Перевод с якутского
мун
туохтуур
Нууччалыы заблудиться, заплутать, сбиться с пути
English to wander
1 туохтуур #
Барыахтаах хайысхаҕыттан туораан хаал, суолгун сүтэр, кыайан булума
Нууччалыы Заблудиться, заплутать, сбиться с пути
Уолаттар үһүөн бултуу тахсан баран, хас эмэ хонугу быһа мунан хаалтар. Саха фольк Уончалаах оҕо эрэйдээх сугуннуу сылдьан муммут. Хас да хоммут. П. Тобуруокап Муммут киһи мээнэ баран иһэр үгэстээх, тохтуор-туруор сүрэҕэ батарбат Н. Заболоцкай
2 туохтуур #
Ханнык эмэ боппуруоска улаханнык булкуллан, хайдах быһаарыаххын булума
Нууччалыы Растеряться, сбиться с толку, запутаться в чем-л
Араас санаалар таарбаҕайдарыгар мунан, Степа Чаара күөлгэ кэлбитин билиминэ хаалла. М. Доҕордуурап [Спиридон:] Сэбиэскэй былаас утары илин диэки улахан сэрии үөскээбит дииллэр, төһө кырдьык суолу кэпсээн эрэллэрэ буолла. Букатын мунан хаалан сылдьабын. С. Ефремов Куока эппиэт була охсубакка харааччы мунан хаалбыт киһи курдук ол-бу диэки мэлээриҥнээтэ. С. Курилов (тылб.)
3 этии #
Нууччалыы Быть в растерянности, потеряться, не знать как быть
Муммут кус оҕотун курдук (буол) - тугу да гынар, тугу эмэ тобула охсор кыаҕа суох буол, мунан-тэнэн хаал Арапаас бандьыыттартан ханна куотар сирин булумуна, муммут кус оҕотун курдук, тула эргийэ турбута. Н. Якутскай Мин буоллаҕына ол доҕотторбуттан матан, эмиэ муммут кус оҕотун курдук, туох да өйөбүлэ, көмөтө суох собус-соҕотоҕун туран хаалбытым. Д. Таас Дьиэҕэ киирбитим - дьахтар оҕолонон эрэр. Эмискэ тугу гынарбын умнан, муммут кус оҕотун курдук буолан хааллым. "Кыым". Ср. др. -тюрк. мун ‘заблуждаться, становиться слабоумным, впадать в детство, выживать из ума’