ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иннэ

аат тыл

Нууччалыы игла, иголка

English needle

Ис хоһооно · 12
I

1 аат тыл #

Иистэнэргэ аналлаах, таҥаһы курдары анньан сабы таһаарар үүттээх, уһуктаах синньигэс тимир

Нууччалыы Игла, иголка (для шитья)

  • Ойоҕо Боккуойа этэрбэс тигэ олорон иннэтинэн сөмүйэтин дьөлө анньан киҥэ-наара холлон олороохтуур.
    Амма Аччыгыйа
  • Олорон эрэн иннэбин тоһутан кэбистим.
    Н. Заболоцкай
  • Муҥ сатаатар, этэрбэс тигэр суон иннэ суох буоллаҕа үһү
    Болот Боотур

2 аат тыл #

Араас аналлаах сытыы уһуктаах тимир

Нууччалыы Металлический стержень с заостренным концом различного специального назначения

  • Патефон иннэтэ. Укуол иннэтэ.
  • Борохулуо саа этэ: иннэтэ бөстүөнү кыайан эспэт этэ. М. Шолохов (тылб.)

3 аат тыл #

Сорох мас үүнээйи мутукчата, хатыыта

Нууччалыы Хвоя, шип некоторых деревьев, растений (напр., сосны, шиповника)

  • Онтон харыйа иннэтин илдьэ кэлэн [тоҥсоҕой] хаптаһыны тардыалыы сатаан баран, кыайбакка эмиэ төннөр.
    Амма Аччыгыйа
  • Ньимиһэн турбут бэстэр мутуктара, соһуйбуттук кини сирэйин эттииллэрэ, сытыы иннэлэринэн кэйэллэрэ.
    Н. Заболоцкай
  • Дөлүһүөн уга баар хатыылаах, Дьөлүтэ кэйэр иннэлээх
    Баал Хабырыыс

4 аат тыл #

Сорох кыыллар, балыктар, үөннэр-көйүүрдэр кытаанах хатыылара

Нууччалыы Твердые, колючие образования, шипы на теле некоторых животных и рыб

  • Дьуос иннэлэрэ. Ыҥырыа иннэтэ

5 аат тыл #

Сытыы уһуктаах, синньээн көстөр туох эмэ

Нууччалыы Остроконечный тонкий предмет или его части

  • Адмиралтейство иннэтэ ыраахтан күн уотугар күлүмүрдүү турар.
  • Күн уотун сытыы иннэтэ Күрдьүгү тэһитэ кэйдэ
    Баал Хабырыыс

6 этии #

Нууччалыы О ком-чем-л., что затерялось там, где, казалось бы, невозможно потеряться (соотв. затеряться, словно иголка в стогу сена)

Этиилэр

Бэлэһигэр биэс иннэлээх көр бэлэс

  • Иннэ буолан сүппүт –сүтүө суохтаах да сиргэ сүтэн хаалбыт, көстүөхтээх да сиргэ кыайан көстүбэт Иннэ буолан сүппүт инженербит киппэ киэптээх, ходьоҕор уҥуохтаах киһи буолан биэрдэ.
    С. Федотов

Иннэ буоллаҕай (буолбатах)

ханна барыай, көстүө, баар буолуо.

Не иголка ведь (т. е. потерять невозможно; найдется, обнаружится).

  • [Өлөөнө:] Ол куорат сиргэ көрдүүр киһиҥ аатын билбэт буолан баран, хайдах булуом дии саныыгын? [Солко:] Төһө да куоратын иһин киһи иннэ буолбатах.
    С. Ефремов

Иннэ кылаанын саҕа

адьас кыра (да).

Ничтожный, совсем маленький, крапинка (букв. словно острие иголки).

