ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

алдьан

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы терять целость, быть испорченным, поврежденным

English to break down, to collapse, to deteriorate, to fall apart

Ис хоһооно · 8

1 туохтуур #

Бүтүн туруккун сүтэр, буорту буол

Нууччалыы Терять целость, быть испорченным, поврежденным

  • Таҥыннахха алдьаммат аҥас, аһаатахха бүппэт ас диэн суох ээ.
    Амма Аччыгыйа
  • Өксүүнньэ били баҕайыны [баҕа оҕотун] маһынан ылан, алдьаммыт бөх ыаҕаһыгар уган, дьиэ кэннинээҕи былыргы даҥ оҥкучаҕар таһааран бырахта.
    Күндэ
  • Легковой газик алдьанан турар. Софр
    Данилов
Өссө холобурдар (4)
  • Сааскы халлаантан көтөҕүлүн-кумалан (өрүс, күөл мууһун туһунан). Θ Ломаться, крошиться (о льде во время половодья). Кыһыллары Лена өрүс мууһа алдьаныытыгар тириэртэхпитинэ, Иркутскайтан кэлэр кыһыл этэрээттэри кытта күөн көрсөрбүт мүччүрүйбэт суол буолар.
    Эрилик Эристиин
  • Көлүйэҕэ уу киирбититтэн мууһа көтөҕүллэн, алдьанан улахан ырбыы тахсыбыта эрэһэ долгунунан дьиримниир
    М. Доҕордуурап
  • Ороскуоттанан, сиэниллэн бар (кэрдэн, быһан ылыллар ууруу хаһаас ас туһунан). Θ Быть распечатанным, начинать растрачиваться (о запасенном продукте, который можно расходовать, разрубая на части). Бу киэһэ атах эт алдьанна.
  • Таҥас суунуллар, киэргэниллэр, Саҥа ырбаахы тигиннилэр. Сэлиэһинэй тардылынна, Хаһаас арыы ас алдьанна
    Дьуон Дьаҥылы

2 туохтуур #

Уруккуттан уларыйан, буорту буолан, мөкүтүйэн хаал (хол., буочар, бэрээдэк эҥин)

Нууччалыы Потерять первоначальный вид, портиться, ухудшаться (напр., о почерке, порядке, дисциплине)

  • Кини [Өрүүсэ аҕатын] буочара хаһан да алдьаммат.
    А. Сыромятникова
  • Мунньахтара буоллаҕына бэрээдэгэ алдьанан, мунньах дьаабыта суох буолан хаалла.
    Эрилик Эристиин
  • Алдьаммыт бэрээдэк хат көнөн биэрэр диэн кэлиэ дуо, урут биир хааһахха киирэр, аҥаара эрэ батта
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
  • Урукку туруккуттан тас көрүҥҥүнэн сүүйтэр, мөлтөөн-ахсаан көһүн. Θ Терять вид, ухудшаться, быть усталым, измученным. Быһыым-таһаам да алдьанна. “
    ХС
  • Ыраас, ылааҥы туран хаҕыстык тыалыран, ардахтаан, тибиилэнэн бар (халлаан, күн-дьыл туһунан). Θ Вдруг испортиться, ухудшаться (о погоде). Халлаан бүгүн алдьаммыт!
    Н. Заболоцкай
  • Погода дьэ алдьанна, доҕор!
    Н. Лугинов

3 туохтуур #

Уоруу, халааһын түмүгэр арылын (хатааһыннаах, сабыылаах тутууну, малы этэргэ)

Нууччалыы Быть взломанным (с целью ограбления - напр., об амбаре, складе). [Маабыра:] Ол ампаар алдьаммытыгар биһигини туох сыһыаннаах дьону дьэҥдьийэллэр?

4 туохтуур #

Сатаан сылдьыллыбат буол, туһаҕыттан таҕыс (суол-иис туһунан)

Нууччалыы Стать не проходимой, быть поврежденной в результате распутицы (о дороге)

Өссө холобурдар (1)
  • Сопхуос киин сиртэн ырааҕа күһүн-саас суол-иис алдьанар, быстарык кэмигэр эрэ биллэр
    Н. Лугинов

5 туохтуур #

Олус тыҥааһыннаах, кыаҕы таһынан түллүүнү тулуйумуна улаханнык эмсэҕэлээ, быстан өл-сүт

Нууччалыы Надрываться от перенапряжения, погибать, издыхать (от непосильной нагрузки)

  • Этэ алдьанан өлөөрү сылдьар аты сир солуурга аҕалбыттара өлөн хаалла.
    Күндэ
  • Сүнэ Тархан Дьокуускай куоракка киирэ сылдьан тугу эрэ ыараханы көтөҕөн алдьанан өлбүтэ үһү. Саха сэһ. I

6 туохтуур #

Араас быһылаантан (сэрииттэн, айылҕа алдьархайдарыттан эҥинтэн) улаханнык сатарый, дьиэгэний (хол., куорат, дойду, олох эҥин)

Нууччалыы Терпеть бедствия, разорение (напр., из-за войны, стихийных бедствий - о стране, жизни населения и т. д.)

