Перевод с якутского
самын
туохтуур
Нууччалыы обрушиться, развалиться от ветхости, старости (о строении). [Чыркый] "чус!" гына ыһыытаан баран көтөн тирк гынан хаалар
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
эн, алдьанан сууллан, сиҥнэн түс
Нууччалыы Обрушиться, развалиться от ветхости, старости (о строении). [Чыркый] "чус!" гына ыһыытаан баран көтөн тирк гынан хаалар
Мантан Барыллыа тойон соһуйан "Сууй!" диэн өрө көтө түспүтүгэр, уйата самнан суугунаан түспүт. Саха фольк [Эргэ балаҕан] муннугунан биир холлоҕоһо аһаҕас, үрдэ биир сиринэн самныбыт
КүндэСиҥнэн түспүт курдук олус намыһах, самнайбыт көстүүлээх буол. Θ Быть низеньким, приземистым (о строении). Баай дьиэтэ диэтэххэ, самна сытыйан холоон эбит. А. Неустроева
Өссө холобурдар (1)
Өйдүүбүн эрэйдээх олохтоох Уйбаанчык үөскээбит уйатын, Муннугар сыһыары хоспохтоох Самныбыт балаҕан кыратын Эрилик Эристиин
2 туохтуур #
Туохха эмэ санааҥ күүһүн, куккун-сүргүн баһыйтар, саба баттат
Нууччалыы Быть подавленным кем-чем-л. духовно; находиться в духовном порабощении. [Тыгыннаах Майаҕаттаны] ыраахтан чуҥнаан көрдөхтөрүнэ, уҥуоҕа улахана олус, сүгэн аҕалара да алыс сөҕүмэр, маны көрө-көрө дьулайаллара, самналлара бэрт эбит
Саха сэһ. 197
3 туохтуур #
Кыайан утарыласпат, өрүттүбэт буола кыайтар
Нууччалыы Потеряв силу быть сломленным окончательно
Санньылхай санаалаах Саха урааҥхай аатыран Саас-үйэ тухарытын Самнан, бүгэн олорбуппут. Нор. ырыаһ. Ыйааһыннаах буруйун Ыы муннуга этитэн, Самнан түспүт Миитэрээс Саҥарыаҕын салынна. Р. Баҕатаайыскай Эмээхсин ыгылыйбыт куолаһа, хараастыбыт, самныбыт дьүһүнэ кулубаны ордук кыйахаата. И. Гоголев Кырдьык хайаан да өрөгөйдүөҕэ, сымыйа самныаҕа. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
Кыыллыйбыт фашист самныбыта, Кыайыы күнэ тахсыбыта. С. Васильев Кини [Кыайыы] - Кыыһар сата буолан дьааһыйда, Одер уҥуор Самныбыт Берлин үрдүнэн знамя буолан өрө кыырайда А. Абаҕыыныскай Охсуһууга кыайтаран өл, өстөөххүттэн өл. Θ Погибать в борьбе, сражении, погибать от рук врага, будучи побеждённым. Мин өллөхпүнэ, сэттэ күннээх түүн улуу буурҕа түһүөҕэ, өстөөхтөрбүт онно өлүөхтэрэ, саастаахтарбыт онно самныахтара Г. Угаров
4 туохтуур #
Мөлтөө, урукку курдук күүһэ-кыаҕа суох буол
Нууччалыы Утрачивать былую мощь, становиться менее сильным, менее значительным. [Хара санаалаахтар] Ким эрэ аатырдаҕына, Абаккараллар кинилэр, Ким эрэ самыннаҕына, Сэмээр олус үөрсэллэр
И. Гоголев И. Гоголев Кэхтэн мөлтөө, ахсаа (хол., дьол-соргу туһунан). Θ Ослабевать, становиться менее ощутимым (напр., о счастье). Саас-үйэ тухары Самныбат саргыланыҥ, Одун хаантан охтубат оҥорууланыҥ.
П. ОйуунускайТаптал сүрэххитигэр тыыннааҕын тухары эһиги модун күүстээх, самныбат санаалаах буолуоххут. С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Харыйаан, санаата түһэн, соргута самнан кэллэ ХС
5 туохтуур #
Утарааччылар күүстэригэр кыайтаран суулун, уурай (хол., былааһы этэргэ)
Нууччалыы Быть свергнутым; рухнуть (напр., о государственной власти или общественной системе)
Ол саҥа былааһыҥ сарсын самыннын. Оччоҕо ханна күрүүгүн? И. Бочкарёв Самынна эргэ үйэ - сор, кырыыс, баалкы, кускуур... Саргыланна саҥа үйэ - Сайдыы, дьылҕа, дьол-тускул! В. Чиряев
6 этии #
Этиилэр
Саалаахтан самныма, охтоохтон охтума көр ох
Эмээхсиннэрэ саалаахтан самнымаҥ, охтоохтон охтумаҥ диэн алгыы хаалар. Саха фольк Охтоохтон охтубатын, саалаахтан самныбатын үтүө бырааппыт Миитэрэй! Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Ср. др. -тюрк. йеҥ ‘побеждать’, тув. чамдый ‘крениться, наклоняться, кривиться’