Перевод с якутского
алдьаныы
аат
этии
-суол алдьаныыта көр аат суол. Ис-иһигэр киирдэххэ аат-суол алдьаныыта да үйэ-саас тухары буолбат эбээт. С. Курилов (тылб.).
алдьан диэнтэн хай. аата. Боруоҥҥа чугаһаан кээлтэрэ: Боруоҥка ииннэрэ, буускалар, Свастика бэлиэлээх тааҥкалар, Умайбыт, күл буолбут селолар. - Урусхал, алдьаныы барыта. Күннүк Уурастыырап Оҕолор саас хаар алдьаныытыгар уонна сайын аччыктыыр эрэ кыһайдаҕына дьиэлэригэр кэлэллэрэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Билигин Биһиги Алдьаныыбытын ааҕан Абырахтыырга чуоҕуһабыт. С. Васильев
Этиилэр
Санаа алдьаныыта көр санаа
Бал буолуоҕуттан ыла санаа алдьаныытыгар ылларбытын күүһэ баарынан кыатана сатыыр этэ.
Л. Толстой
Эт-хаан алдьаныыта көр эт-хаан
[Манчаары - Бакыыһа кинээскэ:] Эт-хаан алдьаныытын биллиҥ дуо? Көр, биһиги эмиэ ити курдук эт-хаан алдьаммыт абатыттан-кыһыытыттан бу айылаах буола сылдьабыт. Эрилик Эристиин