ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тилэх

аат тыл

Нууччалыы задняя часть ступни, пятка

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Уллуҥах кэлин өттө

Нууччалыы Задняя часть ступни, пятка

  • Тилэҕэ күлтэччи хабыллан таҕыста, от үргээн угунньа симиннэ.
    Болот Боотур
  • Мин аргыстарым -- сырсан тилэхтэрин тыаһа тибир ойо турда.
    Т. Сметанин
  • Байанай -- сыгынньах атахтарын тилэҕэ чигди мууһугар сыстан уотунан салаамахтаата.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. тиҥилэх

2 аат тыл #

Атах таҥаһын уллуҥун кэлин өттө

Нууччалыы Задняя (пяточная) часть обуви, задник

  • Оноҕочоон Чоохоон этэрбэһин тилэҕэр бүргэс тиктибит.
    Саха фольк
  • Этэрбэс тилэҕэ бөрө аһыытыгар сириттэн "парк" гынна
    Т. Сметанин

3 этии #

Нууччалыы соотв. показывать пятки

Этиилэр

Тилэх баттаһан (үктэһэн, тэпсиһэн) көр баттас

Булчуттарбыт биһиэнэ Тилэхтэрин тэпсиһэн Тэҥҥэ сүүрэн тиийэннэр Тиити тула турдулар. Т. Сметанин. Ньиэмэстэр уолуйан куоппуттара. Кинилэр кэннилэриттэн тилэх баттаһан, дэриэбинэҕэ киирбиппит. И. Сосин. Тайахтарым мин ыппыппынааҕар, арааһа, түргэнник ыстаннылар быһыылаах, ыттарым тилэх үктэһэ турдулар. С. Федотов. Тилэх биэр - буут биэр диэн курдук (көр буут I). Арай, сутаабыт бөрө иҥсэтин баһыттара куттаннаҕына тилэх биэрэр. "ХС". Тилэх бэрдэр - суулун, эһин (үйэ, былаас туһунан).

Быть упразднённым, рушиться (напр., о веке, власти).

  • [Саһыл Ойуун - Оруос Баайга:] Эн бэйэҥ билэн олордоҕуҥ - эрэллээх-эҕэрдэлээх эргэ үйэбит Тиэрэ тэптэрэр, тилэх бэрдэрэр Тиксиилээх күчүмэҕэй күнэ кэлбитин.
    П. Ойуунускай
  • Тилэх уопсар - хаалсыбакка батыһар. Идти, ходить по пятам, не отставая (букв. хватать ртом пятку). Бастакы ыт күрүөнү үрдүнэн түстэ, эккирэтээччибит да тохтоон-толлон турбата, тилэх уобуста.
    В. Сыромятникова
Өссө холобурдар (4)
  • Саапаан доҕорун батыһан тилэх уобуста.
    А. Бродников
  • Тайҕа маһын тоҕо кулаан Тайах бэрдэ тамаһыйар! Тайыыны туппутунан Уолан киһи тилэх уопсар! ППМ. Тилэххин (тилэххинэн) тэнит - киэҥ сири үгүстүк сатыы сырыт, кэрий. Обойти много мест, побывать во многих местах (обычно пешком) (букв. раздвинуть пяткой). Барыларын былыр Ньукулааһалыын тилэхтэринэн тэниппит сирдэрэ эбиттэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Хаалбыта тилэхпин тэниппит Кылбаархай хонуулаах кырдалым.
    Күннүк Уурастыырап
  • Киэҥ Арассыыйа хотуну атахтарын тилэҕинэн тэниппит аххан бэйэтэ эбит. Н. Заболоцкай

4 этии #

Нууччалыы Мягкая часть ладони (у запястья) (букв. пятка ладони)

  • Ытыс тилэҕэ - ытыс бэгэччэк диэки өттүнээҕи көп этэ Үрэкиин -- ыараханнык өрө тыынна, кэтит сүүһүн ытыһын тилэҕинэн сотунна.
    Болот Боотур
  • Богатырёв моонньун модьу ытыһын тилэҕинэн имэриммэхтээтэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Бүөтүр Уйбаанабыс төбөтүн хаччаҕайын ытыһын тилэҕинэн имэринэр.
    И. Никифоров
Өссө холобурдар (2)
  • Лөкөй -- сүүһүн көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбытын ытыһын тилэҕинэн ньухханан кэбистэ. Тумарча. Эт тилэҕинэн - эт атаҕынан диэн курдук (көр атах). [Бурҕаллай:] Иннэ-кэннэ биллибэт Иҥин эгэлгэ систэрин Эт тилэхпинэн Кэмниир эрэйбиний?
    П. Тобуруокап
  • Эт тилэҕинэн элбэх сири мээрэйдээбитэ. В. Барабанскай

«Т» буукуба