Перевод с якутского
суума
аат тыл
Нууччалыы определённое количество денег, денежная сумма
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Төһө эрэ кээмэйдээх харчы
Нууччалыы Определённое количество денег, денежная сумма
Кыбартыыра туттаран эрэр, Усунуоһун төлүүргэ киниэхэ Төп-төгүрүк суума наада. И. Гоголев Кыттыһааччылартан [ат сүүрдүүтүгэр] үп угааччыта аҕыйах да буоллар, киһитин ахсаана элбэҕинэн, үгүс суума буолан таҕыста. В. Чиряев Элбэх суума тыа хаһаайыстыбатын өрө көтөҕүүгэ туһаайыллар СКТ
Өссө холобурдар (2)
Туох эмэ уопсай ахсаана. Θ Общее количество чего-л. Сир уопсай сууматыттан үс бырыһыана бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөр уопсастыбаҕа, оскуолаҕа ананан пуонда буолан туспа туруох тустаах.
КүндэТойон Диксон биэрбит сорудаҕын үчүгэйдик толорон кэллэххитинэ, ити ыйыллыбыт харчыгыт суумата икки бүктэниллиэ! Н. Якутскай
2 аат тыл #
мат. Сыыппараны сыыппараҕа эбии түмүгэ
Нууччалыы Итог сложения чисел, сумма
Эбиллээччилэр турар бэрээдэктэрин уларытыыттан суума уларыйбат. БАН А. Уопсайынан, икки утарыта чыыһыла суумата нуулга тэҥ. ВНЯ М-
3 аат тыл #
Икки кэрчик бэриллибит суумаларынан уонна араастарынан сирдэтэн ити кэрчиктэри бэйэлэрин булуохха. КАП Г
4 аат тыл #
, түөлбэ. Таба үөрэ
Нууччалыы Оленье стадо
Элбэх оҕо буолан эҥин араас өҥнөөх таастары таба суумата гынаары хомуйдубут: маҥан да, араҕас да, эриэн да таастары. Н. Тарабукин Уолаттар уучахтарын үрдүгэр түһэн, сууманы кэрийэ ыстаннаран иһэн, бөрөлөр тарпыт икки табаларыгар кэтиллэ түһэллэр. ХС Бурааны табаһыттар манабылга эмиэ тутталлар. Суума таһынан, ырааҕынан таба суолун хайан эргитэллэр. "Кыым". Русск. сумма