Перевод с якутского
көҕүс
аат тыл, туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы спина; позвоночник
English back, spine
Ис хоһооно · 11
1 аат тыл #
Нууччалыы спина; позвоночник
English back, spine
көхсүгүн көрдөр покинуть кого-тоto leave someone
2 аат тыл #
Киһи сиһиттэн үөһээ (моонньугар, сүнньүгэр диэри) өттө
Нууччалыы Спина человека
көҕүй диэнтэн холб. туһ. Тахсыбыт күнү айхаллаан, бөһүөлэк бөтүүктэрэ көҕүһэ ыллаатылар. Л. Попов Дьон мунньустан көрүлүүр көрө ол хаарты эрэ курдук санаан, көҕүһэ-көҕүһэ, мунньуста-мунньуста оонньууллар. Эрилик Эристиин Көҕүспүт курдук, олбуор иһигэр үүнэн турар дороххой эрбэһин былаастаах бэттиэмэ оту охсон куугунатан кэбистилэр. А. Бэрияк
Өссө холобурдар (3)
Саҕатынан хаар киирэн, көхсүн тымныынан хаарыйбахтаата. Амма Аччыгыйа Титиик кэннинээҕи ойуурга киһи көхсө элэкис гынан хаалла. М. Доҕордуурап Таня саҥата суох бинсээги ылан көхсүгэр быраҕынна ХС
3 аат тыл #
Кыыл, сүөһү арҕаһыттан сиһигэр дылы миэстэтэ
Нууччалыы У животных: часть спины между загривком и крупом или поясницей
Сутаакы тириитэ сутуруо, Сылгы көхсө сыалыйа.
Өксөкүлээх ӨлөксөйНьуукка уол кылгас уктаах батыйатынан кыылы көхсүгэ сырбатта. Л. Попов Кытаат, аһаа, сынньан! - диэн баран, оҕонньор оҕуһун көхсүттэн имэрийбэхтээн ылла. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (5)
Дьэ, доҕоор, биир куобах талах төрдүгэр көхсө мохчойон, хараҕа бүлтэйэн сытар эбит. Н. Тарабукин (тылб.) Сэгэйэр ойуун кутуруксута уунан биэрбит дүҥүрүн уонна былаайаҕын, көхсүнэн олорон, икки илиитин кэннинэн уунан, ылар. Л. Попов - Валерий Иванович, дорообо!.. - көхсүгэр, адьас чугас, киһи саҥарда. Л. Попов Яков көхсүнэн да турдар, тугу эрэ бүтэйдии сэрэйэн, кэннин хайыста. Н. Заболоцкай Ср. др. -тюрк. көгүс ‘верхняя часть туловища, грудь; сердце, ум’; тюрк. көгүс ‘грудь’
4 аат тыл #
Туох эмэ дьогдьойон, токуруйа үрдээн көстөр өттө
Нууччалыы Дугообразная, выгнутая сторона чего-л.; хребет
Айа көхсө оҥорон, кытаанах баҕайы киил маһы кыһан тиниктэһэр.
КүндэБорокуот гудога чускуутаан, Халлаан көхсө дуораһыйда. С. Васильев Өскө балаҕан ыйыгар ый кэлтэкэтэ көхсүнэн тиэрэ түспүт буоллаҕына, хас даҕаны күнү быһа -- ичигэс күннэр буолуохтарын сөп ДьСИи
5 аат тыл #
Таҥас киһи көхсүн сабар өттө, кэннэ
Нууччалыы Задняя, закрывающая спину человека, часть одежды
Сон көхсүн абырахтыы олордо. Эрилик Эристиин Ырбаахытын көхсө хайдыбыт Амма Аччыгыйа Туох эмэ кэтэх өттө. Θ Тыльная сторона чего-л. Хортууһун көхсүнэн сүүһүн уонна моонньун соттумахтыы-соттумахтыы албыннык ньамырҕаата. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Хараҕын уутун илиитин көхсүнэн сотто
Суорун Омоллоон
6 аат тыл #
Тардыы форматыгар: туох эмэ үрдэ, ньуура, иэнэ
Нууччалыы В форме принадлежности: поверхность, площадь чего-л., простор
Күөх садпытын чэлгитэ ибииртибит, Көччүйэр таас уулуссабыт көхсүн сууйдубут. С. Зверев Күөл көхсө күндээрэн көстөрө. Күннүк Уурастыырап Сир-дойду көхсө киэҥ
Күндэ
7 аат тыл #
суолт. Туттуу (сороҕор сыһыарыы) түһүккэ: ким эмэ кэннигэр, ким эмэ кэннинэн
Нууччалыы В форме орудного (реже дат.) падежа: сзади, за спиной; задом (стоять, сидеть и т. д.)
