ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тумун

туохтуур

Нууччалыы идти в обход, огибать, объезжать, обходить стороной

English (literal or figurative) to bypass, to avoid

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Баран иһэр суолгар туох эмэ мэһэйи көрсөн, ону кыйа, эргийэ бар

Нууччалыы Идти в обход, огибать, объезжать, обходить стороной

  • Бадарааны, чалбаҕы тумнубакка Нина уулуссанан суһаллык хааман дуксуйар.
    Н. Габышев
  • Аттаах дьон уоту тумнан көҥүс уҥуор быыппаһыннардылар.
    М. Доҕордуурап
  • [Орлик] миинэ, снаряд хойуутук эстэр сирин тумна сатыырга дылы гынар
    Н. Кондаков
Өссө холобурдар (2)
  • ан эмэ куттанан, сэрэнэн чугаһаабакка, ырааҕынан сырыт (көтөр-сүүрэр туһунан). Θ Обходить стороной, боясь, опасаясь чего-л. (о птицах и животных). Онуоха-маныаха диэри суордар куттанан, кини [Чолбон уол] бултуур ыырын ырааҕынан тумна көтөр буолбуттара.
    И. Федосеев
  • Сорох ардыгар сээкэйтэн сэрэнэр уонна тумнар наһаа мындыр кырсалар баар буолааччылар.
    НЛН ББ

2 туохтуур #

Кимтэн, туохтан эмэ тэйэ тутун, куота сырыт; туохха эмэ чугаһаама, кыттыма

Нууччалыы Обходить стороной, избегать, сторониться кого-что-л.; не принимать участия в чём-л. [Фёдор Иванович] кытаанах диэн чаҕыйбат, мара үлэ диэн тумна хаампат киһи

  • Алдьархайга түбэспити Ырааҕынан тумнан ааһар Үрүҥ илии, халыҥ тирии Бэйэмсэхтэр суох буоллуннар.
    И. Гоголев
  • Киһи ис-иһиттэн үчүгэйгэ дьулуһа, куһаҕаны тумна үөрэннэҕинэ эрэ, туох эмэ күттүөннээх тахсыан сөп
    ХС

3 туохтуур #

Туохха эмэ суолта биэримэ, туох эмэ суолталааҕы улахаҥҥа уурума, аахайыма

Нууччалыы Не принимать во внимание, оставлять без внимания что-л., сознательно избегать чего-л

  • Бииргэ сылдьан күннээҕини бүтүннүү кэпсэтэллэр. Арай тапталы эрэ тумналлар.
    Н. Лугинов
  • Кэччэгэй баай уопсастыба олоҕор кыһаммат, бар дьон быһыытын-майгытын тумнубут киһи курдук көрдөрүллэр. ССЛИО. Уруокка, саараама, биир да оҕону тумнубат
    Кыым

4 туохтуур #

Кими, тугу эмэ туохха эмэ сыһыарбакка, кытыннарбакка хааллар, туохтан эмэ матар (үксүгэр буолбат ф-ҕа, туох эмэ быһыы-майгы, сабыытыйа о. д. а. туһунан этэргэ тут-лар)

Нууччалыы Обходить кого-л. стороной, лишая чего-л. (обычно употр. в отриц. ф. – о каких-л. обстоятельствах, событиях и т. д.)

  • Бандьыыттар Даарыйаны сонордуур аймалҕаннаах суоллара Дьадаҥы Дьарааһыннааҕы тумнубата биллэн турара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Дьадаҥыны саас-үйэ тухары дьол тумнар, сор сонордуур эбит.
    А. Сыромятникова
  • Холбоһуктааһын түллүүлээх долгуна ыраах, түҥкэтэх Мастааҕы да тумнубатаҕа, харыстаабатаҕа. Багдарыын Сүлбэ. Ср. бараб. тубул ‘извиваться’, монг. тумтури ‘окружать и атаковать’

«Т» буукуба