Перевод с якутского
аанньа
кэнники тыл, аат тыл, даҕааһын, сыһыат, туохтуур
Нууччалыы прорубь, в которую ставится верша
Ис хоһооно · 8
1 аат тыл #
, түөлбэ. Туу ойбоно
Нууччалыы Прорубь, в которую ставится верша
2 этии #
Аанньа туута - устугас балыкка угуллар симэ мастаах туу
Нууччалыы Часто плетеная верша на рыбу, идущую вниз по течению
3 сыһыат #
Үчүгэйдик, ситэри, киһи санаата астынарынан (туохт. буолб. ф. кытта мэлдьэх., утарар этиилэргэ тут-лар)
Нууччалыы Хорошо, прилично, как подобает (употр. с отриц-ой ф. гл. и в отриц-ных оборотах)
Кууһума аҕыйах хонук иһигэр аҥара эрэ хаалла, урукку архах сэллигэ көптө, түүн аанньа утуйбат буолан сордонно. Н. Павлов Прокопий Сергеевич ытынан сылдьар сылаалаах, унньуктаах айаҥҥа соччо үөрүйэҕэ суох буолан, аһыах санаата аанньа кэлбэтэҕэ. Н. Заболоцкай Халлаан аанньа сырдыы илигэ А. Сыромятникова
4 даҕааһын #
суолт. Үчүгэй эрэллээх, астык (үксүгэр буолб. ф-ҕа, мэлдь., утарар этиилэргэ)
Нууччалыы Добротный, порядочный, путный (обычно в отриц. ф. и отриц. оборотах)
Аанньа тэрилбит суох. Аанньа үлэ тахсыбат Н. Габышев
5 этии #
Нууччалыы Обращать внимание; считаться с кем-л. (обычно употр. в отриц. ф. в значении "игнорировать кого-л., пренебрегать кем-л
Этиилэр
Наар аанньа көр наар
Кыһарыйбыт курдук, барытын наар аанньа оҥорон, күн ахсын тымныы сэтэрэн иһэр. Н. Васильев Олох сатамматаҕына оннук наар аанньа буолан иһэр быһыылаах. Н. Якутскай
6 #
дьөһ
Ол гынан баран, кини [Дулҕа диэн ааттаах], кырдьык да, аатын аанньа, суол ортотугар олорор дулҕа курдук киһи, улахан иҥнигэн буолар таҥнарааччы. Н. Якутскай Улаханын аанньа модун күүстээх эбит. И. Данилов Дагдайбытын аанньа даар акаары (өс ном.)
Өссө холобурдар (1)
Төрүөт сыһыанын көрдөрөр. Θ Выражает причинные отношения. Сорохтор чэпчэкитин аанньа [атын үлэҕэ] баран хаалаллар. "Кыым". Ол мал килэйбитин-халайбытын аанньа төһө харчыга турбута буолуой? Н. Габышев
7 #
Предмет ханнык эмэ бэлиэтин хоту хайааһын оҥоһулларын ыйарга туттуллан, сөп түбэһии сыһыанын көрдөрөр
Нууччалыы Выражает отношение сообразности и соответствия, указывая, что действие совершается сообразно какому-л. признаку предмета (сообразно, соответственно с)
8 #
Ситим тыл суолтатыгар төрүөт салаа этиилэри холбуурга туттуллар
Нууччалыы В значении союза присоединяет придаточные предложения причины (потому что, по той причине, что)
Красильников атамаан кинини [Гордеевы] сирэй билэрин эрэ аанньа, Саха сирин сэриилэрин командующайыгар анаабыта. П. Филиппов Нэһилиэк киинэ оччотооҕуга Толооҥҥо баара. Онно кэлэн биһиги, Дьаамсыкпыт тохтообутун аанньа, оҕото-уруута суох, балыктаан-куобахтаан иитиллэн олорор Наһаардаах диэн оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ тохтообуппут. Софр. Данилов. Харчылааҕын эрэ аанньа, ханнык да таптала суох, кырдьаҕас, бүрэ дьүһүннээх огдообону ойох ылбыт.
А. ЧеховТэҥн. хоту