ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хоннох

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы подмышка, пазуха

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Киһи-сүөһү холун төрдүн ис өттө, агдатын кытта ыпсыыта

Нууччалыы Подмышка, пазуха

  • Кинигэлэрин -- хонноҕор кыбыммытынан, Микиитэ таһырдьа ыстанна.
    Амма Аччыгыйа
  • Хонноҕун анныгар диэри кэһэн баран, Дьөгүөрдээн харбаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Кэнчээри олбуор аанын тахсан Октябрина хаҥас хонноҕуттан ылла, ыга сыһынна
    М. Попов

2 аат тыл #

Иһирдьэ диэки киирбит булуҥ сир

Нууччалыы Обособленная часть леса, реки, озера

  • Молтой балааккатын хайа хонноҕор туруорара.
    И. Федосеев
  • Бүгүн сарсыарда ыам кэнниттэн, тыа хоннохторугар от оҕуста.
    А. Федоров
  • Киһи хараҕын курдук чөҥөрүйбүт соччо улахана суох күөл хонноҕор сиргэ тимириэххэ айылаах үүтээн дьиэ самналлан турара
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • Хоннох лабаалары нэдиэлэ ахсын суох гынан иһиллиэхтээх. КЮС ОАПТЭ. Хоннох салаалар үүнэн таҕыстахтарын ахсын, маҥнайгы сибэккилээх салаа анныгар үүнэр хоннох салааттан уратыларын сонно тута тоноон ылыллар
    САССР КОА

3 даҕааһын #

суолт., бот. Сүрүн уонна туора лабаа икки ардынан үүнэн тахсар умнас (хос сэбирдэх)

Нууччалыы Пасынок растения

4 этии #

Нууччалыы Преодолев скованность, делать что-л. с азартом, увлечённо, раскрыться в полной мере

Этиилэр

Хонноҕо аһыллар

тугу эмэ бастаан бытааннык, хорутуута суохтук саҕалаан баран, кэлин кыахтаахтык, кыайыылаахтык оҥорор Киэһэнэн сөрүүдүйэн, отчуттар хоннохторо аһыллан, хотуурдарын тыастара кууһурҕас.

  • Кэпсээннэр. [Зоотехник] Уол хонноҕо аһыллан, холуон-холуоннук хамсанан киирэн барда.
    С. Федотов
  • Кэлин улам эрдийэн, сүүрүк ат маҥнай мөдөөннүк ойбохтоот, хонноҕо аһыллан, олуга сыыйа кэҥээн -- үксээн барда.
    Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС, тюрк. холтых, колтук ‘подмышка’

«Х» буукуба