ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уйул

аат тыл

Нууччалыы кривизна, шероховатость чего-л

1 аат тыл #

Туох эмэ (хол., мас сааһа) көнөтө суоҕа, токура

Нууччалыы Кривизна, шероховатость чего-л

  • Эт сааһа, уҥуох уйула суох баар үһү (тааб.: баттах). Баһырҕаччы суоран, тиит мас Хаһаас арыылыы саһарар. Уйулун устуруус ылан, Токур да мас чиккэс гынар
    Д. Апросимов

2 аат тыл #

Ким, туох эмэ итэҕэһэ-быһаҕаһа, дьиэгэ

Нууччалыы Несовершенство, изъян кого-чего-л

  • Уус тылгытынан Эппиккит иннигэр Уһуктаах иннэ Кылаан саҕа Уйулу булуоххут суоҕа!
    Д. Говоров
  • Орто дойду олоҕун Уйулун көннөрөн, Одуруунун умнаан, Сир ийэ көмүс уорҕатыгар Күн уотунуу күндээрэргэ.
    С. Зверев
  • Ол ырыа Тамара биһиги оҕолуу ыраас, өссө уйулу билэ илик эдэр сүрэхпитигэр түһэрэ
    Н. Босиков

«У» буукуба