ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ойбон

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы прорубь

English an ice hole; icehole

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Нууччалыы прорубь

English an ice hole; icehole

  • ойбонно аллар
    прорубить прорубьto cut an ice hole

2 аат тыл #

Мууһу аллардахха тахсар уулаах чөҥөлөк

Нууччалыы Прорубь, лунка, отверстие во льду

  • Ойбон мууһун ыраастыыр сүүр курдук оҥорон, онон бултаабыттар.
    Далан
  • Күөл ортотугар төгүрүк ойбон аллараллар.
    М. Попов
  • Балыксыттар тууларын субу аҕай көрбүттэр, ойбонноро буруолуу сытар
    Сэмээр Баһылай

3 аат тыл #

Кыыл баһын оройо, дьулайа

Нууччалыы Теменная часть головы зверя (уязвимое место)

  • Эһэ ойбонун тэһэ оҕустахха, кини бэрт улахан куттала суох
    ПЭК СЯЯ
  • Бадаайы хамыйаҕын ылан кытыйаҕа ыытан кэбиспит, онтукайа ким баҕарар иһэр ойбон кытаҕа буолбут.
    Саха фольк
  • Былыргы урууга кымыһы уонна эти кытта хайаан да ойбон саламаат, арыылаах суорат баар буолар эбит.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Киэһээҥҥи аһылыкка Маарыйа эмээхсин икки уһаат кымыһы киллэрэн, ойбон кымыс аһан кэбистэ
    М. Доҕордуурап

4 аат тыл #

этногр. Ойуун биилиттэн үөһээ өттүгэр баар көҥдөй сирдэр (кыырарыгар турукка киирэн баран, ол сиригэр уһуктааҕынан, биилээҕинэн да анньыннаҕына туох да буолбат, хаан да тахсыбат)

Нууччалыы Полые неуязвимые места туловища шамана (во время камлания, в состоянии транса, шаман может воткнуть в такое место что-л. острое, а тело при этом остается целым и невредимым)

  • Дьиҥнээх ойууннар, удаҕаннар эттэригэр-сииннэригэр хастыы да ойбонноох буолаллар.
    И. Гоголев
  • Итинник былыр-былыргыттан улахан айдарыылаах, ойбонноох эрэ ойууннар оҥорор кыахтаахтара
    ИПН ОАК

5 даҕааһын #

суолт. Толору, түгэҕэ көстүбэт астаах (иһити этэргэ); дэлэгэй, бараммат (аһы этэргэ)

Нууччалыы Переполненный так, что не видно дна (о сосуде); обильный, в изобилии (о еде)

6 этии #

Нууччалыы Глубокая рана (душевная)

  • Ойбон баас нор. айымнь., поэт. - ааһан-араҕан биэрбэт ыар өйдөбүл Уоттаах-күөстээх охсуһуу Уурайбытын кэнниттэн Ойбон бааһы оһоруу Оппуоһугар турдубут. Саха нар. ыр. III. Сэрии, оһол уота умуллан Ойбон бааспыт оһоруллан, Илиилэрин ньыппарынан Үлэ дьоно турдулар. Эллэй. Саха норуота, Иннигинэн дьулуруй Улуу аҕа дойдубут Ойбон бааһа остун диэн.
    С. Васильев
  • Ойбонун тап - тоҕоостоох түгэни таба туһан, мүччү тутума; ким эмэ санаатын тап. Θ Не упустить, использовать момент; найти подход к кому-л. Санин киһитин санаатын көтөҕөөрү ойбонун таппыта, уоскутар тылы чуо булбута.
    И. Тургенев
  • Уолбат ойбон - дэлэйэ, эбиллэ турар ас-үөл, бараммат баай-дуол. Θ Неиссякаемый источник изобилия и богатства. Уолбат ойбон, Уйгу-быйаҥ Дьоллоох туона, Кэскиллээх тэлгэһэ Алгыстаах ыһыах Биһиэхэ буолла курдук! Саха нар. ыр. I. Аттаах хонуга, Сатыы өйүөтэ Уолбат ойбон Чөҥөрө чүөмпэ буолаарыҥ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (3)
  • Солооһуммут, уулаатахха быһаҕас түспэт уолбат ойбон курдук, үрдүк үүнүүнэн өрүкүйэн эрэр.
    М. Доҕордуурап
  • Хайыр (хайырбыт) ойбон харахтаах фольк. - дириҥник чөҥөрүйэн көстөр харахтаах (Дьыл оҕуһун хоһуйарга тут-лар халбаҥнаабат олук). Θ С глубоко посаженными глазами (постоянный эпитет в фольк. произведении для описания символа зимы - по представлению предков - огромного быка изо льда). Дьыл оҕуһа Болуо муус муруннаах, хайырбыт ойбон харахтаах Кыаһаан муус кыламаннаах.
    Саха фольк
  • Көмнөх хаар көлөһүннээх, Хайыр ойбон харахтаах, Уһун ураа муостаах Дьыл оҕуһун Утаардаҕым буоллун! Өксөкүлээх Өлөксөй

7 этии #

Нууччалыы Одна из маленьких прорубей, через которую при подлёдной ловле неводом длинными жердями гонят рыбу

Этиилэр

Кулгаах (үтүмэх) ойбон көр кулгаах

Чэгиэн мууһу Хоруо курдук Хордурҕаччы анньаннар Кулгаах ойбонноро диэн Кудулутан кэбистилэр. Болот Боотур. Күрэх ойбоно - муус аннынан муҥхалыырга балыгы нырыылаан күрэтэр кыра-кыра ойбоннортон биирдэстэрэ Күрэх ойбонноро диэн Көҥүрүтэн истилэр. "ББ". Ойбон арыы эргэр. - урут сахалар ууллубут ынах арыытын этэллэрэ (хол., ыһыахха).

