ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэнит

Нууччалыы исходить много мест, делать пешие вылазки, походы куда-л

этии

Нууччалыы Исходить много мест, делать пешие вылазки, походы куда-л

  • тэний диэнтэн дьаһ. туһ. Суруксут кумааҕытын тэнитэн ааҕан барбыта.
    Эрилик Эристиин
  • Үгүс хобу тэнитэн, Үҥсүү хаата Үстүүн Үөмэн сылдьар күнүс-түүн.
    В. Алданскай
  • Историяҕа биллэр култуурунай өрөбөлүүссүйэни сахалыы сурук-бичик көмөтүнэн тэниппиттэр. Аргыс-1

Этиилэр

Сүһүөххүн көннөр (тэнит) көр сүһүөх I

  • Сүүрүк ат аһыыра, уулуура, сүһүөҕүн тэнитэн хаамыыта – барыта кытаанах быраабылаҕа олоҕурара.
    И. Федосеев
  • Сүһүөхпүн тэнитээри, бөһүөлэги ааһа хаамтым.
    И. Данилов

Тилэххин (тилэххинэн, тиҥилэххин) тэнит

ханна эмэ олус элбэхтэ сатыы сырыт, уһаты-туора хаамп Барыларын былыр Ньукууһалыын тилэхтэринэн тэниппит сирдэрэ эбиттэр.

  • Кыра эрдэхпиттэн тиҥилэхпин тэниппит аартыгым куорат сыгынньах таас уулуссаларынааҕар ураты көрүҥнээх.
    Далан
  • Хаалбыта тилэхпин тэниппит Кылбаархай хонуулаах кырдалым.
    Күннүк Уурастыырап

Тириигин (эккин-хааҥҥын, эккин-сииҥҥин) тэнит

күүскэ үлэлээн, эрчиллэн, эккин-сииҥҥин имит, көһүйбүтүн аһар, чэбдигирт.

Разминаться (напр., занимаясь каким-л. физ ическим трудом), тренироваться.

  • Таба үлэтэ итинник Кэлээти кытта киһини Тириитин тэнитээччи.
    С. Данилов
  • Уһуннук олорон көһүйбүт эти-сиини тэнитэ, түргэн хаамыынан -- кини соҕотоҕун уопсайдаабыта.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Кинилэр [ыттар] сүүрэн-көтөн, арыт оонньоон, арыт охсуһан ардырҕаһан көһүйбүт эттэрин-хааннарын тэнитэллэрэ. "Чолбон"

«Т» буукуба