ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

оҕо

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы ребёнок

English child

Ис хоһооно · 8

1 аат тыл #

Нууччалыы ребёнок

English child

  • Бу дьикти айылҕа бэлэҕэ — Айыы оҕото!
    Это дивный дар природы — дитя Айыы.A wondrous gift of nature, a child of the Aiyy.

2 аат тыл #

Кыыс эбэтэр уол кыра сааһыгар (үксүгэр эдэр сааһыгар диэри кэмҥэ этиллэр)

Нууччалыы Ребёнок, младенец, дитя

  • Сүүрбэтин туола илик, барыларын баһыгар баар суох маанылаах оҕолоро.
    Эрилик Эристиин
  • Вера суулаах оҕону аа-дьуо ылан сөрүүн сиргэ сытыарар.
    С. Ефремов
  • Оҕолор эрэ тустарыгар киһи олорор, үлэлиир
    В. Гаврильева
Өссө холобурдар (3)
  • Оҕо суордар иҥсэлээх харахтарынан кулуну одуулаһан турулуҥнаһаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • "Ээ, оҕо, букатын оҕо, доҕор!" - Иван Иванович мин диэки кылап гына көрдө.
    С. Данилов
  • Ыарҕа талах ыпсыылаах Оҕо мастар Ойуур тыа буолан, Уобуруччулуу курдуу үүнэн Түспүттэр эбит арай
    С. Зверев

3 аат тыл #

Көтөр, кыыл оҕото

Нууччалыы Детёныш, зверёныш; птенец

  • Кус оҕото. Ыт оҕото.
  • Саҥардыы көтөөрү гынан эрэр тураах оҕото мутукка хатана сатыыр.
    Эрилик Эристиин
  • Эһэ кылана-кылана оҕолорун уҥа-хаҥас садьыйда.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (4)
  • [Куоска] чыычаах оҕотун тутан сиэри дьүһүлэннэҕин!
    Р. Кулаковскай
  • Ол эрээри, сырдык хоһоон сылаас тыына кини оҕо сүрэҕин үөртэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыыс ырыата эдэр киһи эмньик сүрэҕин эймэһитэ, уол киһи оҕо кутун уйадыта эйээрбит.
    П. Филиппов
  • Кини оҕо санаатын киэр кыйдаан, бэйэ бодотун тардыммыта
    Н. Босиков

4 аат тыл #

Атын аат тылы кытта аччатар, атаахтатар суолталаах холбоһугу үөскэтэр

Нууччалыы С именами существительными образует сочетание уменьшительно-ласкательного содержания

  • Суоҥаа сымнаҕастык, эйэҕэстик ытыһын оҕотунан айахпын саба туппута.
    И. Гоголев
  • [Сотоколуур:] Арыы оҕотуна, үрүҥ сиэллэ аҕал.
    Күндэ
  • Массыына иннигэр кыра алаас оҥос гына түспүтэ, ортотугар күөл оҕото чэмэлийэн сытара
    В. Гаврильева

5 даҕааһын #

Ситэ илик, кыра; эдэр

Нууччалыы Маленький, недостаточно зрелый, молодой

6 аат тыл #

Эрдийэ илик, туҥуй

Нууччалыы Неокрепший, невинный

7 этии #

Нууччалыы Стать многодетным, заиметь много детей (букв. быть задавленным детьми)

Этиилэр

Муммут кус оҕотун курдук көр мун

Кини ыксалыттан тугу да гыныан булбата, муммут кус оҕотун курдук буолла. Оҕоҕо баттаппыт кэпс. - элбэх оҕолоох буол, элбэх оҕолон Элбэх оҕоҕо баттатан, ордук кыһалҕалааҕа. ГИП КДь. Оҕо куотуо суоҕа (миигиттэн оҕо куотуо буоллаҕай) - туох да куһаҕан буолуо суоҕа.

Никакой беды, ничего страшного не будет (нечего пугаться, суетиться).

