Перевод с якутского
уорҕа
аат тыл
Нууччалыы спина, спинной хребет
English spine
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Тыынар тыыннаах көҕүс, иэн өттө, көхсө
Нууччалыы Спина, спинной хребет
Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар (өс хоһ.). Маайа өрүһүн икки кытылын иирэтэ саһыл уорҕатын курдук кытарымтыйа мөлбөйөн турар. Н. Якутскай Күүстээх тыалтан таба сиһин уорҕатыгар көмнөх хаара түһэр. ТНС ОКТК. [Кыһыл көмүс балыктар] уорҕаларын хатырыга киһи хараҕа саатыан курдук чаҕылыҥныыр ПНО
2 аат тыл #
Сүөһү, кыыл тириитин көҕүс көп түүлээх, халыҥ өттө (ордук күндү)
Нууччалыы Шкура вдоль хребта скотины, животного (наиболее ценная)
Таба тугута бэргэһэлээх, Таба сарыыта үтүлүктээх, Таба уорҕата саҕынньахтаах, Таба өрөҕөтө ыстааннаах. Болот Боотур Уулаах Ааныката тикпит, куобах уорҕата истээх түнэ сонун бырахта. Эрилик Эристиин Биир убаһа -- уорҕатыттан массыына олоҕун сабыыта, олоппос тэлгэҕэ, ону тэҥэ былыргылыы саахымат көбүөр оҥоһуллар ДьСИи
3 аат тыл #
Нэлэмэн сир, дириҥ уу киэҥ иэнэ, көстүүтэ
Нууччалыы Далёкий горизонт широких открытых мест, больших, глубоких водоёмов
Саха сирин уорҕатыгар Ойбут уоттаах тыргыл күн. Эллэй. Күөх уу көмүс уорҕата хоту кылбайан уһунна. Дьүөгэ Ааныстыырап. Халлаан илин уорҕатыгар үрүҥ былыттар усталлар Н. Абыйчанин
4 этии #
Нууччалыы Заставлять кого-л. испытывать сильное волнение
Этиилэр
Тас уорҕатынан барда
тас (таас) иэнинэн барда ‹тиэрэ таһылла түстэ› диэн курдук (көр иэн I).
Майаҕатта -- аттаах киһини илиитин таһынан илгэн кээспитэ, ата туспа, киһитэ туспа тас уорҕаларынан барбыттар. Саха сэһ. 197 7. Коровин -- тирэнэн турбут тирэҕэ туура ыстанна да, кини тас уорҕатынан аллараа барда. ХС Уорҕатыгар уоту ыстаннар кэпс. – кими эрэ олус долгут, аймаа Үөһэнэн сытыы кынаттар -- тыастара отууга кэтии, тоҥо сытар үгүс булчут уорҕатыгар уоту ыстаннарда. Н. Заболоцкай
Уорҕатынан оонньообут
оройунан (төбөтүнэн) көрбүт (тыыммыт) диэн курдук (көр көр I).
Алексей Гаврильевич эдэригэр, этэргэ дылы, оройунан көрбүт, уорҕатынан оонньообут, элбэҕи эргиппит эр бэрдэ этэ. ЧКС АК
Уорҕатынан уур (бырах)
кими эмэ тиэрэ түһэр, бырах.
Положить, бросить кого-л. на обе лопатки.
Бөҕөстөр тусталлар. Биирдэрэ биирдэрин тас уорҕатынан быраҕар.
Суорун Омоллоон
Уорҕатын хастаа
иэнин хастаа диэн курдук (көр иэн I).
Уорҕаҕын, иэҥҥин хастаары Оҥостон кэлбитим, ороспуонньук! П. Тобуруокап