ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баас

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы горе

English grief, sorrow

Ис хоһооно · 10

1 аат тыл #

Нууччалыы горе

English grief, sorrow

  • сүрэх бааһа
    рана сердцаa heart wound
II

2 аат тыл #

Тас дьайыыттан тыынар тыыннаах (хол., киһи, сүөһү) этэ дьиэгириитэ, алдьаныыта, илдьирийиитэ

Нууччалыы Повреждение от какого-л. внешнего воздействия, рана, ранение (на теле кого-чего-л.)

  • көр баайсыс. Ньукуу атыыһыт тыыннааҕа буоллар, билигин Хабырыыһы элбэхтик сордуох-муҥнуох этэ. Баҕар сымыйанан бааһан, бассабыыктарын барыларын хараарда сатыах этэ.
    И. Гоголев
  • Сэрииттэн сыккырыыр тыына эрэ эргиллибит киһини бааһан, хаайа-сууттуу турбуттара баар! “ХС”
  • Ол кэмҥэ кыысчаан бааһын хам тикпиттэрэ, онуоха кырачаан Халерхаа ытыы сатаан баран, сэниэтэ эстэн утуйан хаалбыта.
    С. Курилов
Өссө холобурдар (2)
  • Кини тоҕо эрэ бааска күл үчүгэйин дакаастыан баҕарда.
    Амма Аччыгыйа
  • Иитиллибит алааһым эмтээх салгынынан тыынабын, Өлүөнэм эмтээх уутунан Бааспын оһорунабын
    Т. Сметанин

3 аат тыл #

Кыра алдьаныы, дьукку барыы (хол., үүнэн турар мас тас өттө)

Нууччалыы Небольшое повреждение, порча чего-л. (напр., на внешнем слое деревьев)

  • Тииттэргэ снаряд оскуолката тоҕута көппүт баастарыттан, симэһиннээх харах уутун курдук, араҕас сымала бычылыйа түстэ
    Т. Сметанин

4 аат тыл #

Алдьаныы-кээһэнии (хол., сэрииттэн)

Нууччалыы Разруха, разрушение (напр., от войн)

  • Аҕа дойду сэриитин күчүмэҕэй дьыллара, бааһы оһорунар иһин күргүөмнээх үлэ сыллара ааспыттара. “Кыым”. Харьков билигин ньиэмэстэр хаалларбыт баастарын оһорунар. Саллааттар с. Сэрии бүтэн, Чуумпу Дон уолаттарын көрсүбүтэ, Сэрии сиикэй бааһа оһон, Олох-дьаһах көммүтэ
    И. Артамонов

5 аат тыл #

Санааҕа эриттэрии, дууһа муҥнаныыта, ыар санааҕа ылларыы

Нууччалыы Душевное страдание, мучение

  • Хамначчыттар, дьадаҥылар сүрэхтэригэр-быардарыгар саас үйэ тухары дьөлө иҥэн ааллара сылдьыбыт баастарын таба этитэн, сэргэхсийэн истилэр.
    М. Доҕордуурап
  • Хотуур уһуйбут уһуга Куруук көстө сылдьар этэ. Оннук дууһаҥ ыалдьар бааһа Суол хаалларан чэрдийбитэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Мин буойун сахабын. Олох, дьон өстөөҕүн Мин сүүстэ көрсөммүн Босхоҥноон буолбатах, Баас ылан сытабын.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. бааш, баш, паш

6 этии #

Нууччалыы Незаживающая душевная рана

  • Оспот баас - өйгө-санааҕа иҥэ сылдьар умнуллубат баас Хаһан да ааспат ахтылҕан, хаһан да оспот баас.
    П. Ойуунускай
  • Ол сыл элбэх оспот бааһы Хаалларбыт сүрэх аайы.
    И. Гоголев
  • Сүрэх бааһа - өйгө-санааҕа кытаанахтык иҥэ сылдьан аалар ыар санаа. Θ Постоянные душевные боли, страдания. Киһи сүрэҕин бааһын бириэмэ эрэ оһорор диэн ханна эрэ аахпытын өйдөөн кэллэ.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (3)
  • Ол барыта сүрэх бааһа буолбута.
    В. Протодьяконов
  • Сүрэх баастаах киһини долгутан кэбиспититтэн кэмсинэн, уоскутар быһыынан тыл кыбытта.
    С. Никифоров
  • Эргэ бааһын таарый (тарбаа) - урут туох эмэ өй-санаа, эт-хаан эрэйэ буола сылдьыбытын санат, өйдөт. Θ Задевать за живое (соотв. наступить на мозоль). Биһиги курдук, Аҕа дойду Улуу сэриитин уотун ортотунан ааспыт аҕам саастаах дьоҥҥо, ити барыта эргэ бааспытын тарбыыр. “Кыым”. Чэ, түксү. Эрэйдээх бэйэтэ да сөп буола сылдьар. Бааһын тарбаама. "ХС"