  • Бу да киһи эттэххин, аата, оҕо куотуо буоллаҕай. Оҕо кутун тут - кимиэхэ эмэ олус сөбүлэт. Очаровать кого-л. [Кэтириинэ] Оонньуур иминэн уоттуу кыыһан, Оҕо куппун тутта дии!
    А. Бродников
  • Оҕолоотор оҕом (оҕобут) үрд. - төрөппүт эбэтэр аҕа саастаах киһи "олус чугастык саныыр баар-суох эрэнэр киһим" диэн санаатын этэр көһөр олук (тард. сыһыар-х тут-лар). Формула почтительно-вежливого обращения старших к молодым (употр. в притяж. ф.). Өлбөт-сүппэт ыйаахтаах Уот Дьөһөгөй төрдүттэн Уруйдатан тураммын Оҕолоотор оҕобор аҕаллым.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (12)
  • Оҕону кытта оҕо, - дьоҥҥо барытыгар биир тэҥ үчүгэй, эйэҕэс сыһыаннаах киһи. Человек, одинаково сердечно относящийся и к детям, и к женщинам; доброжелательный, добродушный и искренний человек (букв. с ребенком - ребёнок, с женщиной - женщина). Онуоха эбии кини майгыта эйэҕэһэ, үчүгэйэ бэрт: оҕону кытта оҕо, дьахтары кытта дьахтар, кими баҕарар кытта истиҥ тылы булан кэпсэтэр идэлээх. Софр. Данилов. Кини киһиэхэ барытыгар эйэҕэстик сыһыаннаһар, оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас.
    И. Федосеев
  • Оҕо оонньуута кэпс. - кыра, дуона суох; кэбэҕэстик кыаллар, кыах иһинэн. Пустяковое дело, занятие, пустяк (букв. детская игра). Бу диэн оҕо оонньуута буоллаҕа дии, тохсунньуга сиргэ хонор баар - абытай суол.
    Р. Кулаковскай
  • Билиҥҥи үйэҕэ, бэл, уу күүһэ оҕо оонньуута буолла эбээт.
    Н. Заболоцкай
  • Инники айаммытыгар тэҥнээтэххэ, тымныы ууга биирдэ киирэн тахсыбытым оҕо оонньуута эбит.
    ХС
  • Оҕо оонньуута буолбатах - дөбөҥнүк кыаллар буолбатах, чэпчэкитэ суох. Это не пустяк, это не шутка; это серьёзное дело (букв. [это] не детская игра). Олоҕу олоруу - оҕо оонньуута буолбатах.
    Болот Боотур
  • Бүтүн ыалы, бачча сүөһүнү көһөрөр, сүүрүктээх үрэҕи харбатан туоратар оҕо оонньуута буолбатах.
    Н. Заболоцкай
  • Уон биир көстөн ордук сири сатыы хаамар оҕо оонньуута буолбатах.
    ХС
  • Оҕо тойуга кэпс. – кураанаҕы лахсыйыы. Несерьёзный разговор, детский лепет. Финляндияны таҥнаран биэрдибит диэн тыллаһыы адьас оҕо тойуга буолар.
    ХС
  • Оҕо төрүү ыарыһах кэпс. - төрүөҕүттэн, төрүкү ыарыһах. Болезненный с самого рождения. Ити киһигит оҕо төрүү ыарыһах, мөлтөх киһи.
    И. Никифоров
  • Оҕотугар өлүүлээх кэпс. - оҕолоро өлө турар (ыал). Дети умирают один за другим у кого-л. Былыргылыынан, оҕолоругар өлүүлээх ыаллар оҕолоругар, сүрэхтээбит ийэ буолан, ылан иитэлиир.
    С. Васильев
  • Оҕотугар түспүт - оҕо курдук буол, оҕолуу быһыылан (хол., улаханнык долгуйан эбэтэр кырдьан эҥин). Поступать как ребёнок; впадать в ребячество (напр., от сильного волнения или от старости - букв. стал ребёнком). Хаһан да маннык көргө-нарга түбэспэтэх дьон, эдэриттэн эмэнигэр тиийэ оҕолоругар түһэн оонньоотулар.
    Болот Боотур
  • Оҕонньорум барахсан Оҕотугар түстэ: Уулуссаҕа ойон тахсан Уйадыйан турда.
    С. Данилов

