Перевод с якутского
чуумпу
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы тихий
English quiet, silent; quiet
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
Нууччалыы тихий
English quiet, silent; quiet
чуумпу түүн тихая ночьquiet night
2 даҕааһын #
Тыаһа-ууһа суох, туох да тыаһаабат
Нууччалыы Тихий, бесшумный
Чуумпу ойуур хоонньуттан Чуордук кэҕэ чоргуйда. Күннүк Уурастыырап Суох, көрөр этилэр үгүстэр Бу тааһы ол ааспыт үйэҕэ, Бэйэм да көрбүтүм үгүстэ Бу чуумпу түҥкэтэх үрэххэ С. Данилов
3 даҕааһын #
Нус бааччы, баала суох (уу ньуурун этэргэ)
Нууччалыы Спокойный, безмятежный (о водной глади)
Чуумпу ууну холорук ытыйарын курдук, айдаан эмискэ ааҥнаабыта. Күннүк Уурастыырап Утуйаан флотка барбыта, Чуумпу киэҥ акыйаан Моряга буолбута. С. Данилов Долгуна суох чуумпу уу устун тыы устан барда Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
Түүҥҥү чуумпу улам уйгууран, сэргэхсийэн, тыас-уус хойдон истэ. Н. Заболоцкай Арай хаһан эмэ тоҥон турар чуумпуну сур бөрө улуйуута, хагдаҥ эһэ хаһыыта эрэ аймыыр. Л. Попов Өссө биир кыранаатаны бырахпытым кэннэ землянка иһигэр да, таһыгар да чуумпу буолла Т. Сметанин
4 даҕааһын #
Түптээх, сынньалаҥ, бүччүм (олох)
Нууччалыы Спокойный, ровный, размеренный, мирный (о жизни)
Дойдуга уоран, Түөкүннүү өстөөх түстэ, Чуумпу олохпут долгуйда, Норуот модуннук уордайда. Күннүк Уурастыырап [Чокуурап:] Холкуоскут аатыгар сөптөөх чуумпу олохтоох дьон буоллаххыт дии. С. Ефремов Биир дэхси үчүгэй, олус үүт-тураан чуумпу олоҕу олорбут киһи, бука, ахсааннаах буолуо С. Никифоров
5 аат тыл #
суолт. Тыас-уус суоҕа, туох да тыаһаабата
Нууччалыы Отсутствие шума, тишина
6 этии #
Этиилэр
Уу чуумпу көр уу I
Онно баар: уу чуумпу, долгураҥ Угуттаах нуурала. Күннүк Уурастыырап Улуутуйбут уу чуумпуну борокуот үөгүтэ аймаата. И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Ср. уйг. йоку ʽтеряться, пропадать, исчезатьʼ