ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

суулун

туохтуур

Нууччалыы падать сверху; валиться с ног

Ис хоһооно · 6
II

1 туохтуур #

Турар эбэтэр олорор сиргиттэн, тирэххин сүтэрэн охтон түс

Нууччалыы Падать сверху; валиться с ног

  • көр сууйулун. Атаҕым аннын көрбүтүм, саамай аччыгыйа биир ый бэтэрээ өттүгэр сууллубатах муоста быһыылаах. Софр. Данилов. Марбаала -- таҥас суулуннаҕына кирэ-хоҕо, бөҕө-сыыһа ордук харахха көстүмтүө диэн куолулаах эбит.
    Л. Попов
  • Эн көстүүмүҥ эмиэ сууллан, быаҕа ыйанан турарын көрбүтүм. Н. Семёнов
  • Ээ, утуйа сыттахпына үрдүбэр мас сууллубута.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (4)
  • Болот "өллүм" диэн хаһыытаабытынан сонно турбут сиригэр суулунна
    Н. Заболоцкай
  • Аллара түс (сулус туһунан). Θ Сорвавшись, падать вниз (о звезде). Сулус сууллара, Хаар ыһыллара, Сайылыкка чыычаах ыллыыра -- Оҕом саҥата буолан, иһилиннэ.
    Л. Попов
  • Кини -- элбэхтик сулустар сууллалларын көрбүтэ.
    Г. Угаров
  • Сурулуу сууллаллар сулустар, Оҥойо уолаллар далайдар
    Айталын

2 туохтуур #

Сиҥнэн, көөрөттөн түс

Нууччалыы Обрушиваться, обваливаться

  • Мин улаханнык куттанным: аны ампаар сууллан киһини баттыа дии санаатым.
    Н. Неустроев
  • Уолака эрэ -- суулла турар дьааҥы тааһыгар баттатан өлбүтэ.
    Суорун Омоллоон
  • Оһоҕун чанчыктара били өр туран сууллубутун кытта абырахтыы охсубут
    Н. Заболоцкай

3 туохтуур #

Дьаһайар кыаххын, күүскүн-уоххун сүтэр, хоттор

Нууччалыы Быть свергнутым, низложенным

  • Ыраахтааҕы хараҥа олоҕо хайаан да сууллуо.
    Амма Аччыгыйа
  • Көрдөһүөм кэриэтин көмүллүүм. Хоҥкуйуом кэриэтин сууллуум. Софр. Данилов. Ыраахтааҕы былааһа, баай-тойот былааһа сууллара чугаһаан турар
    М. Доҕордуурап

4 туохтуур #

Күргүөмүнэн, халҕаһанан ханна эмэ бар

Нууччалыы Гурьбой, всем миром идти куда-л. [Тустуу буоларын] истибит дьон эдэрдиин-кырдьаҕастыын бары онно сууллубуттар

  • Саха сэһ. 197

5 туохтуур #

Нэһилиэк аҥаара сууллан кэллэ. Болот Боотур. Сураҕа, бары бүрүстүүпүнньүктэр куоракка сууллубуттар. Р. Кулаковскай

6 этии #

Нууччалыы Гурьбой, толпой

Этиилэр

Сирэйэ-хараҕа сууллубут (суулла өспүт) көр сирэй-харах

  • "Тугу?" – Максим сирэйэ-хараҕа суулла өһөн нэһиилэ ыйытта.
    Н. Лугинов
  • Эмээхсин уолаттар сирэйдэрэ-харахтара сууллубутун көрөн, бэйэтэ да соһуйда.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
  • Быраканьыар сирэйэ-хараҕа суулла өһөн, киһи эрэ буоллар -- сири-буору кымаахтыы сылдьар киһи буолан хаалла.
    В. Ойуурускай

Тоҕо сууллан

күргүөмүнэн, халҕаһанан Сарай таһыгар олорор тойоттор бары аллара биэрэккэ тоҕо сууллан киирдилэр.

  • Биирдэ Күндүл бөһүөлэгэр бөртөлүөт тараадыйан кэлбитэ. Бөһүөлэк дьоно бары онно тоҕо сууллан тиийбиттэрэ.
    И. Федосеев
  • Бөһүөлэк дьоно биэрэккэ тоҕо сууллан киирбиттэрэ.
    С. Тумат
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. туба кижи дьугул ‘валиться, повалиться’, кирг. жыҕыл ‘сваливаться; упасть; быть повергнутым; быть побеждённым’

«С» буукуба