Перевод с якутского
иһий
туохтуур
Нууччалыы перестать шуметь, говорить, затихать, притихнуть; стать неподвижным, замереть
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Саҥа, тыас-уус таһаарбакка чуумпур, таалан хаал (хол., тыас иһиллиирдии)
Нууччалыы Перестать шуметь, говорить, затихать, притихнуть; стать неподвижным, замереть (напр., что-л. выжидая)
Эргийэ көтөн, эмиэ тарылаан-барылаан бараарай диэннэр, кинилэр иһиллээн, иһийэн турдулар. Амма Аччыгыйа Силтэһин атаҕын атаҕар хатыйа ууран, туох да саҥата-иҥэтэ суох иһийэн олордо. Күннүк Уурастыырап Дурдаҕа олорон баран, иһийэрбин кытта тула өттүм тиллэ түстэ. Далан
Өссө холобурдар (1)
Дьон -- икки кулгаахтарын сэгэтэн, күүлэлэригэр туран өссө да туох буоларын иһиллээн иһийбиттэр П. Аввакумов
2 туохтуур #
Ах бар, уурай, тохтоон хаал
Нууччалыы Становиться тише, перестать, прекратиться
Күөрэгэй ырыата иһийэн, Хонууга сааскы көр эстибит. Эрилик Эристиин Хонууга, тыаҕа чыычаахтар ырыалара иһийдэ. С. Никифоров Ол [үлэ] эҥсэр тайааннаах тыаһынан Олохпут киэркэйдэр киэркэйэр. Кураанах тыас, кулгаах таһынан Куугунаат, суола суох иһийэр Р. Баҕатаайыскай
3 туохтуур #
Баарыҥ-суоҕуҥ биллибэт-көстүбэт курдук сыт, тур, олор
Нууччалыы Существовать, проживать незаметно, неприметно (или в тихой, глухой местности)
Саха ыаллара биирдии тыымпы, Чөҥөчөх аайы иһийэллэрэ. С. Данилов Булчут оҕонньорум сиэнэ, көр, ити Төннүбүт дьэ манна геолог буолан, Иһийэн сыппыт түҥкэтэх түөлбэтин Аатырдан эрэр дии сир баайын булан. М. Ефимов Хайа уонна ким умнуой – үйэлэр тухары иһийэн турбут бүк алаастар, чуумпу сайылыктар салгыннарын сатардыбыт бастакы тыраахтар, массыына кимиэллээх ньиргиэрдэрин ХС
4 туохтуур #
Туора киһиэхэ көстүбэт-биллибэт гына сас, кирий
Нууччалыы Укрываться, скрываться, затаиться
Ыал да көрбөт, Ыт да үрбэт Ынырыгар түбэһэн, – Ииппит кыыһын хоспоҕор Иһийиэҕин эмиэ сөптөөх. ХС Сымыыттаары сылдьар ийэ чыркымай кынатын тыаһа сурулаан кэлэн "чолк" гына түһэн баран, лааҥкы мас быыһыгар киирэн, баара-суоҕа биллибэккэ иһийэр. Д. Таас Сэриигэ ылбыт бааһа сэтэрийэн, сототун уҥуоҕун иһигэр иһийэ сыппыт өстөөх буулдьата дьэ көҥү көтөн тахсан, куһаҕан ыарыыга кубулуйан, оҕонньор атаҕын быстарбыта уонча сыл буолла. В. Иванов
Өссө холобурдар (1)
От күөҕэ өҥнөөх аһыҥкалар күөх окко иһийбиттэр. В. Бианки (тылб.)
5 туохтуур #
Сорох кыыллар тустарынан: кыһыҥҥы уугар утуй (хол., эһэ, дьабарааскы)
Нууччалыы О некоторых животных: впадать в зимнюю спячку (напр., медведь, еврашка)
Ханнатын билбэтим, дойдубар Эһэлэр иһийэр сирдээхтэр. С. Данилов Сырҕан эһэ иһийбит Сыгынаҕын анныттан Өрө ыһар чаҕыллаах Үрүҥ көмүс оронно. С. Васильев Үрүйэ икки силээнин, Толору тыа кыылын гиэнин Бастыҥнара бука бары Кэлбиттэр тобус-толору: Арҕаҕар иһийэ илик Аҕам эһэ -- Саталынан булан аһааччы – Саһылыкаан ньылбаарыкы И. Эртюков
6 туохтуур #
Өл
Нууччалыы Умереть. Иэрийэ кырдьар эрэ кыһалҕатыгар, Ис иһинээҕи Илдьиркэй үөн курдук Ийэ табык дайдым Илгэлээх быйаҥын Испэккэ иһийбиттээҕэр Ити эдэр да сааспар – [Ииннэммитим ордук]. Өксөкүлээх Өлөксөй. Евлампий аҕабыыт эмискэ уһаан хаалбыт уҥа илиитин муостаҕа тиийэ, былаат курдук, санньыппытынан иһийэн хаалла. Л. Попов. Кытаанах дьылҕатыгар бэринэрин көрдөрөрдүү, илиитин хамсатаат, иһийдэ. Л. Толстой (тылб.). Ср. монг ичи ‘уходить на зимнюю спячку; залегать в нору’