7 этии #

Нууччалыы Рубец (след от зажившей раны)

  • Баас онно - баас үтүөрэн чэрдийбитэ Онуоха хатыҥыр саннын уҥуоҕуттан курданарыгар диэри таҥнары субуллан баран тордуохтуу туора тардыллыбыт баас онно көстө түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Хоонньоспут түүннэригэр эр киһи кэргэнин этигэр чэрдийэ оспут баас оннун көрбүт.
    С. Курилов
  • Этэ бүттэтэ суох чэр, баас онно дииллэрин истэрбит.
    ХС
Өссө холобурдар (9)
  • Баас чэрэ - баас оспут онно. Θ Шрам. Баастарын чэрин дьон ытыктыы одуулаһар, бойобуой мэтээллэрин үрүҥ көмүс лыҥкырыгар эдэр ыччат ымсыырар.
    И. Гоголев
  • Ойбон баас - улахан, дириҥ баас. Θ Большая глубокая рана. Уоттаах-күүстээх охсуһуу Уурайбытын кэнниттэн Ойбон бааһы оһоруу Оппуоһугар турдубут. Саха нар. ыр. III. Умайаллара ойуур тыалар, Хоргуйар аччык куртахтар, Умайаллара ойбон баастар, Тиф ыарыыга охтубуттар. Эллэй. Өлөр баас - тыынар тыыннааҕы күн сириттэн сүтэрэр баас. Θ Смертельная рана. Өтөр-өтөр өлөр баастан Өрүөл сүрэх кыланара, Хара кынат кыламантан Харах уута сууллара.
    И. Гоголев
  • Сиикэй баас - аһаҕас, хахтамматах, хаан оҕуолуу сылдьар баас. Θ Открытая рана. Халтаһата бараммыт Хаан ириҥэ харахтаммыт, Тимир сааҕа тэһитэ сиэн Тириитэ бараммыт, Сиикэй баас буолбут.
    П. Ойуунускай
  • Атаҕын сиикэй бааһа дьаралыйан, [эһэ] туох баар этиттэн-хааныттан барытыттан тардыстан сылдьара.
    И. Федосеев
  • Сүрэх бааһа - сүрэх ыарыыта. Θ Боли в сердце, болезнь сердца. Кардиограмма тыла тыйыс, Бардам: "Сүрэҕиҥ баастаах!" - диир, "Бар! дьоҥҥунуун бырастыылас, Сүрэх бааһа оспот!" - диир.
    С. Данилов
  • "Олох кэрэ" - диэн ордоотуур судургу, Ол кэрэ туһугар охсуһар уустук, Сүрэҕим баастара - мин чулуу уордьаннарым.
    И. Гоголев
  • Сырҕан баас - өр кэмҥэ ыалдьар, үтүөрэн биэрбэт улахан баас. Θ Незаживающая большая рана. [Аҕаҥ] Аармыйаҕа биэс сыл сылдьан баран Эргиллэн кэлбитэ, үлэ үөһүгэр түспүтэ, Сырҕан баастара аһылланнар, Эрэйдэнэн өлөөхтөөбүтэ.
    И. Гоголев
  • Чэр баас - үтүөрэн онно эрэ хаалбыт баас. Θ Зажившая рана, от которой остались лишь следы. Уллуҥах чэр бааһын бэргэтэн Ыарыытын уйбакка ытыыра, Бу иһэн эрэйин эргитэн Элбэҕи иһигэр саныыра.
    Эрилик Эристиин
  • Түүн ынчыктыыр эргэ бааһын Дьарҕата арыт көбөн, Санаата эдэр сааһын, Кыһыл саллаат буолбутун. И. Гоголев
III

8 аат тыл #

Эр киһи саамай суон куолаһа

Нууччалыы Самый низкий мужской голос; бас

  • Иван Степанов бааһынан ыллыыр. АҮ

9 аат тыл #

Оннук куоластаах ырыаһыт

Нууччалыы Певец с таким голосом

  • Көрдөһөбүн, баастар уонна сопранолар актыыбынайдык ыллааҥ, дорҕоонноохтук, астыктык. АҮ
  • Конструктор Шошин салалтатынан баас чороон, контрабас кытыйа, дьөлөркөй күпсүүр инструмены оҥордубут. “
    Кыым

10 даҕааһын #

суолт. Сөҥ тыастаах хойуу дорҕоонноох (хол., муус инструмена)

Нууччалыы Низкий по звуку, басистый (напр., музыкальный инструмент)

«Б» буукуба