Перевод с якутского
сүт
туохтуур
Нууччалыы пропадать, исчезать неизвестно куда
English to get lost, to disappear, to vanish
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Ким да ылбыта биллибэккэ суох буолан хаал (хол., туох эмэ мал-сал, тэрил о. д. а. туһунан этэргэ)
Нууччалыы Пропадать, исчезать неизвестно куда (напр., о предметах, вещах и т. д.)
Маһарах сарсын ыһыахха бараары атын көрдөөбүтэ, ата сүтэн хаалбыт. Эрилик Эристиин Тойоно саах күрдьээччи уолу, быыкаа арыы дуома сүппүтүн иһин буруйдаан, тайах маһынан сууттаабыт Н. Заболоцкай
2 туохтуур #
Ким туох эмэ хараҕын далыттан таҕыс, көстүбэт буол
Нууччалыы Исчезнуть из поля зрения, скрыться
3 туохтуур #
Ханна да барбытыҥ биллибэккэ сураҕа суох мэлий, суох буолан хаал (үксүгэр киһини этэргэ)
Нууччалыы Исчезнуть в неизвестном направлении, без следа (о человеке)
Аҕыйах хонукка нэһилиэгэр көстө түһээт, эмиэ сүтэн хаалар. Амма Аччыгыйа Оннооҕор сорохтор олорор дьиэлэриттэн таһырдьа тахсан киирэбит диэн сүтэллэрэ. Н. Якутскай Бу кыра үөрэхтээх буолан, баайдарга ону-маны эридьиэстээн, кытыйа-хамыйах саласпыт киһи биллибэккэ сүтэн хаалбыта ыраатта Н. Заболоцкай
4 туохтуур #
Иһиллибэт буол, тыаһаабат буол (тыас, дорҕоон туһунан)
Нууччалыы Стать неслышимым, стихнуть (о звуке)
Ат туйаҕын тыаһа улам-улам ырааттар ыраатан, кэннигэр сүппүтэ. И. Гоголев Ханна эрэ ойуур иһигэр кыыкыныыр мас тыаһаата. Ол тыас тыаһаат, сонно сүтэн хаалла.
КүндэТаба эгээнин тыаһа хараҥаҕа "тыс-тас, тыс-тас" гынан баран сүтэн хаалла Т. Сметанин
5 туохтуур #
Мөлтөөн бар, сырдаабат, көстүбэт буол
Нууччалыы Становиться менее ярким, угасать, затухать (об источнике света)
Арҕаа халлаан диэки өрө көрбүтүм, күнүм хайы-үйэҕэ сүтэн хаалбыт. Н. Неустроев Тогойкин тыа үөһүн диэки киирэн истэҕин аайы, күнүн уота улам тэйэн, мастар быыстарынан сүтэ-сүтэ көстүмэхтиир буолла. Амма Аччыгыйа Күн тиһэх сардаҥалара халлаан улаҕатыгар баар ньалака былыттарга кыыһан сүппүттэрэ Далан
6 туохтуур #
ан эмэ мэһэйдэтэн мөлтөөн, тохтоон, уостан хаал (хол., киһи баҕа санаатын туһунан)
Нууччалыы Исчезать, улетучиваться в силу каких-л. причин (напр., о желании человека)
Мин кэпсэтэр баҕам сүппүтэ: бачча нус-хас киэһэ мөккүһүөхпүн баҕарбатаҕым. Далан Сорох оҕо хайдах да муҥнаммытын иһин үөрэҕи ылбат. Дьэ, ол иһин кыаҕын баһыйтаран, үөрэххэ баҕата сүтэр
Н. Лугинов
7 туохтуур #
Тыыннаахтар ахсааннарыгар киирсимэ, өл
Нууччалыы Умереть, скончаться (о человеке)
Бэйэни өлөрүнүү, тарбахтары сүгэнэн кэрдинии, адьас сүтэн хаалыы күнтэн күн үксээн испитэ. Амма Аччыгыйа Уон икки оҕобутуттан ордон хаалбыт Ньургуһуммут аны сүттэ, биһигини бу дойдуга тыыннаах накааһыгар хааллартаата Дьүөгэ Ааныстыырап
8 этии #
Нууччалыы Уйти из жизни, умереть, исчезнуть с лица земли
Этиилэр
Буруота сүттэ көр буруо
Биир баар эрэ ыалбыт, доҕорбут буруота сүттэҕэ ити. Бу бүгү күн кини аатынан аһаан-сиэн бүтүөхпүт буоллаҕа. Эрилик Эристиин
Имниин сүттэ
имниин (имиттэн) эһиннэ (сүттэ, быһынна) диэн курдук (көр им II).
Ийэ сир иэниттэн сидьиҥ үөннэр Илбиллэн имниин сүтүөхтэрэ. Күннүк Уурастыырап Харах уута, хаан түспүт Сордоох сэрии бүтүөҕэ, Эрэн, күндү көмүспүт, Фашист имниин сүтүөҕэ. П. Тулааһынап
Күнтэн (күн сириттэн) сүт
өл, суох буол Ньургуу кыысчаан, бастаан тымныйбытыттан тэптэрэн ол курдук аҕатыгар көстүбэккэ эрэ күн сириттэн сүппүт.
Софр. Данилов. Кимтэн да ордук Сааска уолуйбута, сибилигин аҕай кинини кытта бииргэ аһаабыт киһи хайы-үйэ күнтэн сүтэ охсубута наһаа соһумар, ыар суол этэ. Д. Таас Гошабыт олох мөлтөөбүтэ. Дьонун, төрөппүттэрин ыҥыртыыра, сороҕор мэнээк мичээрдиирэ. Ол курдук сотору кини күн сириттэн сүппүтэ. ИИФ УС
Сураҕа суох сүт
ханна тиийбитиҥ да, өлбүтүҥ, тыыннааҕыҥ да биллибэккэ мэлий.
соотв. пропасть без вести. Икки сыл суруспуппут.
1944 сыллаахха кини сураҕа суох сүппүтэ. Н. Габышев Ууга тааһы бырахпыт курдук сураҕа суох сүппүтэ. И. Федосеев
Сыттыын сүт
олох, таһыччы сүт.
Пропасть навсегда.
Бэстилиэнэй биир көлүнэр оҕустааҕын тутан ылан биэлэйдэргэ биэрбитэ сыттыын сүппүтэ. Амма Аччыгыйа
Таастыы сүт (сүтэн хаал)
ууга тааһы бырахпыттыы сүт (сүтэн хаал) диэн курдук (көр уу).
Саллаакка барар дьон испииһэктэрин хат-хат оҥордулар. Сорох дьон испииһэккэ суруппакка таастыы сүтэн хааллылар. М. Доҕордуурап Онтон былырыын сайын Ивановтаах Лукьянов, куораттан тыаҕа кыһыл дружиналарга сааны-сэби таһааран иһэн, таастыы сүтэн хаалбыттара. С. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Александр Сергеев таастыы сүппүтэ уонча хонно. ХС
Ууга тааһы бырахпыттыы сүт (сүтэн хаал) көр уу
Көмүстүүн, бэйэлиин, адьаһын ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалбыттар. И. Никифоров Ср. ДТС йит, уйг. йүтмэк, жүтмэк, йитмэк, тув. чит ‘исчезать, теряться, пропадать’