ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьиэк

аат тыл

Нууччалыы какой-л. изъян, дефект, повреждение, нанесенное цельному предмету

1 аат тыл #

Ханнык эмэ бүтүн предмет ханан эмэ алдьаммыта

Нууччалыы Какой-л. изъян, дефект, повреждение, нанесенное цельному предмету

  • Дьиэктээх тирии.
  • Онтон өйдөөн көрбүтэ: таас хайа барбыт курдук дьиэктээх эбит.
    Н. Якутскай
  • Дьиэтин сэбэ диэн Дьиэктээх мас кытыйалаах, Дьэбэрэлээх нэлэгэр тэриэлкэлээх, Дьэс алтан чаанньыктаах
    Эрилик Эристиин

2 аат тыл #

Ким, туох эмэ итэҕэһэ-быһаҕаһа; үчүгэй, сөптөөх, буолуоҕун туох эмэ тиийбэтэ

Нууччалыы Слабое место у кого-л.; недостаток, изъян

  • Быһата кини ийэтиттэн кыра да дьиэги булбат этэ, ийэтэ киниэхэ саамай үрдүк аптарытыат, саамай үрдүк идеал этэ. Софр. Данилов. Сорох дьон киһи куһаҕанын эрэ таба көрөллөр, бэйэлэрин бэрэбинэ да саҕа дьиэктэрин таба көрүммэттэр.
    И. Гоголев
  • [Манна] ханан дьиэктээххин көҥдөйдүү көрөр курдуктар
    А. Сыромятникова

3 этии #

Нууччалыы Быть неприступным, не поддаваться воздействию со стороны, чужому влиянию, не давать повода кому-л. делать что-л

Этиилэр

Дьиэк киллэримэ (биэримэ)

быыс-хайаҕас булларан, аһыллан биэримэ, ханнык эмэ тас күүс дьайыытыгар бэриммэккэ, уруккун курдук хаал Бэһис кууруска уолаттар доҕотторуттан сыбаайба эрэҥкэдийэн көөртөрө да, киһилэрэ дьиэк киллэрбэтэҕэ.

  • Биһиги көрдөһө, ааттаһа сатаан, хайа да өттүнэн дьиэк киллэрбэккэбит үлэбититтэн аккаастаммыта буолан, куттаан бардыбыт.
    Р. Кулаковскай
  • Урукку курдук ылбат-биэрбэт, саарыы сылдьыбат гына кини хайдах да дьиэк биэриэ суохтаах, кытаанахтык уонна тоҥуйдук туттуохтаах, хас биирдии тылын ыараҥнатан, өйдөөн-төйдөөн саҥарыахтаах эбээт.
    Я. Козак

Дьиэк ылан (булан)

сылтах булан, хайаҕас булан, тирэх ылан.

Находить повод, предлог для чего-л.

  • Онон тойонун [Абыраамабы] Маппыр тугунан эмэ киирэн, дьиэк булан, быһата "уодьуганныан" баҕарар. Л. Попов

«ДЬ» буукуба