Оҕотун быарын сиир көр өл I

Сахалар киһи наһаа кырыйдаҕына "оҕотун быарын сиир" дииллэр. Оҕо турбат (сыппат) - оҕолоро төрүү-төрүү өлөн иһэр, оҕолоругар табыллыбат (ыал, дьон).

Дети не выживают, не держатся у кого-л. (букв. ребёнок не встает).

  • Хабыаччылаах оҕо турбат ыала буолаары гыннылар быһыылаах.
    Болот Боотур
  • Биһиэхэ оҕо турбат, төрүү-төрүү иккилэригэр-үстэригэр тиийбэккэ өлө тураллар.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (2)
  • Оҕо түспүт харыс. - сиппэтэх оҕо төрөөн өлбүт. Произошёл выкидыш (букв. ребёнок выпал). Тэҥн. оҕо куоппут. Оҕо уйата оҥор (тарт) эргэр. - өр оҕоломмотох ыалга кыыран оҕо кутун иҥэрэн, үҥэн-сүктэн, көрдөһөн кыыр (ойууну этэргэ). Камланием и заклинаниями вселить дух ребёнка в дом бездетной семьи (о шамане). Эрэмдэ диэн сиргэ олорор Чыыбыс ойуунунан оҕо уйата оҥотторорго сүбэлэспиттэр.
    И. Федосеев
  • [Анньыыһын ойуун] оҕо уйата тардан араас иччилэргэ, айыыларга суламмыт. Багдарыын Сүлбэ. Оҕо хаата кэпс. - субуруччу оҕолонон иһэр, элбэх оҕолоох дьахтар. Женщина, которая рожает подряд (букв. сума для детей). Кийиит оҕо хаата буолуон баҕарбат.

Орук оҕото көр орук

Былыр орук оҕотун харыстаан, туора дьоҥҥо мээнэ көрдөрбөккө улаатыннараллара. Тойон оҕото буол кэпс. - кимтэн да тутулуга суох буол; сололоох буол.

Стать независимым; быть свободным, распоряжаться временем по своему усмотрению.

  • Туһааннаах үлэҕин бүтэрдиҥ да тойон оҕото буола түһэҕин.
    Э. Соколов
  • Төрүүр (төрөтөр) оҕону төлкөлөө (уйалаа) фольк. - "кэлэр кэскилиҥ, үүнэр көлүөнэҥ тэнийэ, салҕана турдун" диэн алҕаан этии. Благословение на продолжение рода, чтобы судьба была благосклонна к потомству кого-л. Төрөтөр оҕолоро уйаламмыт, Иитэр сүөһүлэрэ күрүөлэммит. ПЭК ОНЛЯ III. Төрөтөр оҕоҕут уйаланнын, Иитэр сүөһүгүт күрүөлэннин.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (3)
  • [Тойбохой:] Төрүүр оҕону манна төлкөлүөм, Иитэр сүөһүнү манна күрүөлүөм.
    И. Данилов
  • Үүтүн тохпут оҕо курдук - аһара хомойбут, санаарҕаабыт курдук, кэри-куру (буол, сырыт). соотв. как в воду опущенный (букв. как ребёнок, проливший своё молоко). Кини үүтүн тохпут оҕо курдук саппаллан, тугу да гыныан булбакка, таах туран хаалла.
    В. Яковлев
  • Сөдүөт, аньыылаах-харалаах киһи, ити күнтэн ыла үүтүн тохпут оҕо курдук сырытта. Н. Кондаков

