ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чуумпур

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы успокаивать; утихать

English to calm (down), to subside

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Нууччалыы успокаивать; утихать

English to calm (down), to subside

  • оҕолор чуумпурдулар
    дети успокоилисьthe children have calmed down
  • тыал уурайда, өрүс чуумпурда
    ветер стих, река улегласьthe wind died down, and the river calmed down
I

2 туохтуур #

Тыаһаама-ууһаама, ах бар, ньим бар

Нууччалыы Затихать, успокаиваться

  • Сүүрэр атахтаах үксэ түүн чэччилиир, көтөр кынаттаах элбэҕэ күнүс көрүлүүр буолан, тыа хаһан да толору чуумпуран турбат.
    Амма Аччыгыйа
  • [Макаар оҕонньор кэпсээнин] олус чуумпуран Оҕо аймах иһиллиир.
    Баал Хабырыыс
  • Туруорбах балаҕан бэрт бүтэҥитик чуумпуран турар
    Дьүөгэ Ааныстыырап

3 туохтуур #

Намыраа, уоскуй (уу ньуурун этэргэ)

Нууччалыы Затихать, становиться ровным, спокойным (о водной глади)

  • Бүгүн күн ырааһырбыта, муора чуумпурбута сүрдээх.
    П. Филиппов
  • Киэҥ Лена иэнэ хараара-көҕөрө чуумпурбут.
    Н. Павлов
  • Өрүс да, чуумпуран, холкутуйбута сүр
    И. Находкин

4 туохтуур #

Түптээх, сынньалаҥ, холку буол (дьон олоҕун этэргэ)

Нууччалыы Становиться спокойным, размеренным, мирным (о жизни)

  • Охсуһуу сыллара ааһан Олох чуумпурбутун санатан, Улуу Ленаҕа долгуттар Утуйаары уу түгэҕэр Умсан хааллылар
    Т. Сметанин
II

5 аат тыл #

Саа уоһун ыраастыырга уонна самааскалыырга аналлаах уһун синньигэс тэрил

Нууччалыы Ружейный шомпол. [Убайа] инитигэр ох, чуумпур, кыргыс, булт сэбин оҥорон бэлэмниир

  • Саха сэһ. I. Олорбохтуу түстүм, чуумпурбар эриллэ сылдьар саам самааскатын эргиппэхтээтим.
    Суорун Омоллоон
  • Саабын сотобун чуумпурунан, Уот аттыгар сынньанабын Кус, сордоҥ үөлэн баран
    И. Гоголев

«Ч» буукуба