  • Василийга хаһан да иннэ кылаанын саҕа мэҥи түһэриэ суоҕа, кини мэлдьи ыраас буоллун!
    А. Сыромятникова
  • Иннэ кылаанын да саҕа Иҥнигэс диэн суох.
    П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)

Иннэни ыйыстыбыт (сиэбит) курдук

¬ олус иинэ хаппыт, синньигэс, уҥуох-тирии киһини этэллэр.

Об очень худом человеке (букв. словно проглотивший иголку).

  • Иннэни сиэбит курдук синньигэс киһи (өс ном.). Кини хайдах иинэн, иннэни ыйыстыбыт курдук буолан хаалтын көрөөр ээ.
    Н. Заболоцкай
  • Кини [бөрө], иннэни сиэбит ыт курдук, уҥуохтаах тириитэ эрэ ордон хаалан, быһар быһаҕаһа бүтүннүү төбө иччитэ буолбут.
    Р. Кулаковский
Өссө холобурдар (1)
  • Кэбиһиилээх оттон иннэни булартан итэҕэһэ суох (кэбиһиилээх окко иннэни көрдүүр курдук) – олус уустук, бириинчик; киһи эрэ кыайбат (дьыалата, үлэтэ). Очень сложный, все равно, что искать иголку в стогу сена. Ону [өйдөөх тылы] хостоон таһааран, арааран ылыы, кэбиһилээх оттон иннэни булартан итэҕэһэ суох уустук дьыала. Н. Лугинов

7 этии #

Этиилэр

Иннэнэн эмтээһин көр эмтээһин

  • Нина Александровна Саха сирин быраастарыттан аан бастакынан иннэнэн эмтээһини баһылаабыт уонна элбэх киһини үтүөрдүбүт невропатолог-быраас. "Кыым"
II

8 аат тыл #

көмө аат

  • Кыһыл Ойуун уһуктан, туран уот иннигэр баран аргынньахтаан олорор.
    П. Ойуунускай
  • Арай Марисаны икки киһи, икки дабыдалыттан өрө ыйыы соһон, Турахин иннигэр илтилэр
    Эрилик Эристиин

9 аат тыл #

ыарыы түһүккэ хайааһын илин өттүгэр туһуламмыт предмети бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В форме дательного падежа употребляется при обозначении предмета, в переднюю сторону которого направлено действие (перед, к, в.)

10 аат тыл #

ыарыы түһүккэ хайааһын илин өттүгэр буолар предмети бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В форме дательно-местного падежа употребляется при обозначении предмета, впереди которого совершается действие

  • Уот иннигэр Ыстапаанньыйа эмээхсин олорор.
    Н. Неустров
  • Балаҕан иннигэр, сылбах оҕуруот иһигэр, үс-түөрт сыарҕа от бугулланан турар.
    Күндэ
  • Талахтар иннилэригэр сүүрбэччэ миэтэрэ сиртэн буруо бурҕас гынна
    Т. Сметанин

11 аат тыл #

Таһаарыы түһүккэ хайааһын илин өттүттэн тахсар, тэйэр предмети бэлиэтииргэ тутуллар (сэдэхтик тут-лар)

Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, с, от передней стороны которого исходит действие или удаляется предмет (употр. редко)

  • Аттаахтар бөлөх талах инниттэн тэйэн бардылар. Ыалдьыт уот инниттэн халбарыйан биэрдэ

12 аат тыл #

Туттуу түһүк форматыгар хайааһын илин өттүнэн буолар, тарҕанар предмети бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В форме орудного падежа употребляется при обозначении предмета, по или вдоль передней стороны которого совершается, распространяется действие (по передней стороне, впереди)

  • Петя ыскылаат иннинэн тиийэн кэлэр.
    С. Ефремов
  • Кымньыыгын уолаттар иннилэринэн кириэс-мараас далбаатаата.
    Эрилик Эристиин
  • Муустар улам үллэ анньан, кини иннинэн аалсан устан дагдалдьыһан эрэллэр эбит.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. ийне, йиҥне

«И» буукуба