8 этии #

Нууччалыы Божье дитя, человеческое дитя, человек

Этиилэр

Айылҕа оҕото көр айылҕа

Кини [Дьэллик] бу айылаах кэрэ, нарынтан-нарын айылҕа оҕотун сүрэххэ-быарга кыҥыы турбута буолуо дуо? Н. Заболоцкай. Ньургуһун [кыыс аата] бэйэтин аатын курдук ыраас айылҕа оҕото, айылҕа тыыннаах сибэккитэ. Т. Сметанин. Бу хорсун санаалаах айылҕа оҕото айаҕынан иитиллэр туурка саатын ыһыктыбакка сылдьар эбит. "ХС". Айыы оҕото - 1) кэпс. - үтүө-мааны майгылаах, сайаҕас санаалаах оҕо Оҕом айыы оҕото, санаа хоту сылдьар; 2) фольк. - үөһэттэн айдарыылаах, киргэ-дьайга сыстыбат оҥоһуулаах оҕо.

Благословенный свыше, неподверженный нечисти, невинный (о ребёнке).

  • Онтон ыла аймахтара харыстаан, "айыы оҕото" диэн аат биэрэллэр.
    Саха фольк
  • Бэйэбит оҕобут кэпс. - манна үөскээбит, мантан төрүттээх оҕо. Здешний, местный, из этих мест (о молодом человеке). Сандаарка: "Хата бэйэбит оҕобут манна тахсан биэлсэр буолсу".
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (15)
  • Оҕо аата оҕо кэпс. - өссө да кыра, өйдөөбөтө элбэх буоллаҕа. Ребёнок есть ребёнок, ещё маленький, многого не понимает. Оҕо аата оҕо, дэҥнэтэн улдьаарталыыра баар буолааччы.
    П. Аввакумов
  • Оҕо аймах поэт. - кыра, сүүрэр-көтөр саастаах оҕолор. Маленькие дети, детвора, ребятня. Оҕо аймах таһыйар чалбаҕын Тиийээтин тиэтэйэн таһаартаа, Харалдьык маҥнайгы ачатын Сүрэҕим суоһунан угуттаа.
    П. Тобуруокап
  • Кимка тыаҕа учууталлыыр, Оҕо аймах биһириир.
    Н. Босиков
  • Ол иһин, оҕо аймах тэлгэһэҕэ, Эһиги көҥүл көрүлүүгүт.
    Т. Сметанин
  • Оҕо биһигэ кэпс. - кыһыл оҕону сытыаран бигиир орон (сүнньүнэн ыйанар орону этиллэр). Люлька (в основном о подвесной колыбели). Хаҥас диэки оҕо биһигэ көстөр.
    А. Софронов