8 этии #
Нууччалыы Терпеливый, великодушный, способный переносить страдания, боль, неприятности
Этиилэр
Көхсө буһар көр көхсүн хаана кыынньар
Сорокин Чаровтаах тустарынан кэрэһэлээбититтэн кини көхсө буһан, түҥ-таҥ, өйүкү-төйүкү соҕус. Р. Баҕатаайыскай
Көхсө көөнньөр көр көхсүн хаана кыынньар
Төбөт баара, билиҥҥиттэн киһи тылын истибэт, - диэн Дуугун көхсө көөнньө олордо. М. Доҕордуурап. Көхсө кэҥээтэ - туохтан эрэ дуоһуйан эбэтэр ыксаллаах суолтан төлөрүйэн холкутуйда, уоскуйда, чэпчээтэ.
Успокоился, вздохнул облегченно; отлегло на душе.
Сөдүөччүйэ хойуу чэйтэн утаҕа ханан, көхсө кэҥээтэ. М. Доҕордуурап Сипсики тугу да билбэттэр эбит дии санаат, көхсө кэҥээбитэ, кыараҕас хараҕа сырдаабыта. Л. Попов
Өссө холобурдар (10)
Кэтириис аргыый уолу уураан ылла. Уолун минньигэс сытыттан туоххаһыйбыт ийэ, көхсө кэҥии, сүрэҕэ сымныы сылаанньыйа түстэ. НС ОК. Көхсүгүн (кэннигин) көрдөр кэпс. - 1) кыыһыран эбэтэр туоххуттан эмэ көҥөнөн кэннигинэн буол, түҥнэри хайыс. Отвернуться от кого-л., показать спину, не желая объясняться, разговаривать и т. п. Бар, тамыйахтары тардыс! - Сүөкүлэ кыыһырбыт курдук көхсүн көрдөрөн кэбиспитэ. В. Гаврильева Онон хайыыбытый? Ыҥыран аҕалан баран, көхсүбүтүн көрдөрөн кэбиһэбит дуу? "ХС"; 2) куот, тэскилээн баран хаал. Бежать, отступать; показывать спину. Кэлбиппит, көхсүлэрин көрдөрбүттэрэ ырааппыт этэ. Байбал Сүөдэрэбис хара балыырга түбэспит ыар күммэр көхсүн көрдөрдө. НС ОК. Көхсүгүн этит - күөмэйиҥ кэһиэҕирбитин чөллөрүтэн сөтөлүн (үксүгэр долгуйууттан, айманыыттан эҥин). Закряхтеть, закашлять (чаще всего от волнения, расстройства). Күөмэйин оҥостунан Көхсүн үс төгүл этиппитэ. С. Зверев Андриан чэйдии олорон, көхсүн этиппэхтээн баран, суругу сиэбиттэн ылан Машаҕа уунна. М. Доҕордуурап Көхсүгэр оноҕостоох эргэр. - аска-үөлгэ эбэтэр тугу эмэ үллэстиигэ соһуччу түбэһэ түспүт киһи. Приходящий на пир или дележ вовремя, но случайно, везучий на угощение (букв. со стрелой на спине). Тэҥн. муннугар сыттаах. Көхсүн иһигэр - 1) бүтэйдии киҥинэйэн, иһиллэр иһиллибэттик (саҥар). Про себя, себе под нос (говорить, бормотать). Аны Хобороос доргуччу саҥарара хаалбыт, көхсүн иһигэр эҥсэр. А. Сыромятникова; 2) саҥата суох, таһыгар таһаарбакка, туора киһи көрүүтүгэр биллэрбэккэ. Про себя (смеяться, злиться). Көхсүн иһигэр абаланар. ПЭК СЯЯ. Көхсүн иһигэр күллэ. А. Сыромятникова Көхсүн хаана кыынньар (буһар, көөнньөр) кэпс. - кимиэхэ, туохха эмэ ис-иһиттэн абаланар, кыыһырар. Пылать гневом, ненавистью к кому-л. Абабыттан көхсүм хаана кыынньан кэлэр. М. Доҕордуурап Дьоҥҥо көхсүн хаана буһан хаһыытаабытынан тиийдэ. Н. Босиков Кыараҕас көҕүстээх - кыраттан да кыыһырар, тымтар. Способный быстро сердиться, гневаться; вспыльчивый, обидчивый. Катя элбэх тыллаах, татакайдаммыт -- кыараҕас көҕүстээх, харса-хабаана суох, бүрэ көрүҥнээх кыыс. А. Федоров Миигин өһүргэскин, кыараҕас көҕүстээххин, солуута суох буолталыыгын диэн сэмэлиирэ. ХС Утар. киэҥ көҕүстээх
