирэйдэргэ Витя кэллэ. Н. Заболоцкай Ынах күөх аһылыкка үчүгэйдик тубустаҕына, сорох ардыгар от уонна атырдьах ыйыгар ордук үүттэнэр ГМФ ССССС
6 туохтуур #
Кими эмэ кытта кыыһырсан, өстөһөн бүт, эйэлэс
Нууччалыы Прекращать вражду, восстанавливать, налаживать добрые, мирные отношения, мириться с кем-л
Омоҕой оҕонньор күтүөтүн кытта тупсан, көһөн кэлэн бииргэ олоруох буолбут. Н. Неустроев Ол аата бу дьон -- аныаха диэри тупса иликтэр эбит
Н. Лугинов
7 #
ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, ту-, туо- диэн саҕаланар сорох олохторго сыстар: тубус-туруору, тубус-туора
Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к некоторым основам, начинающимся на ту-, туо-: тубус-туруору ‘отвесный’, тубус-туора ‘совершенно противоположный’
Туос акаары дьайбыта Тубус-туора барыта: Ортотуттан саҕалыыр, Саҕалаан иһэн: "Бүттэ!" – диир. С. Данилов Үрдүк, тубус-туруору, сыгынньах таас дьааҥылар көрө иһиэххэ дьикти кэрэлэр Н. Заболоцкай