  • Субуруччу сут дьыллар буоланнар, кыра дьон олоҕо алдьыммыта.
    Эрилик Эристиин
  • Алдьаммыт дойдуҥ хараҕын уутунан Ахсынньы ардаҕа түһэрэ.
    И. Эртюков
  • Оо, холкуос алдьаннаҕа, Улахан ороскуот таҕыстаҕа
    С. Васильев
Өссө холобурдар (4)
  • Сатарый, ыһылын (дьиэ кэргэн, ыал табыллыбатах олоҕун туһунан). Θ Разрушаться, расстраиваться (о насчастливой семейной жизни, семье). Оҕо тойонум, куһаҕан, чэпчэки дьахтарга түбэһэн алдьанаары гыннаҕа диэн, аһына сылдьабын.
    А. Софронов
  • “Балтыҥ олоҕо алдьанан эрэрэ баар дии, улахан иэдээн,” - диэтэ Владимир Килович
    Н. Лугинов
  • Туох эрэ куһаҕан содулуттан эһин-быһын, улахан ороскуокка тэбилин, дьадай-быстар (ыал, хаһаайыстыба, дьон туһунан.). Θ Из-за подследствий каких-л. обстоятельств терпеть разорение, бедствие, попадать в очень трудное, непоправимое положение. Арыгыттан алдьаммыт, испииртэн иэдэйбит (өс хоһ.). Туманныыр туораан, уурастаан хаалан, Сургууһут ата кыайбыта, онно дьон бөҕө алдьаммыттара.
    Д. Таас
  • Аһатар-сиэтэр илгэбин Алҕас-алҕас биэрэммин Аан курдук алдьанным, Иин курдук иҥнэһинним
    Эллэй

7 туохтуур #

ан эрэ тэптэрэн атаҕар турбат, туолбат кыахха киир (хол., былаан)

Нууччалыы Быть под угрозой срыва, начать срываться (обычно из-за незначительного повода - о планах, намерениях)

  • Абдуркулла баар эрэ биир бүөмчү санаабыт былаана алдьаммытыттан курутуйбут киһи быһыытынан, сир диэки хайыһан, атаҕын ыыраахтарын хаста олордо.
    Эрилик Эристиин
  • Кэлиэ суоҕа диэмэ, Кэпсэтиибит алдьаммат, Кэскил олох кэлтэйбэт, Кэриэс көрүүҥ буолбат
    Саха фольк
  • ан эрэ тэптэрэн табыллыма, куһаҕан, мөкү өттүгүнэн көһүн. Θ Терпеть неудачу, предстать в неприглядном, ненормальном худшем виде. Хайа, доҕоор! Эн аны, киһиргээн этэн бараҥҥын, кыайан сүүрбэккэ алдьанаайабытый.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (6)
  • Аахаймтыата суохпутуттан алдьаммыт дьоммут. Софр. Данилов. Чэ, тукаам, этэҥҥэ сырыт, алҕас үктээн алдьанаайаҕын.
    Л. Попов
  • Илби сытыйан буорайбыт Эһэ наһаа муҥатыйбыт: Аһаҕас гына хаһынаммын Арҕахпар уу киирэн алдьанным
    Болот Боотур
  • Улахан туһата, көдьүүһэ суох аас; онно-манна аралдьыйыыттан туһата суохтук, оччо көдьүүһэ суохтук саҕалан (үлэ күнүн, бириэмэ, сезон эҥин туһунан). Θ Начинаться неэффективно; теряться зря, по пустякам (напр., о рабочем времени, сезоне, годе). Үлүгэрим да эбит, Күнүм алдьанна, Күтүр улахан Ороскуот буолла.
    Күндэ
  • Түөһэйбит аҕам ыалга барарын сылгылаан да күнүм алдьанар буолара.
    Амма Аччыгыйа
  • Ууттан хостуохха диэри, “сезона” алдьаммыт киһиэхэ мин саабын биэриэм.
    Н. Заболоцкай
  • Утуйар уум алдьанна, Атыннык туран айманна
    С. Васильев

8 этии #

а (аата-суола) алдьаммыт көр аат.

Этиилэр

Илиитэ алдьаммыт көр илии

Киҥэ (или) киҥэ-наара алдьаммыт көр киҥ, киҥ-наар

Майгыта (майгыта-сигилитэ) алдьаммыт көр майгы, майгы-сигили

Сүрэхтэрэ-быардара алдьанна көр сүрэх-быар

  • Хаана (хаана-сиинэ) алдьанна көр хаан

«А» буукуба