Перевод с якутского
мээрэйдээ
туохтуур
Нууччалыы мерить, измерять. [Ананий] күөл тамаҕар түһэр көҥүһү чинчийэн көрдө, мээрэйдээтэ
1 туохтуур #
Кээмэйин бил, кээмэйдээ, кэмнээ
Нууччалыы Мерить, измерять. [Ананий] күөл тамаҕар түһэр көҥүһү чинчийэн көрдө, мээрэйдээтэ
[Бүөтүр] бэл оҕонньор уокка оттор маһын чууркатын мээрэйдээн, тэбис-тэҥ гына эрбээн кэбиһэр. А. Бэрияк Илиинэн солооччулар уон биэстии буолан икки аҥыы хайдан, иккилии аҥаар гааттан ордуктаах сири мээрэйдээн, биригээдэнэн солууллар ХС Кэтэн көрөн сөп буоларын бил (таҥаһы). Θ Примерять (одежду). Кэтии кыысчаан иистэнэр, Куукулаҕа таҥас тигэр: Сөҕө көрөр, мээрэйдиир, "Сөптөөх, үчүгэй буолсу", - диир. Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)
Омук атаҕын таҥаһын хайаан да бэйэ мээрэйдээн ылара наадалаах АЕЕ ӨҮОБ
2 туохтуур #
Ханна эмэ уһаты-туора сырыт; элбэхтик кэрий (үксүгэр сатыы)
Нууччалыы Исходить вдоль и поперек; обходить. [Сэмэн] сайынын атах сыгынньах, кыһынын тэстибит хаатыҥкалаах сэлиэнньэни уһаты-туора мээрэйдиирэ
Дьөгүөрсэ киһитинээн куорат уулуссаларын аа-дьуо хааман мээрэйдээбитэ ХС