ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

анабыл

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы направление, назначение на какую-л. работу, должность

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Ханнык эрэ үлэҕэ, дуоһунаска ыытыы, анааһын

Нууччалыы Направление, назначение на какую-л. работу, должность

  • Бу анабылтан мин олус үөрдүм.
    Т. Сметанин
  • Өлөксөөс түөрт сыл үөрэнэн, анабылын ылан, дойдутугар - Саха сиригэр - баран испит
    А. Бэрияк

2 аат тыл #

Дьылҕа, оҥоруу

Нууччалыы Судьба, предначертание, участь

  • Күүстээх санаа көхсүбэр көймөстөн, Анабылым биллин диэн Анньынан кээспитим.
    С. Зверев
  • Онтон анараа өттүгэр - Айыҥат хаан анабыла, Таҥха хаан таҥхата, Дьылҕа хаан дьылҕата [билиэх этэ].
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Тэҥн. анал

3 аат тыл #

3

4 аат тыл #

Туохха эмэ дьоҕур, сыһыан, айдарыы

Нууччалыы Призвание, природная способность к чему-л

  • Тугу да сатаабаппын, кыайбаппын даҕаны. Уопсайынан, маннык үлэҕэ анабылым суох быһыылаах
    С. Ефремов

5 аат тыл #

Кимиэхэ эмэ өлүүлэммит мал, табаар эбэтэр ким эмэ чааһа, өлүүтэ

Нууччалыы Предназначенные для кого-л. вещи, товар или часть, доля чего-л

  • Кини бэйэтин анабылын - дьиэтин - кимиэхэ да биэрэр санаата суох

6 аат тыл #

лит. Айымньы иннигэр кимиэхэ анаммытын этэн суруйуу

Нууччалыы Посвещающая надпись, вступительная часть сочинения, обращенная к лицу, которому посвящено сочинение или указывающая в честь чего оно написано

  • Михаил бу кинигэ анабылын хос-хос ааҕыталаата.
  • Ардыгар анабыл бэйэтэ туспа уус-уран айымньы буолааччы
    ВГМ НСПТ
  • 2. Үксүгэр алгыһы анабыл уус тыллаах кырдьаҕас, ырыаһыт киһи алгыахтаах.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Поэт бу кинигэтин “Чурапчы чараҥар”, “Этигэн хомус” диэн салааларга араартаабыт уонна хас биирдиилэрин анабыл тылынан арыаллаабыт. А. Бродников

«А» буукуба