Перевод с якутского
хоой
аат тыл
Нууччалыы пазуха; подмышечная пазуха
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Киһи кэтэ сылдьар таҥаһын түөһүнэн ис өттө; сытар киһи кууһар илин эбэтэр ойоҕос өттө
Нууччалыы Пазуха; подмышечная пазуха
Хоонньугар угун. Оҕону хоонньугар уктан сыт. Ваня хоонньуттан арыылаах лэппиэскэни ылан сиир. М. Доҕордуурап Томороон, хоонньун хаһан кумааҕыларын таһаарда уонна туран кэллэ Болот Боотур
2 аат тыл #
Муннук хахха сир, булуҥ
Нууччалыы Защищенное от ветра место (напр., леса, реки, возвышенности, долины); укромное место
Үрэх саамай үрдүгэр, тыал киирбэт тумул ойуур хоонньугар, дьон кэлэн тохтообут эбит. Л. Попов Күөх тумул эбэ хотун тумулун хоонньулары, томторун саҕалары киһи бөҕө лыык курдук мустубут. Д. Таас Киһи күлүгэ хайа хоонньугар киирэн көстүбэт буолан хаалла Н. Якутскай
3 этии #
Нууччалыы О каждом из супругов, долго живущих вместе в добром здравии, благополучный в браке (букв. с теплой пазухой)
Этиилэр
Сылаас хоойдоох
дьахтар эбэтэр эр киһи кэргэнинээн бииргэ өр кэм иллээхтик олоруулара Тымныы хоойдоох киһи (дьахтар) көр тымныы.
Хоой хостуурдаах
кэһиилээх, бэлэхтээх.
С гостинцем, с подарком (приходить).
Бырааттаргар үчүгэй хоой хостуурдаах, төргүү сүөрэрдээх баран эрэҕин. Р. Кулаковскай Куонаан, аҕыйах хонуктаах уоппуската табыллан, бултуйан-алтыйан, үөрэн-көтөн, хоой хостуурдаах, төргүү сүөрэрдээх куоракка киирэн сылдьбыт. Н. Борисов
Өссө холобурдар (1)
Хоонньугар оҥоойулаах, быттыгар быдараахтаах көр быттык
4 этии #
Нууччалыы Расстояние между корнями и стволом бурелома (деревья). [Таба сылгылаары] дьон буурҕаҕа түбэһэллэр, мунан хаалаллар, сыгынах хоонньугар тоҥон өлөллөр
Этиилэр
Сыгынах (тиит) хоонньо
(охтубут да, турар да) мас силиһин уонна умнаһын икки арда, төрдө Амма Аччыгыйа.
Сыгынах хоонньугар долгун үөһээ түөрэҥниир тыы курдук буолбатаҕа, өрүс үрдүнүү уорааннаах салгын эмиэ суоҕа, манна нам-бааччы уонна ичигэс этэ. Далан Бэҕэһээ кураанах тиит хоонньугар оттубут уота буордаах сыгынаҕын төрдүгэр буруолаан бургучуйа сытарын көрбүтүнэн тиийдэ. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС хой ‘пазуха; грудь’, хой ‘дно долины’, алт., каракалп. койын ‘пазуха’