ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

холку

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы отличающийся уравновешанным характером, спокойный

English free (libre), unrestricted

Ис хоһооно · 6

1 даҕааһын #

Кыра аайы ыксаабат, ыгылыйбат, киэҥ көҕүстээх

Нууччалыы Отличающийся уравновешанным характером, спокойный

  • Өйө-сүрэҕэ олус холку, олус нүһэр, туохха да ымыттыбат, дэбигис үөрбэт-хомойбот киһи поэт буолуон, атын киһини долгутар хоһоону суруйуон саарбаҕалыыбын. Софр. Данилов. Оҕонньор холку: дьоллоох киһи холку буолар. Кини бу дойдуга букатын кэлбит киһилии туттар.
    Л. Попов
  • Кээтиис куолаһа ураты холку, наҕыл этэ
    П. Степанов
  • Кычкин бу киһи дьиксиммэтэҕин, холкутун дьиибэргээбит.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Бэл аҕам сааһын тухары сымнаҕаһынан. холкутунан эрэ биллэр эрээри, миигин кириэтээн тахсар
    Н. Лугинов

2 даҕааһын #

Түбүгэ, сүпсүлгэнэ, айдаана-куйдаана суох (хол., олох-дьаһах)

Нууччалыы Отличающийся ровностью, спокойствием, не связанный с хлопотами, спокойный, умиротворённый (напр., образ жизни)

  • Мин тот, туох да кыһалҕата суох холку олохтон улам эттэнэн, халыҥаан испитим.
    Далан
  • Ходуһалар холку, курас киэптэммиттэр.
    А. Фёдоров
  • Үлэтэ, уопсайынан, холку.
    ПП
Өссө холобурдар (1)
  • Бу киэҥи, холкуну, айылҕа кэрэтин, кини модун күүһүн үйэм тухары өйбөр, сүрэхпэр иҥэриниэхпин баҕарабын
    Амма Аччыгыйа

3 даҕааһын #

Киэҥ-куоҥ, кыараҕаһа суох

Нууччалыы Широкий, просторный, свободный

  • Киирэргэ киэҥ дьиэ, Хонорго холку орон, Сытарга сымнаҕас орон, Кэпсэтэргэ тыл баар.
    Саха фольк
  • От тэлгэтиилээх сүрдээх холку массыынанан айанныыр куһаҕан буолбатах.
    Амма Аччыгыйа
  • Ситии хатыыта холку буоллаҕына, көстүүтэ мөлтүүр.
    ГП ТО

4 аат тыл #

Наҕылыйыы, ыксаабат-ыгылыйбат быһыы-майгы

Нууччалыы Уравновешенность, спокойствие, невозмутимость (о характере)

5 аат тыл #

Туох эмэ түбүгэ, сүпсүлгэнэ суоҕа, чуумпу, нуурал

Нууччалыы Отсутствие волнения, шума, умиротворение, покой

6 этии #

Курум холку кэпс. – 1) ыксаабат, ыгылыйбат, олус холку Барыта үчүгэйдик, айдаана суох ааһыа диэн курум холку. НАГ ЯРФС I; 2) миэхэ сыһыана суох диэн олох кыһаммат. Θ соотв. моя хата с краю.

Нууччалыы Совершенно спокоен

Этиилэр

Хайалара да кыайдын

мин курум холку.

  • НАГ ЯРФС.

Муус холку көр муус

  • Маарыйа олох да куттамматах, муус холку.

Холкугар түс

ыгылыйбытыҥ, ыксаабытыҥ ааһан, уоскуй.

Успокаиваться, обретать покой.

  • Суон Даарыйа хайыы сах холкутугар түһэн, наҕыллык тахсан барда.
    М. Доҕордуурап
  • Ньукулаас, холкутугар түһэн, аанын халҕанын өрө көтөҕөн, көннөрөн биэрдэ.
    С. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
  • Өксөөн ол аайы кыһаллыбата, хата, дьэ эбии холкутугар түспүккэ дылыта. С. Маисов

«Х» буукуба