ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

абыран

туохтуур

Нууччалыы спасаться, избавляться от беды (напр., болезни); выходить из тяжелого положения

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Иэдээнтэн, алдьархайтан быыһан, өрүһүн

Нууччалыы Спасаться, избавляться от беды (напр., болезни); выходить из тяжелого положения

  • Түлэкэдийэн охтон эрдэҕинэ утута түһэн ылбыт Тиитэптэргэ махтаныан билбэккэ, хата, өһүргэнэн өлө сыста дии. Чахчы онтон тыын ылан, абыранна эбээт кини.
    Амма Аччыгыйа
  • Ойоҕо Балбаара эрэйдээх сынньалаҥын сүтэрбит, сүргэтэ ыстаммыт киһи быһыытынан, эрин тула көтөн ыарыылыы, мантан абыранаарай диэн сымнаҕас илиитинэн тута-хаба сылдьар
    Эрилик Эристиин

2 туохтуур #

Ким, туох эмэ көмөтүнэн, үтүөтүнэн улаханнык туһанан дуоһуй

Нууччалыы Получать от кого-чего-л. большую помощь, поддержку, подспорье (тем быть довольным)

  • Абыранным, абыранным! Дьэ, бу бадараан-бадараан буолбатах, - кыһыл көмүс! Эн төһө туһанныҥ?
    Амма Аччыгыйа
  • Кириисэ, Өкүүсэ иккиэн үлэлээн-хамсаан, сыл аайы ас бөҕөнү таһааран бэйэлэрэ абыраммыттарын таһынан дьону да абырыыр эбиттэр
    Эрилик Эристиин

3 туохтуур #

Чэпчэкитик быыһан, кыранан толун (куһаҕан ыар содуллаах буолуон - сатабылгынан, табыгастаах түбэлтэнэн, табыллан)

Нууччалыы Выходить из тяжелого положения; дешево, легко отделаться (своей сноровкой или из-за стечения удачных обстоятельств)

  • Куттанымаҥ, чугас буолан абыранным, хаһыйан кэбистэ. Туруоруҥ [ат тэбэн өлөрдө диэбит оҕонньордоро уоскутар].
    Амма Аччыгыйа
  • Эн, хата, оччоттон баччааҥҥа диэри киһи сытыыта буолаҥҥын, кэмигэр атахха биллэрэн абыранныҥ дии. Онтон атын
    Н. Лугинов

4 туохтуур #

ан эрэ олус дуоһуй, астын, олус табыллан көнньүөр

Нууччалыы Быть очень довольным чем-л.; получать большое удовлетворение, подъем чувств от какой-л. удачи

  • Төрүөбүт дойдум Төлкөлөөх олоҕун Ирдээн истэммин, Уҕарыйдым, уоскуйдум, Абыранным, астынным, Сэргэхсийдим, чэпчээтим.
    А. Софронов
  • Мин манна утуйа түһэн, абыранным даҕаны!
    Амма Аччыгыйа
  • [Ольга:] Һуу, дьэ сөтүөлээн абыранным даҕаны. Аны биир да көһү холкутук барсыыһыкпын.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Уруккуну-хойуккуну санатыһан, күө бааччы кэпсэтэн хата бэркэ абыранныбыт
    Кыым

5 туохтуур #

"Истэн", "көрөн", "бар" диэн тыллары кытта сыһыан холбоһугу үөскэтэр

Нууччалыы Образует модальные сочетания со словами "истэн", "көрөн", "бар", имеющие различные эмоционально-экспрессивные оттенки: "вот послушай (что он говорит)", "смотри (что он творит)", "вот тебе и на (полюбуйся на него!)"

  • "Истэн абыран, өссө киһиҥ Атынан, саллаат арыалдьыттардаах Дьаарбайан барыыһы!" - диир Хооһой. Дьуон Дьаҥылы. Истэн абыраныҥ, - миигин хаһыаттаабыттар. Эһиги үүнэргитин, үөрэнэргитин мин таҥнары тардар үһүбүн. Дьүөгэ Ааныстыырап. Бар абыран. Хайыамый, барарга эрэ тиийиллэр. Дьиэтээҕи борокуруору утарар кыах суох
    Н. Туобулаахап

«А» буукуба