ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мунду

аат тыл

Нууччалыы гольян озерный

English minnow, especially the lake minnow or swamp minnow

I

1 аат тыл #

Күөлгэ үөскүүр сырдык өрөҕөлөөх хараҥа систээх кыра балык

Нууччалыы Гольян озерный

  • Уоһук ытыы-ытыы тымтай түгэҕин одуулаһар: аҕыйах мунду уонна быччыкы эрэ баар.
    Н. Якутскай
  • Доропуун оҕонньор, били эспит тууларын хат сөргүтэн мунду бөҕөтүн хостоон эрэрдии субуйа-суккуйа олордо.
    Н. Заболоцкай
  • Күөлтэн чугас, булгунньах тэллэҕэр кулуһуну күөдьүччү оттон, мундуну үөлэн, чэй өрүнэн аһаары олорбуппут
    Н. Габышев

2 этии #

Нууччалыы Запутаться в мыслях, быть сбитым с толку

Этиилэр

Кытыа мунду буол көр кытыа

- Куралай Кустук дьэ эбии өһөҕө үллэн, өһө-сааһа умайан, хаана чаккыраан, бүтүннүү кытыа мунду буолан -- охсуһуу киэнэ содуомнааҕар утаппыттыы баҕаран, өрө кыбдьыгырыы турда. Д. Апросимов. Мунду булумах буол - булкуллан, тугу да күттүөннээҕи быһаарбат, оҥорбот курдук буол Тиэхээс төбөтүн иһэ мунду булумах. Өр утуйбакка сытан, сарсыҥҥы муҥха дьонун санаан таҕыста. Н. Босиков. "Күнүскүбүн ыан баран тиийиэм", - диэбит ийэтин саҥата иһиллэргэ дылы гынар. Устунан сыбах сыбыы турар дьахталлар көһүннүлэр. Барыта мунду булумах. Н. Босиков. Мунду миинин курдук - барбатах балык миинин курдук диэн курдук (көр балык). Бырабылыанньа дьиэтин иһэ ыы-быччары. Мунду миинин курдук будулуччу көрбүт, кып-кыһыл сирэйдээх холуочук дьон тэлбиҥнэһэллэр. П. Егоров. Улуу дьыл обургу мунду миинин курдук Буһуруктуйан киирэн барда. С. Зверев. Иккиэйэх хаалан бараннар бырааттыылар үп-үрүҥ тумаҥҥа бүрүттэрэн, күннэрин көрбөккө, мунду миинин курдук бүдүө-бадыа иһигэр сылдьан бултаатылар. "ХС". Мунду сырыыта - олус түргэн, суһал кэлии-барыы, сыыдам сырыы.

Стремительное движение взад-вперед.

  • Оччолорго эдэр-сэнэх буоламмыт сырыыбыт мунду сырыыта буолар.
    В. Иванов
  • Ср. эвенк. пунну ‘гольян’
II

3 аат тыл #

Туох эмэ тимир сэп алдьанан, кэбирээн эрэр сирин бөҕөргөтөргө сыһыарыллар абырах, самалык

Нууччалыы Планка или пластинка, железка, припаянная для скрепления двух частей чего-л. металлического

  • Мунду уур. ПЭК СЯЯ. Хотуур төбөтүгэр тимир ууһа мунду уурбут
    СГФ СКТ

«М» буукуба