  • Оҕо бырааһа эмт. - оҕону көрөр, эмтиир идэтийбит эмчит. Детский врач; педиатр. Бүгүн оҕо бырааһа кэлэн барда. Оҕотун түһэртэрбит харыс. - саҥа үөскээбит оҕотун мэдиссиинэ көмөтүнэн ылларбыт. Делать аборт. Кэлиҥҥи кэмҥэ дьахтар оҕотун түһэртэрбэтин туһугар иитэр-үөрэтэр үлэни ыытар буоллулар. Оҕо оҕотуттан - оҕо-оҕо тус-туһунан, хайдах оҕотуттан. Ребёнок ребёнку рознь, дети детям рознь. Ити гынан баран, оҕо оҕотуттан, ханнык баҕарар үлэҕэ айылҕа биэрбит талаана наада.
    Н. Босиков
  • "Оҕо да оҕотуттан" диэн бэрт өйдөөх, түгэхтээх этии баар. "Кыым". Оҕо дьиэтэ - тулаайах оҕолору иитэр-харайар тэрилтэ, дьиэ. Детский приют, детдом. Григорий Романович оҕо дьиэтигэр, оттон эдьиийэ, балта, быраата дьоҥҥо иитиллибиттэрэ.
    В. Ойуурускай
  • Уруккута сынньалаҥ киинэ, билигин оҕо дьиэтэ.
    Н. Заболоцкай
  • Дириҥҥэ оҕо дьиэтэ баара. ПП ОА. Оҕо дьон поэз. - оҕо саастарыттан өссө тахса илик, эдэр-сэнэх дьон. Молодые люди в расцвете сил. Үрэллигэс кыымнанан Отуу уота кытыастар. Үлэ бүтэн сынньанан, Оҕо дьоммут кылыйар.
    А. Абаҕыыныскай
  • Оһуохайга оҕо дьоннор Оонньуулара тахсыбат, Сырдык дьиэттэн эдэр дьоннор Харахтара арахпат.
    С. Данилов
  • Уран муудараһыгар Оҕо дьону иитэр Оскуолалары оҥордубут. Эллэй. Оҕо киһи - эдэр сааһыгар сылдьар уол, ыччат. Юноша. Кыра Хабырыыс сүүрбэтиттэн эрэ тахсан эрэр оҕо киһи этэ.
    Эрилик Эристиин
  • Оҕо көрөөччү - ыал оҕотун көрөр, хамнастаах үлэһит. Няня, гувернёр (гувернантка). Кыысчаан ыалларга оҕо көрөөччүнэн, остолобуойга иһит сууйааччынан үлэлии-үлэлии, сэттэ кылааһы бүтэрбитэ.
    А. Кондратьев
  • Ол саҕана уобалас үрдүнэн түөрт быраас, уон тоҕус биэлсэр уонна үс оҕо көрөөччү баара.
    И. Федосеев
  • Оҕо көтөҕөөччү эргэр. - дьахтар оҕолоноругар көмөлөһөөччү, дьахтар төрөтөөччү (былыр ыҥырыыга сылдьар саастаах дьахталлары, эмээхситтэри этэллэрэ). Повитуха, повивальная бабка. Нарыйа ыалдьыан хас да хонук иннинэ оҕо көтөҕөөччү билэр эмээхсиннэрэ кэлбитэ.
    В. Яковлев
  • "Тыый, ол оҕо көтөҕөөччүтэ суох хайдах?" - диэн Тумалыма хотун аймана түспүтэ.
    ИН ХБ

