ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киэҥник

сыһыат

Нууччалыы широко

Ис хоһооно · 10

1 #

сыһ

  • Сэрии аргыһа - уот кураан олус бииһээтэ. Биһиги Сахабыт сиригэр киэҥник тэнийдэ.
    М. Доҕордуурап
  • Киэҥник ыһыллан олорор нэһилиэк ол-бу ыраах, чугас муннуктарыттан -- син балачча элбэх киһи мустубут.
    А. Бэрияк
  • Киэҥник олорор оройуон - сүүрбэ түөрт нэһилиэктээх
    Бэс Дьарааһын

2 #

Киэҥ сиринэн тайаан, тэнийэн; ыраахха диэри тарҕанан (олор)

Нууччалыы Широко (раскинуться, расстилаться)

3 #

Улаханнык, арылыччы (көр)

Нууччалыы Широко открытыми глазами (смотреть)

  • Попов -- киэҥник эрилитэ көрөн, саҥата-иҥэтэ суох киниттэн көрдөһө сытар эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • [Харыалап] киэҥник диэличчи көрбүт харахтаах.
    Л. Попов
  • Киһи -- Маша диэки хараҕын киэҥник арылыччы көрөн таһаарда
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Улаханнык (айаххын ат). Θ Широко (открывать рот). Киэҥ аһаҕас дорҕооннору этэргэ айах киэҥник атар. ПНЕ СТ

4 #

Ыраах-ыраахтык үктээн (хаамп, хардыылаа о. д. а.), өрө, туора уунан (дайбаа, далай о. д. а.)

Нууччалыы Широко (шагать, ступать), широко (размахивать)

  • Киэҥник дайбаан хаамп.
  • Дьөгүөрдээн киэҥник атыллаталаан эрийэ хаампахтаата.
    Амма Аччыгыйа
  • [Хабырылла оҕонньор] илиитин өрө уунан киэҥник далайан баран сырбатар.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • [Дьүккүйэр Паана:] "Бу сылгы икки буутун сүгэн баран, бу курдук киэҥник хардыылаан сүүрэр киһи манна чугаһынан ханна да баар буолуо суохтаах"
    МНН

5 #

Тэлэччи, нэлэччи (хол., ааны, түннүгү ас)

Нууччалыы Настежь, широко (открыть что-л.)

  • Балаҕан аана киэҥник тэлэллэн аһылынна.
    Амма Аччыгыйа
  • Батымаары гынна Байанай биэрбитэ, дьиэни киэҥник тэлэйиҥ.
    Болот Боотур
  • Оо, ити таас дыбарыастар Лип-хара халҕаннарын, Киэҥник тэлэйэ астар, Билэҕиэн, ким тахсарын
    И. Эртюков

6 #

Сир ахсын, сир аайы, элбэх дьоҥҥо, маассабайдык (билин, тарҕан, тэний о. д. а.)

Нууччалыы Широко, повсюду, повсеместно (быть известным, распространяться). [Хабырылла бартыһаан] Үөрэх киэҥник тарҕанарыгар Үгүс сыратын биэрбитэ

  • Настя манна, Муустаах муора кытылыгар, киэҥник биллэр Болугур оҕонньор суос-соҕотох сиэнэ.
    Н. Якутскай
  • Т. Сметанин биэс уонун туолуута өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник бэлиэтэммитэ.
    КНЗ ТС

7 #

Киэҥ хабааннаахтык, далааһыннаахтык; сиһилии, олохтоохтук, дьоһуннаан (сайын, сырдат, арыйан көрдөр о. д. а)

Нууччалыы Широко, с размахом; подробно, основательно (освещать что-л. и т. п.)

  • Саха поэзията сайдыытын бастакы сүһүөх кэмигэр саҥа олох кыайыытын киэҥник хабан көрдөрөр. Софр. Данилов. Мин, кыахтааҕым буоллар, итини киэҥник көтөхсүөм, туруорсуом этэ.
    Н. Габышев
  • Октябрина боппуруоһу балай эмэ киэҥник сырдатарга сананна
    М. Попов

8 #

Олус элбэхтик, дэлэйдик, хойуутук

Нууччалыы В большом количестве, очень много, широко (использовать что-л.). [Күннүк Уурастыырап] киһи өйүгэр хатанан хаалар -- тэҥнээһиннэри, эпиитэттэри, мэтээпэрэлэри киэҥник туттар

  • Софр. Данилов. Саха поэттара силлабическай хоһоону киэҥник тутталлара. СЛ-8. С. И. Боло хомуйбут матырыйаалын А. П. Окладников "Саха сирин историятын" суруйарыгар киэҥник туттубут
    Кыым

9 #

Холкутук, көҥүллүк (олор)

Нууччалыы Свободно, спокойно, вольготно (жить)

  • Киэҥник тыын.
  • [Алгыынап:] Урут киэҥник, холкутук олорбуппут, холбут эрэ иһинэн үлэлээбиппит аны уурайыахтаах
    И. Никифоров

10 этии #

Киэҥҥэ киирбэт, баарга баппат кэпс. - сиэрэ суох, хадаар, харсаах Ол мин убайым, Өргөстөй Ыстапаан, киэҥҥэ киирбэт, баарга баппат киһи төрүөн-үөскээн ааспыта. Эрилик Эристиин. Киэҥҥэр түс кэпс. - холкутуй, уоскуй. Успокоиться, овладеть собой. Кыргыһан баран өлөр кытаанах санааны ылынан, киэҥэр түстэ, кэтэнэ-кэтэнэ, табах тарта. "ХС"

Нууччалыы Упрямый, несговорчивый

«К» буукуба