9 этии #
Нууччалыы Общее название болезней легких (у человека, животных)
Этиилэр
Көҕүс хараҕа көр харах
Үрүҥ Уолантай Додор хоруолу -- үҥүүнэн көхсүн хараҕар тирээн испит. Саха фольк. Айталыын Куо көхсүн хараҕыттан Хараҕаланан баран, Хараҕын уутунан суунан, Иэйэ-туойа олорорун көрдө. П. Ойуунускай. Ат саҥардыы тэнийэн сүүрэн эрдэҕинэ оҕонньор уҥа көхсүн хараҕа ньир гына түһэр. Р. Кулаковскай. Көҕүс ыарыыта кэпс. - киһи, сүөһү тыҥатынан ыалдьыыта Куйаас түстэ да, табаларга көҕүс ыарыыта көбөн таҕыста. Ити аата, саас төрүөх кэмигэр тымныйар эбит буоллахтара. П. Егоров. Саха народнай медицинатыгар бу үүнээйинэн [үөрэ отунан] бас ыалдьыытыттан, илиистиги түһэрэргэ, араҥтан, көҕүс ыарыытыттан эмтэнэллэрэ. МАА ССКОЭҮү. Көҥдөй көҕүс - киһи, сүөһү баһа, лабаалара суох сүрүн өттө.
Туловище человека, животных.
Киһи этин сүрүн чаастара: төбө, моой, көҥдөй көҕүс, илиилэр уонна атахтар. СМН АҮө. Дьардьамаҕа бас уҥуоҕун, көҥдөй көҕүс уҥуохтарын (сиһи, агданы) уонна лабаалар (илии, атах) уҥуохтарын араартыыллар. СМН АҮө. Көхсө сааллар - өр олорон, сылайан, көхсө ыалдьар, көһүйэр. От усталости, долгого сидения застыла, заныла спина. Кини көхсө сааллар быһыылаах - кириэһилэтигэр өйөнөн олорбохтуу түһэр.
Суорун ОмоллоонСорох-сорохтор истиэп киэҥ ньуурун көрөртөн харахтара сылайан, көхсүлэрэ сааллан, кириэһилэҕэ тиэрэ түһэн утуйан хаалбыттара. Умнуллубат к. Көхсө тыаһыыр - сылайан, эстэн күрдүргээн тыынар. Дышать шумно, с хрипом (от усталости, изнеможения). Мөлтөөбүт таба көхсө тыаһыыр сурахтааҕын мин урут дьонтон истэр этим. И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Кэнникинэн ыстаарсай күүһэ эһиннэ, бастаан аҕылыы-аҕылыы хаарга силлээтэ, онтон көхсө тыаһаата, сиһэ кэдэҥнээтэ. "ХС"
10 даҕааһын #
, эргэр. Толору буолбатах, быһаҕас (иһит туһунан)
Нууччалыы Неполный (о наполненности посуды, емкостей)
Көҕүс кымыстаах көҕүөр иһит турар. Ср. др. -тюрк. коҕус ‘пустой’
11 этии #
Нууччалыы Огорчаться, разочаровываться, расстраиваться из-за чего-л
Көҕүс түс - 1) туохтан эмэ санаарҕаа, мунчаар, хомой; туохтан эмэ астыныма, дуоһуйума Киниттэн бэрт кытаанах тыллаах суругу туппута. Оннук суругу күүппэтэҕэ, улаханнык хомойон, көҕүс түһэн сылдьар. А. Сыромятникова Валя кинини хомоппутуттан эмискэ көҕүс түһэн хаалла.
А. ФадеевТурар дьон кэлин кэккэлэригэр көҕүс түспүт кэпсэтии иһиллэрэ. М. Горькай (тылб.); 2) быһаҕас түс, ситэтэ суох буол; уруккутааҕар мөлтөө. Θ Убавляться; ухудшаться, слабеть, затухать. Утуйар уум уу буолбата, аһыыр аһым ас буолбата. Доруобуйа төһө-хачча көҕүс түспүтүн этиллибэт даҕаны. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Тууйастаах арыы көҕүс түспүтүн биирдэ өҥөс гына көрө түһэн баран, -- ырбаахыны атыылыырга быһаарынныбыт. СДТА. Күүстээх Сокомуой умайан кэлэр, эмиэ да сөҕүрүйэн көҕүс түһэн хаалар ураһа уотун одуулаһа сыппыта. "ХС"