ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эт-хаан

Нууччалыы рассердить, разозлить кого-л

1 #

эт-сиин диэн курдук. Эмиэ да этим-хааным утуйар эмкэ үөрэниэ, эмиэ да уум кэлбэтэҕинэ иэдээн диэн дьиксинэрэ. Сэмээр Баһылай. Куобах этэ уонна сыата хоту киһи этигэр-хааныгар олус туһалааҕын үөрэтэн, биир сүрүн аһылык оҥостуоҕуҥ. ЯВВ КЭКТ. Кыыл мэйиитин эдэр уонна доруобай дьон сиэтэхтэринэ, киһи этэ-хаана сөптөөхтүк үлэлиирэ кэһиллэр диэн буолара. Баай Б. Б

2 этии #

Дьилэй эттээх (куҥнаах, эттээх-сииннээх, эттээх-хааннаах) көр дьилэй. Лаҥкыыны "уҥа сыста" диигин дуу? Туох долгуттаҕай? Дьилэй эттээх-хааннаах буолуох тустааҕа дии?! А. Сыромятникова.

Нууччалыы Рассердить, разозлить кого-л. [Иванов:] Көр эрэ, бу саҥара турдаҕын!

Этиилэр

Тириигин (эккин-хааҥҥын, эккин-сииҥҥин) тэнит көр тэнит

  • Кинилэр [ыттар] сүүрэн-көтөн, арыт оонньоон, арыт охсуһан ардырҕаһан көһүйбүт эттэрин-хааннарын тэнитэллэрэ. "Чолбон".

Эти-хааны алдьат

кими эмэ кыыһырт, кыйахаа Барар сиргэр бар, киһи этин-хаанын алдьатыма!

  • "ХС".

Эттиин-хаанныын бэрин

кимиэхэ, туохха эмэ сүрэххин, дууһаҕын ууран туран, олус бэриниилээх буол.

Быть очень преданным кому-чему-л. (букв. вложив душу и сердце).

  • Бу боппуруоска эттиин-хаанныын бэриммит ыанньыксыт Анна Васильевна Колодезникова олох сөбүн этэр. "Кыым".

Эттээх-хааныттан иэстээ

кими эмэ буруйун иһин улаханнык кырбаан, хаанын таһааран ситис, боруостас.

Битьём заставлять кого-л. расплачиваться за содеянное.

  • Эппит тылбын умуннаргын эрэ Эккиттэн-хааҥҥыттан иэстиэм буолуо, Үрүҥ үөнү Үрдүгэр үҥкүүлэтиэм!
    П. Ойуунускай
  • Үҥэр таҥараны умнубуккун эккиттэн-хааҥҥыттан иэстээн биллэриэхтэрэ!
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
  • Булбут сэлииҥ билигин ким эмэ булан сүтэн хааллаҕына, эйиэхэ ордук куһаҕан буолуоҕа: эккиттэн-хааҥҥыттан иэстэһиэхтэрэ.
    П. Ламутскай
  • Этэ (эт-этэ, этэ-хаана) илдьирийдэ (алдьанна, илбирийдэ) көр эт II. Эттэрэ-хааннара илдьирийэн эмсэҕэлээн бараннар, күн дьонун көмүскэлинэн босхоломмут тапталлаах уруу-хаан дьон курдуктар.
    Амма Аччыгыйа
  • Этэ-хаана алдьанан туран атаҕастаммытыттан хараастан кини [Маайа] бэйэтэ ханна да баарын билбэт гына уй-май барыталаата.
    Эрилик Эристиин

Этэ-хаана тэнийэр көр тэний

  • Эт-хаан тэнийэн, эр-биир дайбаан, Эрэттэр охсон истилэр. Дьуон Дьаҥылы

«Э» буукуба