ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киэҥ

даҕааһын

Нууччалыы широкий

English wide

Ис хоһооно · 9

1 даҕааһын #

даҕ

  • Киэҥ халлаан.
  • Тайҕа муҥура суох киэҥ, биһигини ким таба хаамыай?
    Амма Аччыгыйа
  • О, эбэм -- чуумпуга көстөр киэҥ нэлэмэн кэтит ньуура дьиктитин, кэрэтин эбитин!
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (3)
  • Маһа-ото суох киэҥ нэлэмэн истиэпкэ күүстээх тыал түһэн, хаары ытыйан туох да көстүбэт
    НТГ СУоС
  • Туоратынан кэтит, кыараҕаһа суох. Θ Широкий, не узкий (о дороге, улице). Киэҥ суол.
  • Киэҥ уулусса устун өрө сырсан, ытыалыы-ытыалыы саа уотунан сырдаан олорор сиргэ чугаһаан кэллилэр
    Эрилик Эристиин

2 даҕааһын #

Кэтит иэннээх, ыраахха диэри тэнийэн, тайаан сытар, нэлэмэн

Нууччалыы Обширный, просторный, широкий

3 даҕааһын #

Ыга туппат, холку, улахан (таҥнар таҥас, атах таҥаһын туһунан)

Нууччалыы Свободный, просторный, (об одежде, обуви)

  • Киэҥ ырбаахы. Бу бинсээк саннынан киэҥ.
  • Сыгынньах атаҕар киэҥ баҕайы эргэ бачыыҥканы анньыммыт Даайа саллырҕаччы сүүрэн кэллэ. Софр. Данилов. Бурхалей ыга тутан сордообут бэргэһэтин киэҥ бэргэһэҕэ атастаһан кэбиһиэн санаата.
    Эрилик Эристиин
  • Уһун, киэҥ хара халтаҥ сонун түүрэ тардыммытын тохтоон көннөрүннэ
    П. Филиппов

4 даҕааһын #

Элбэх дьону хабар, маассабай; сир аайы тарҕаммыт

Нууччалыы Охватывающий многих, массовый; распространенный повсеместно, среди многих

  • Нэһилиэнньэ киэҥ араҥата.
  • [Вера:] Сарсын киэҥ актыыбы кытта бырабылыанньа мунньаҕын ыҥырарга дьаһал биэрдэ.
    С. Ефремов
  • [Тааттатааҕы тыйаатыр] норуокка сөҥөн сыппыт -- талааннары таба тайанан -- киэҥ маассаҕа таһаарбыта. АҮ. [Амма Аччыгыйын] поэмата уонна хоһоонноро нууччалыы тылбаастара ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр тиийэ иликтэр
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Элбэх, күүстээх, күүрээннээх, далааһыннаах (хол., үлэ, куоталаһыы). Θ Широкий, с размахом (о работе). Оо, дьэ, холкуос үлэтэ киэҥ үлэ буолар.
    Күндэ
  • Биригээдэлэр икки ардыларыгар куоталаһыы улам киэҥ далааһыны ылан истэ.
    М. Доҕордуурап
  • Оройуон бөһүөлэктэригэр, нэһилиэктэригэр киэҥ далааһыннаах тутуу ыытыллар
    ПДН ККС

5 даҕааһын #

Араас эгэлгэлээх; татыма, тутаҕа суох, муҥура суох

Нууччалыы Разнообразный, неограниченный, обширный (о знаниях)

  • Таабырын таайтарыытын да, таайыытын даҕаны тиэмэтэ бэрт киэҥ.
    Саха фольк
  • Оҕонньоттор ууну сомоҕолуур Уһун, киэҥ кэпсээннээхтэр.
    С. Данилов
  • Төһөнөн киэҥ, дириҥ билиилэнэр даҕаны, наукаҕа соччонон элбэҕи ситиһиэхтээх
    Н. Лугинов

6 даҕааһын #

Үтүө майгылаах, үтүө санаалаах, дьэллэм

Нууччалыы Великодушный, щедрый

  • Хата, баар курдуга - Орто аан дойдуга Улахан дууһалаах, киэҥ киһи олорбут махтала.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Мойот убайа] хайдахтаах киэҥ дууһалаах киһиний?!
    Т. Сметанин
  • Холку, намыын, ыгыма суох. Θ Спокойный, сдержанный, терпеливый. Салайар киһи киэҥ, холку буолуохтаах. Оттон эн ыгылыйбыккын
    М. Доҕордуурап

7 даҕааһын #

Холку, намыын, дуорайан иһиллэр (куолас туһунан)

Нууччалыы Открытый, громкий, раскатистый (о голосе). [Дьиэрэҥ] Айматар-долгутар киэҥ куоластаах

  • Анна Егорова киэҥ, холку куолаһынан доллоһутан, синньигэстик эйээрдэр Лев Поповтуун -- толорууларын биэрэллэр. Софр. Данилов. Билигин даҕаны кини кулгааҕар -- Ньургун Боотур көҥүл, киэҥ куолаһынан ыллаан доллоһутара баарга дылы.
    Г. Угаров
  • Тюрк. киҥ, кэҥ

8 этии #

Этиилэр

Киэҥ көҕүстээх көр көҕүс II

Өссө холобурдар (4)
  • Сороҕор мөдөөт, сиэрэ суох холку, киэҥ көҕүстээх дьон охсуһууга ордук чорбойооччулар.
    С. Никифоров
  • көхсө кыараата көр көҕүс II. Киһи буолан баран, Ким киэҥ көхсө кыараабатай?!! Ыксыыр күннээх буоллаххына, ыҥыран көрөөхтөөр...
    П. Ойуунускай
  • Биһиги киэҥ көҕүс кыараабыт дьоно турабыт.
    Эрилик Эристиин
  • Тугу да булан эппэккэ, өйө-санаата тууйуллан, киэҥ көхсө кыараан хараҕыттан уу халыс гынан тахсыбытын билиминэ хаалла.
    С. Никифоров

Киэҥ хоннохтоох көр хоннох

  • Доҕотторо кинини "ыраас суоллаах, киэҥ хоннохтоох" дииллэрэ.
    С. Никифоров
  • Н. Г. Золотарев-Якутскай - киэҥ хоннохтоох суруйааччы. Д. Васильева

9 этии #

Этиилэр

Киэҥ аһаҕас дорҕоон көр дорҕоон

  • Ордук кичэйэн илин уонна кэлин, киэҥ уонна кыараҕас аһаҕас дорҕооннору үөрэнээччилэр билэллэрин ситиһиэххэ. ПНЕ СТ. Киэҥ аһаҕас дорҕооннору этэргэ айах киэҥник атар.
    ПНЕ СТ

«К» буукуба