ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быыһан

туохтуур

Нууччалыы спастись, освободиться, избавиться от опасности, беды

Ис хоһооно · 5
II

1 туохтуур #

Ким эмэ көмөтүнэн туох эмэ куһаҕантан, кутталлаахтан босхолон, өрүһүлүн

Нууччалыы Спастись, освободиться, избавиться от опасности, беды

  • быыһаа I диэнтэн бэй., атын. туһ. Дьиэттэн дьиэ икки арда тугунан да быыһамматаҕа үгүс.
    Амма Аччыгыйа
  • Федор Васильевич учительскай түгэҕэр хаптаһынынан быыһаммыт кыракый хос аанын тэлэйдэ. Софр. Данилов. Нэһилиэк сирин бүтүннүүтэ кэрчик-кэрчик быһыллан, тоһоҕонон, остуолбанан быыһанан, сорохторо эргиччи бүтэйдэнэн тураллар. А. Бэрияк
  • Мин хара үлэһит, дьадаҥы норуот атаҕастабылтан-баттабылтан быыһанарын иннигэр кыра-хара норуот көлөһүнүн өҥсөр баайдары хаайталыыр этим.
    Күндэ
Өссө холобурдар (2)
  • Соһумардык быыһаммыт кыһыллар хаһыытаспытынан хомустан сырсан таҕыстылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Миша, эн хайдах өйдөөбөккүн, эн букатын быыһанаҕын, өссө хамандыыр буолаҕын
    С. Ефремов

2 туохтуур #

Буруйгуттан босхолон, буруйа суоҕунан ааҕылын

Нууччалыы Быть невиновным, быть оправданным

  • Суох, доҕоттор, эһиги бостуой эрэйдэнимэҥ, баттаппыттаах буоллаххытына, суутунан, дьыаланан үҥсэн быыһаныҥ.
    А. Софронов
  • Бу дьахтар буруйа суох буолла, быыһанна. Кинини көҥүллээҥ уонна били икки дьахтары киллэртээҥ!
    Эрилик Эристиин
  • Өскөтүн кини тугу эмэ көрбүтүн эбэтэр истибитин туһунан эппэтэҕинэ, биир туох эмэ чахчыны токурутан көрдөҕүнэ, кутталлаах буруйу оҥорооччу быыһанан хаалыан сөп
    СГПТ

3 туохтуур #

Этэҥҥэ, үчүгэйдик оҕолон, төрөө (дьахтар туһунан)

Нууччалыы Благополучно разродиться, родить (о женщине)

  • Эрдэлиирдэр ийэлэрэ, Даарыйа эмээхсин, Сөдүөччүйэ быыһанан туруор диэри аҕыйах хонукка олорбут эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьиэлээх хотун Дьэбдьикиэйэ сатаан быыһаммакка, хаҥас диэки быыс иһигэр кулуннуу мөҕө сытар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ол түүнүгэр, сарсыарда таҥара сырдаан эрдэҕинэ, Аанчыгым быыһаммакка эрэ барбыта
    Суорун Омоллоон

4 туохтуур #

Бэйэ күүһүнэн туохтан эмэ босхолон, көмүскэн

Нууччалыы Освобождаться, спасаться, избавляться, защищаться от чего-л

  • Алгыс көмөтүнэн былыргы дьон араастаан быыһаныах, арааһы барытын оҥоруох курдук сананаллар.
    Саха фольк
  • Куорат олохтоохторо, хата, эрдэтинэ дьаадьыйан биэрэн быыһаммыттара.
    Н. Якутскай
  • Ити хомуска кус тыҥырахтаах көтөртөн саһан быыһанна, киһи ытарыттан эмиэ хорҕойдо
    Багдарыын Сүлбэ

5 туохтуур #

Бэйэҥ буруйа суоххун, кырдьыккын дакаастаа, көрдөр

Нууччалыы Оправдаться, оправдываться

  • Онон суукка да тиийэн кырдьыкпын булунан быыһаныам диэбэккэ олоробун, хата, холуобунайга түбэһэр киһи буолуом ээ
    А. Софронов

«Б» буукуба