Перевод с якутского
хатыы
аат тыл, аат, даҕааһын
Нууччалыы острая мелкая неровность, шероховатость, шипы, колючки
Ис хоһооно · 8
1 аат тыл #
Киһи этин аалар туох эмэ кыра сытыы сарымтаҕа, саркаах
Нууччалыы Острая мелкая неровность, шероховатость, шипы, колючки
Халтаһаларын иһигэр мас хатыыта киирбитин курдук аалар. П. Аввакумов Люба ачыкытын бигээбитинэн төҥкөйөн, түүппүлэтин иһиттэн от хатыытын тэбиир. У. Нуолур Киһи илиитигэр киирбит элбэх ахсааннаах хатыылар үрдүлэригэр чүмэчи буоскатын таммалатан, хатыылары түргэнник ылыахха сөп ДьХ
2 аат тыл #
Сорох үүнээйи умнаһыгар, аһыгар эбэтэр сорох кыыл (хол., балык, көтөр, үөн-көйүүр) этигэр баар сытыы иннэ
Нууччалыы Шип, колючка, игла на ветках, стеблях, плодах некоторых растений или на теле некоторых животных (рыб, птиц, насекомых и т. п.)
Дөлүһүөн хатыыта. Өтөх таһыгар аһыҥалар атахтарын хатыытынан кынаттарын аалан сырдырҕаталлар. Н. Якутскай Үгүс үүнээйилэр уу паар буолан көтүүтүн аҕыйатаары, сэбирдэхтэрэ олус кыра буолаллар, оттон сороҕор сэбирдэхтэрин оннугар хатыылар үүнэн тахсаллар. КВА МГ. Чиэрбэ өрөҕөтүгэр синньигэс, имигэс уонна кылгас хатыылар бааллар. ББЕ З
3 аат тыл #
Киһини өһүргэтэр, хомотор тыл-өс, аалар санаа-оноо
Нууччалыы Язвительное замечание, злобная насмешка, колючка, колкость
Маайа сүрэҕэр, өйүгэр: "Аны ким эрэ кэлэн албыннаан барбыта буолаарай?", – диэн санаа хатыы буолан дириҥник хатанар. Н. Якутскай Бу көрсүһүүттэн мин үөрүүм Айыына киэнин курдук толорута суоҕа, дууһам түгэҕин хатыы аалара. Далан Тыл да хатыыта, мас да хатыыта биир быһыылаахтар: бэрт кыралар да мэлдьи аалаллар П. Тобуруокап
4 этии #
Нууччалыы Неисчислимо много, бесчисленное множество
Этиилэр
Халлаан хатыытын курдук
ахсаана биллибэт элбэх Оҕонньоттор буоллаҕына "күөл диэн биһиэхэ халлаан хатыытын курдук" биитэр "күөл диэн итиннэ сүүтүк доҕуутун курдук" дэһээччилэр.
Багдарыын Сүлбэ. Манна мин өбүгэлэрим олорбуттара. Халлаан хатыытын курдук кыймалас элбэх этилэр. ХС
Хатыылаах тыл
кыһыылаах, киһини хомотор, өһүргэтэр тыл.
Язвительное замечание, колкость, шпилька.
Хатыылаах тылынан тарбаабыт киһиэхэ иэс хаалар үгэһэ суоҕум да, бу түбэлтэҕэ аахса барбатаҕым. Н. Абыйчанин
Хатыылаах тылгынан аалын көр аалын
Оҕонньоро көрүдьүөстээх тылларынан күнүн-дьылын бараан кэлбит буоллаҕына, кини хатыылаах тылынан аалына сылдьарын таптааччы. М. Доҕордуурап [Сэмэн:] Эмиэ туох буоллугут, хатыылаах тылгытынан Таанньаҕа аалынныгыт? ХС
Хатыылаах хараҕынан (хатыылааҕынан) көрөр
сөбүлээбэтэхтии, өстүйбүттүү, өһөөбүттүү көр.
Смотреть на кого-л. недружелюбно, злым, колючим взглядом (букв. колючими глазами смотрит).
Кууһума инитин диэки хатыылаах хараҕынан көрбүтэ уонна оронугар тиийэн таҥастыын сыппыта. Күннүк Уурастыырап Турантаев, хаана уларыйан, Уолуктайы хатыылааҕынан тобулу көрдө. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Баабылап тоҕо эрэ сэрэммит дуу, куттаммыт дуу курдук Өлөксөөс диэки хатыылааҕынан көрүтэлиир. Н. Якутскай
5 этии #
Нууччалыы Сорное растение с колючими цепкими соцветиями или плодами, лопух, репейник
Этиилэр
Оҕо хатыыта көр оҕо
Оҕо хатыыта тахсарыгар ыарыыланар.
Хатыылаах эрбэһин (ыт тыла)
таҥаска-сапка, түүгэ хатанан хаалар бөлтөркөй астаах улахан кэтит сэбирдэхтээх сыыс от Оннук арыы, дьүдьэйбит томуйах модьуунун курдук, күүркэнньиктийбит көбдөркөй кырыһыгар арай хатыылаах ытырыык эрбэһин үүнэн атыгыраан турар буолар.
Лопух (хатыылаах ыт тылын) сиппит астардаах корзинкалара араас кыыл, сүөһү түүтүгэр эбэтэр киһи таҥаһыгар хатанан, үөскээбит үүнээйилэртэн букатын ыраатан хаалаллар. КВА Б. Кини бадараан устун аһара түргэнник сүүрэн аҕылаабыт, атаҕын хатыылаах эрбэһиҥҥэ хайыта тыыппыт. Р. Киплинг
Хатыы от көр хатыылаах эрбэһин (ыт тыла)
Хатыы от сиэмэтэ тарҕаныан иннинэ хотуурунан охсуохха эбэтэр илиинэн үргүөххэ наада. ВДИ ҮӨКОБ Ү. Ср алт. хаду ‘гвоздь’
6 аат #
хат I диэнтэн хай. аата. Охсуллубут от хатыыта мунньааччылар туруналлар. Хомус Уйбаан
7 аат #
хат II диэнтэн хай. аата.
Этиилэр
Баҕадьы ситиитин хатыы
эмиэ ылбычча дьахтар ылсыбат үлэтэ.
КЕГ ДьСТ.
Сиэлинэн быа хатыыта
ньилбэк бааһырыар диэри сыралаах үлэ.
НБФ-МУу СОБ
8 даҕааһын #
суолт. Хатыллыбыт
Нууччалыы Кручёный
Хатыы кымньыы кыланан Халтаҥ эккэ хатанна. И. Чаҕылҕан Ону-маны баайар, өрөр үгэстээх дьон хатыы сабы сууйарга тиийээччилэр – оччого сап дыгдайааччы. ДьХ. Хатыы быа төһө да эриллибитин иһин син биир быстар Кыым тыҥ хатыыта көр тыҥ II. Оҕонньор, булчут киһи сиэринэн, уутун-маһын бэлэмнээн баран, тыҥ хатыыта саһылга уурбут хапкаанын көрө барбыта. В. Иванов
Өссө холобурдар (1)
Турар-турбат өлгөм үүнүүнү былдьаһа Тыҥ хатыытыттан ходуһаҕа киирдэҕэ. Чэчир-7 6