ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күөл

аат тыл

Нууччалыы озеро.

English lake

1 аат тыл #

Тула өттө кураанах сирдээх, балык, көтөр үөскүүр уу бүтэй түөлбэтэ

Нууччалыы Озеро. Биир күтүр улахан сүүнэ күөл хаба ортотугар, кутаалаах уот курдук, күн чаҕылыйа сандаарар. Күндэ. Бу дойду өрүстэрэ уонна күөллэрэ бараммат балыктаахтар. И. Данилов. Тюрк. көл

2 этии #

Нууччалыы Пьяный в дым

Этиилэр

Билэр күөлүм балыга көр балык

  • Суобаһы билбэтиҥ итинэн көстөр -- Сэмэнтэн мин оччо соһуйбаппын. Билэр күөлүм балыга.
    Амма Аччыгыйа
  • Тустууккунан да билэр күөлүм балыга этиҥ. Холоон ини - Бүлүү бөҕөһүн хоторуҥ!
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Күөл акаары - далай акаары диэн курдук (көр акаары). "Сеня, эн миигин күөл акаарынан ааҕаҕын дуу?" - Дьулус иллээхтик күлэр.
    Л. Попов
  • Биһиги ийэ ууһа эһиннэхпит. Ити мин күөл акаары уолум тыыннаах хаалан сир чэчирэ буолан сириэдийэр үһүө.
    Эрилик Эристиин
  • Күөл иһээччи - буор иһээччи диэн курдук (көр буор). Аа-а, Таракаан дуо? Манна олохтоохтор бары кинини Таракаан диэн ааттыыллар. Күөл иһээччи. Софр. Данилов. Күөл итирик - олус итирик Булумдьу, -- күөл итирик соһуллан-сыһыллан, ыкса киэһэ кэлбит. Л. Попов

3 этии #

Нууччалыы Озеро, на аласе

  • Алаас күөлэ - алаас иһигэр сытар күөл Алаас күөлэ сөтүөлүүр оҕолорунан туолбута.
    Н. Заболоцкай
  • Көлүйэ күөл - кыра күөл. Θ Маленькое озеро размером в пруд. [Алаа Моҕус] бэйэбин сиэри гыммытыттан куотан, көлүйэ күөлбэр киирбиппэр, эккирэтэн иһэн, халтарыйан охтон хаалла.
    Саха фольк
  • Самантан тус арҕаа диэки сөтүөлүү оонньуур көлүйэ күөл баар буолуо. Ньургун Боотур. Күөл атаҕа - күөл синньиир утаҕа. Θ Вытянутое ответвление от озера, залив у озера. Күөл атаҕар кустар түстүлэр. Күөл баһа - күөл саҕаланар киэҥ өттө. Θ Широкая часть озера. Күөл баһыгар от оҕустум. Күөл былыыга - күөл түгэҕиттэн хостонор, сылгыга, ынахха сиэтиллэр бадараан. Θ Озерный ил, сапропель. Урут Чурапчыга "Соловьев Амматыгар" күөл былыыгын [сылгыга] сиэтэ сылдьыбыттара баара да, таах хаалла быһыылаах. "Кыым". Күөл кыламана - күөл кытыыта, күөл кытыытынааҕы чычаас ууга от үүнэн турар сирэ. Θ Мелководная береговая часть озера. Күөл кыламаныгар кустар уста сылдьаллар. Күөл ньургуһуна - күһүҥҥү ньургуһун. Θ Подснежник, растущий осенью. Үчүгэйгэ тахсар дииллэр Күөл ньургуһуна. "Кыым". Күөл хараҕа - күөл саамай дириҥ уута. Θ Самое глубокое место озера, омут. Бу күөл хараҕа хоту өттүгэр баар. Ойбон күөл - кыһын кыстык кэмигэр ойбоннонор күөл. Θ Озеро вблизи зимовья, предназначенное для водопоя скота. Олоон көрөн сураһыы Ойбон күөлгэ тиийбэккэ умнуллар.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (6)
  • Тыымпы күөл - кытылыгар сыһыыта-хонуута суох, хара маһыттан уулаах күөл. Θ Лесное озеро (без береговой полосы). Хара тыа ортотугар төгүрүк тыымпы күөл кубарыйан, долгулдьуйан көстөр.
    Н. Неустроев
  • Тыа тайҕа чуумпуран турар, Тыымпы күөл түһүү сытар.
    С. Васильев
  • Үрэх күөлэ - үрэх сүнньүгэр сытар күөл. Θ Озеро, находящееся в русле речки. Үрэх күөлэ сыл аайы уларыйа турааччы.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьэ диэ, биһиэхэ бултаан аһыыр дьоҥҥо, бу үрэхпит күөлэ мөлтөөбүт, уута олус дьара буолан!
    А. Сыромятникова
  • Элгээн күөл - өрүс таһыгар сытар уһун синньигэс дириҥ күөл. Θ Продолговатое глубокое озеро, находящееся возле реки. Куораттан алта уон килэмиэтири бардахха хомустаах уһун элгээн күөллэр бааллар.
    Далан
  • Элгээн күөллэрдээх, киэҥ ходуһалардаах, дьураа-дьураа иирэ талахтардаах киэҥ арыы быһыылаах. Н. Якутскай

«К» буукуба