Перевод с якутского
уорган
аат тыл
Нууччалыы часть организма, имеющая определённое назначение, орган
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Тыынар-тыыннаах, үүнээйи туох эмэ аналлаах сорҕото
Нууччалыы Часть организма, имеющая определённое назначение, орган
Мэйии – киһи өйүн-санаатын үөскэтэр уорган. ППА БЭХКК. Тыынар уорганнарынан мурун, бэлэс, хабарҕа, тыҥа буолаллар. Ыанньыксыт с. Сылгы бигиир уоргана киһи сөҕүөн курдук үчүгэй сайдыылаах. Кини этинэн-сиининэн бүтүннүүтүнэн, бэл, туйаҕынан кытта бигээн билэр. “Кыым”. Силис, умнас, сэбирдэхтэр, сибэккилэр уонна астар үүнээйи уорганнара диэн ааттаналлар. КВА Б
2 этии #
Билэр уорган анат. – киһи тас эйгэни билэригэр көмөлөһөр этин-сиинин сорҕото Киһиэхэ биэс суол билэр уорганнар бааллар. Олор тула туох баарын киһиэхэ биллэрэллэр, куттал туһунан сэрэтэллэр.
Нууччалыы Орган чувства
Этиилэр
Ол
харах, кулгаах, мурун, тыл, тирии.
КЗА АҮө
3 аат тыл #
Судаарыстыба эбэтэр уопсастыба ханнык эмэ салайар тиһигин (үксүгэр салайар, хонтуоруоллуур) туох эмэ анал сыаллаах-соруктаах тэрилтэтэ
Нууччалыы Государственное или общественное учреждение, входящее в состав определённой системы управления и обладающие соответствующими функциями, орган
“Хотугу сулус” сурунаал литературнай кириитикэни көҕүлүүр, тэрийэр, сүрүннүүр уорган буолуохтаах. Софр. Данилов. [Назар:] Уорган үлэһитэ чиэһинэй буолуохтаах. Р. Баҕатаайыскай Дириэктэр олохтоох салайар уорганнары кытта сөптөөх сыһыаны олохтоон -- тэрээһин үлэни күүскэ ыыппыта. “ ХС
4 этии #
Этиилэр
Бэчээт уоргана көр бэчээт
Таайым ити сылларга улуус бэчээтин уорганыгар эппиэттээх үлэҕэ үлэлээбитэ