Топленое сливочное масло (напр., приготовляемое для угощения на ысыахе).

  • Ордьоох баай кыыһа улахан түһүлгэ ортотугар ынах арыытын уулларан баран, саар ыаҕаска кутан, ойбон арыы диэн оҥорбут.
    М. Соров
  • Сүрүн остуолга ойбон арыы ууруллара.
    В. Кондаков
Өссө холобурдар (1)
  • Былыр ыһыахха ууллубут арыыны улахан иһиккэ кутан, иһэн күрэхтэһэллэрэ үһү, ону ойбон арыылаах ыһыах диэн ааттыыллар. КЕФ СТАҮө. Ойбон ас эргэр. - былыр улахан иһиккэ ууллубут арыыга лэппиэскэни тооротон уонна сылгы иһин кырбаан кутан оҥорор астара (урууга ыалдьыттары күндүлүүр астара). В старину: блюдо, представляющее собой большое количество масла с крошеными лепёшками и конскими внутренностями в огромном сосуде (угощение для гостей на свадьбе). Уруу саҕаланыыта ыалдьыттарга ойбон аһы амсаттылар.

Ойбон баас көр баас II

  • Хотойу үс төгүрүк сылга иитиэхтииргэ сөбүлэһэн, ойбон баастарын бэйэтэ билэринэн отоһулаан эмтээн кэбистэ.
    Д. Апросимов
  • Күн Толомон Ньургустай Тоҕус сиринэн ойбон баастаммыт, Аҕыс сиринэн сырҕан баастаммыт.
    ТТИГ КХКК

Ойбон күөл (көлүйэ) - 1) көр күөл

Анньыллыбыт сэргэ мас Охтон-сууллан түспэтин, Аллаһыылаах ойбон күөл, Уута уолан бүппэтин. Күннүк Уурастыырап. Бөһүөлэк анныгар бүөрдүү түһэ сытар быыкаа уһун синньигэс ойбон күөлэ мууһун үрдүнэн барбах эрэ ньалҕарыйбыт этэ. Н. Заболоцкай; 2) ойбоҥҥо маарынныыр төгүрүк күөл.

Маленькое круглое озерцо.

  • Ойбон көлүйэҕэ хомус быыһынан үөмэн киирбитим.
    М. Тимофеев-Терешкин
  • Ойбон тимир этногр. - ойуун кыырар таҥаһын көхсүгэр баайыллар, ортотугар хайаҕастаах төгүрүк тимир; күһэҥэ (саха итэҕэлинэн бу тимир сири бэлиэтиир, онтон хайаҕаһынан ойуун Аллараа дойдуга киирэн тахсар). Металлический кружочек (с отверстием в середине) на спине шаманского костюма (по поверью якутов, кружочек обозначает землю, а вырез - прорубь, лунку, через к-рую шаман спускается в Нижний мир). Ойуун ойбон тимирэ кыырарыгар улахан суолталаах. Ойбонтон уулааһын - өбүгэ оонньуута: уҥа илиигинэн хаҥас кулгааххын, хаҥас илиигинэн уҥа атаххын тутан баран сиргэ турар тугу эмэ (хол., уулаах иһити) төҥкөйөн айаххар кыбытан ылыы. Игра предков: прихватывая правой рукой левое ухо, придерживая левой рукой правую приподнятую ногу, игрок должен ртом поднять какой-л. предмет с пола (напр., сосуд с водой). Ойбонтон уулааһын - оҕо эрдэхтэн дьарыктаннахха улахан туһалаах буолуон сөп. ФАС ӨОо. Ойбону көһөрүү - өбүгэ оонньуута: муннукка турар икки иһит уутун утары турар икки кураанах иһиккэ тугунан эмэ (хол., хамыйаҕынан) баһан таһарга күрэхтэһии (түргэнник таһан бүтэрбит уонна элбэх ууну таспыт хамаанда кыайар). Игра предков: из двух сосудов с водой нужно перетаскать воду чем-л. (напр., черпалкой, большой деревянной ложкой) в пустые сосуды, стоящие напротив (побеждает команда, к-рая первой опустошила сосуд с водой и у к-рой оказалось больше воды в перемещённых сосудах). Ойбону көһөрүүгэ хас да киһи икки аҥыы хайдан оонньууллар. ФАС ӨОо. Ойбон хайыҥа - аллардахха ойбон тула мунньуллан тахсар муус, ойбон кытыытыгар чөмөхтөммүт муус. Ледяной валик вокруг лунки проруби. Сэбирдэх [киһи аата] маҥкытын төбөтүн ойбон хайыҥар тирээн баран, куоҕалдьытан куйуурун бадараанын тэбии турда.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Убаһалары уулатар ойбоннорун хайыҥа өрөһөлөнөн түһэн тугун улаханай. Сэмээр Баһылай. Сулгаах ойбонноро - муҥха икки ойоҕоһунан сөп түбэһиннэрэн алларыллар кыра-кыра ойбоннор (түһүүттэн таһаарыы чардаакка диэри муҥханы соһорго аналлаахтар). Небольшие проруби по обеим сторонам тони для проталкивания вперёд неводных норил (от основной большой проруби, куда опускают невод до той, через к-рую выталкивают). Сулгаах ойбоннорун аллартаан бүттүлэр. Ср. уйг. ойпаҥ ‘впадина, рытвина’, тув. ойбак ‘небольшая круглая полынья, прорубь’

«О» буукуба