Оҕо куоппут (куоттар) көр куот

Сураҕа, кыыстара оҕо куоттарбыт үһү. Оҕо куотуута харыс. - үөскээн иһэр оҕо түһэн хаалыыта.

Выкидыш.

  • Быйыл бөһүөлэккэ оҕо куотуута аҕыйаата. Оҕо кут үрд. - оҕолуу эдэр ыраас кут. Чистая, светлая душа, детская душа. Айылҕа дьикти көстүүтэ Абылаата сүрэхпин. Ол иһин нөрүйүөм этэ Оҕо куппун биэрэммин.
    А. Бродников
  • Кыыс ырыата уол киһи оҕо кутун уйадытта.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (17)
  • Оҕо кэбис кэпс. - сиппэтэх төрүөхтэн (кыылы этэргэ). Выкидывать детёныша (обычно о животных). Оҕо кэбиспит кырса аһаабат.
    В. Алданскай
  • Куһаҕан хаачыстыбалаах, түүнүгүрбүт аһылыктан буос тыһылар оҕо кэбиһэллэр. ТИиС. Оҕо оҕо курдук - оҕоттон атына суох. Обычный ребёнок. Бастаан үөрэнэ киирэрбитигэр оҕо оҕо курдук этибит.
    Далан
  • Биһиги оҕолор оҕолор курдук дьоммутун кытта бииргэ олорор буоллубут.
    Ф. Захаров
  • Нина син оҕо оҕо курдук, ол эрээри биир чорбойордоох. ЧКС ОИиСТ. Оҕо оҕото өтөр кэпс. - тэбэнэттээх, мэник санаата баһыйан кэлэр (сылдьан эрэ эмискэ). В ребёнке детство играет (шалит). Ийэтэ тыыннааҕар, оҕо оҕото өтөн, айаннаан иһэн мэнигилиир эбит. Сэмээр Баһылай. Оҕо саас - кыра эрдэҕинээҕи кэм; сүүрэн-көтөн оонньуур, көҥүл көччүйэр кэм (ситэр сааска диэри кэми этиллэр). Детство. Киһи оҕо сааһын сарсыардаҕа холууллар.
    Саха фольк
  • Мин испэр саныырым: "Быраһаай, оҕо сааһым, оонньуур кэмим!"
    Н. Якутскай
  • Олох диэн оонньуу буолбатаҕын Оҕо сааспыттан билэбин.
    С. Данилов
  • Оҕо саҕа оҕолоох кэпс. - киэн туттар, үчүгэй оҕолоох. Иметь ребёнка, которым можно гордиться. "Саха тиксибэтэх улахан аат-суол бөҕөҕө тигистиҥ, оҕо саҕа оҕолордооххун", - дииллэр ээ дьон.
    Н. Лугинов
  • Оҕо суруйааччыта - оҕолорго аналлаах айымньылары суруйар киһи. Детский писатель. Пётр Дмитриев-Туутук - оҕо суруйааччыта.
  • Суорун Омоллоон оҕо суруйааччытын, кэпсээнньит, хоһоонньут, публицист быһыытынан ааҕааччыларга эмиэ киэҥник биһирэнэр. ОГГ СМ. Оҕо суута кэпс. - кыһыл оҕону суулуур таҥас. Пелёнка (детская). Быаҕа оҕо суута бөҕө ыйаммыт. Оҕото бэрт кэпс. - наһаа эдэр, эдэрэ бэрт. Слишком молод. "Бу киһи оҕото бэрт ээ", – Кыра Уйбаан хайдах эрэ сирэйэ сырдыы түһээт, эрчимнээхтик күлэн кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Оҕото бэрт буолан, кэнэнэ холкутатар буоллаҕа эбээт. ОГГ ТЛ-8. Оҕо хаата эмт. - эһээхэй оҕо ийэтин иһигэр сылдьыбыт хаата. Послед (у женщины). Оҕотун хаата таҕыстаҕына дьахтар дьэ быыһанар, ырааһырар. Оҕо хатыыта кэпс. - тииһиир, түһэр тиис. Молочный зуб. Оҕо хатыыта тахсарыгар ыарыыланар. Оскуола оҕото - оскуолаҕа үөрэнэр саастаах оҕо. Ребёнок школьного возраста; школьник. Аттынан оскуола оҕолоро аастылар.
  • Оскуола оҕото тарҕаһан Остуорас Акыым дьиэтигэр Омуннаах айдаан элбиир.
    С. Васильев
  • Уол оҕото кэпс. - сытыы-хотуу, туохтан да иҥнэн турбат уол. Отчаянный, лихой, бесшабашный молодой человек. Миша, дьэ, уол оҕото дии.
    Э. Соколов
  • ньирэй (кыһыл) оҕо көр кыһыл. Биһиги бүгүн, бэҕэһээ төрөөбүт уу ньирэй оҕолор буолбатахпыт.
    Эрилик Эристиин
  • Ойуун буоларга кыһыл оҕо эрдэххиттэн айдарыылаах этиҥ.
    Д. Софронов
  • Дуомуна кыһыл оҕотун биһиккэ сытыаран аргыый бигии олорбута.
    А. Сыромятникова
  • Эрдэҕэс оҕо - улааппыт, обургу оҕо (быһа холоон уон иккититтэн уон алтатыгар диэри саастаах). Подросток (примерно от двенадцати до шестнадцати лет). Эрдэҕэс оҕолор үксүн бииргэ үөрэнэллэринэн, оонньуулларынан, чугас-чугас олороллорунан доҕордоһоллор. ЧКС А
    К. Ср
  • монг. өкин, халх. охиҥ, орд. окин ‘дочь, девочка, ребёнок’

«О» буукуба