ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күрэн

туохтуур

Нууччалыы убегать, скрываться, спасаться от кого-чего-л

1 туохтуур #

Кимтэн-туохтан эмэ куотан биэр, сас

Нууччалыы Убегать, скрываться, спасаться от кого-чего-л

  • Күөнтээн, дьиппиэрэн турбут хараҥа сырдыктан күрэнэн орон анныгар ыт курдук симилиннэ, оһох кэннин диэки күрэннэ.
    И. Гоголев
  • Кынаттаах аймаҕа итии кыраайдарга күрэнэн көттүлэр.
    М. Доҕордуурап
  • Быһата үрэх баһынан, Өймөкөөнүнэн күрэнэ сылдьар бандьыыт тобохторо "үлэлии" сатаабыттар
    Н. Заболоцкай

2 туохтуур #

Тугу эмэ тумун, тумна сырыт; туохтан эмэ куотун

Нууччалыы Избегать кого-чего-л; уклоняться от чего-л

  • Николай Тимофеев үлэттэн күрэнэрэ, сатаан булан күүлэйдиирэ өс хоһооно буолбут этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • [Кураантан] улуу тумара уута быстан, кубарыччы хатан, хобдоҕуран барар. Онтон сылтаан булда эмиэ күрэнэр
    И. Данилов

«К» буукуба