ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хатыылан

Нууччалыы относиться к кому-л

1 #

хатыылаа диэнтэн бэй., атын. туһ. Тыыннаах сибэккилэр Клим хараҕар хатыыланан көһүннүлэр: "Бу ким кэлэн албыдыйдаҕай?" "ХС"

2 #

Кимиэхэ эмэ сөбүлээбэтэхтии, ахсарбатахтыы, хаҕыстык сыһыаннас

Нууччалыы Относиться к кому-л. недружелюбно, злобно

  • Үлэһит-хамначчыт дьоҥҥо тимир курдук кытаатара, долохоно курдук хатыыланара.
    Н. Якутскай
  • Айах атан ордук-хоһу саҥарбытын истибит суох да, көрөрө-истэрэ хатыыламмыт, биилэммит. Софр. Данилов. Тоҕо эмискэ биһиги -- Хардарыта эйэҕэс сыһыаммыт Хаҕыс хатыыланна?!
    А. Старостин

3 этии #

Нууччалыы соотв. глаза налились злобой

Этиилэр

Таала хатыыланар

таала кырыыланар диэн курдук (көр кырыылан).

  • Туоххун быһа үктэтэн, Миэхэ таалыҥ хатыыланна?
    Баал Хабырыыс
  • Уолчааныгар кыратык таала хатыыланан олорор. Тылыгар киирбэккэ, уола кинини кыыһырта. Агидель к.

Хараҕа (харахтыын) хатыыланна

буруйдуурдуу, кырыктаахтык көрдө "Биһиги уоруйахтар буоларбытын ким эһиэхэ сипсийдэ?" – Сыа Тиҥилэх [киһи аата] хараҕа хатыылана түстэ.

  • [Иһэ-таһа биллибэт киһи] Харахтыын хатыыланар, Хааһа кыһыл кытыыланар, Муҥар муннулуун тумустанар, Уостуун уһуктанар. С. Тимофеев

«Х» буукуба