ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

умулун

туохтуур

Нууччалыы перестать гореть, погаснуть, потухнуть

Ис хоһооно · 8

1 туохтуур #

Умайан бүт, тохтоо (уот туһунан)

Нууччалыы Перестать гореть, погаснуть, потухнуть (об огне)

  • Хоруо буолбут хардаҕас Умуллаары тыһырҕаата.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кинилэр [Огдооччуйалаах Болот] ол курдук иккиэйэҕин умуллан эрэр көмүлүөк оһох иннигэр олорбохтоотулар.
    Н. Заболоцкай
  • Оҕонньор умуллан хаалбыт хамсатын, сототугар "топ-топ" охсубута
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (2)
  • Умайан, сырдатан бүт, сабылын, араарылын (элэктэриичистибэ уотун этэргэ). Θ Перестать гореть, светить, выключиться, погаснуть (об электрическом свете). Элэктэриичистибэ уота умуллан, им балай буола түһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Саала уота умулларын кытта муусука тыаһа дьүрүһүйэ түһэр уонна кыһыл баархат быыс аргыый арыллан барар
    Суорун Омоллоон

2 туохтуур #

Сырдаан, сардаҥаран бүт, тохтоо (хол., сырдык уота, халлаан эттиктэрин сырдыгын туһунан)

Нууччалыы Потемнеть, перестать сверкать, излучать свет (о светящихся небесных телах, закате дня)

  • Холкуос моториһа Баанча, киирбит күн өссө да умуллубатах сардаҥатын түөһүгэр кытыаһыннара сытар уу-чуумпу үрэҕи тэлэ тыыран, айаннаан курулата турда.
    Л. Попов
  • Тиэтэйиий, айаннаан сохсоруй, Айанныы сылдьаҥҥын эн Көрүс күн кылбайа тахсарын, Саһарҕа умулларын.
    Э. Эртюков
  • Түүн ракеталар өрө көтөн тахсан сырдаппахтыы түһээт, умуллан тохтоллор
    Т. Сметанин

3 туохтуур #

Үлэлии туран тохтоон хаал (тиэхиньикэни этэргэ)

Нууччалыы Прекратить работать, заглохнуть (о какой-л. технике). [Тырахтарыыс:] Онтон адьас да умуллан хаалла

  • Двигательбин хаһыстым. Бэркэ эрэйдэнэн оҥордум.
    ХС
  • Мөҕүстүм да булбатым. Сатаатахха, 24-тээх күлүүһүм суох буолан биэрдэ. Эмискэ дабааҥҥа умулунна. ҮА. Биир массыына кэбиинэтигэр диэри муустаах ууга тимирэн умуллан хаалбыт. А. Кривошапкин (тылб.)

4 туохтуур #

Улам мөлтөөн, аҕыйаан, сыппаан бар (тыас-уус, көр-нар, үлэ тэтимин туһунан)

Нууччалыы Затихать, замирать, прекращаться (о звуках, шуме, об интенсивности какой-л. деятельности)

  • Бары тугу эмэ саҥара сатыыллар да, ол саҥалара кэпсэтии буола кэҥээн-уһаан барбат, утары уоста, умулла турар.
    Амма Аччыгыйа
  • Тиэргэн тыаһа-ууһа, киэһээҥҥи көрө-нара умуллан барда.
    М. Доҕордуурап
  • Ханнык эрэ хампаанньа кэнниттэн агитационнай-маассабай үлэ умуллан, уҕараан хаалыытын инникитин таһаарымыахха
    ХС

5 туохтуур #

Уҕараа, кэҕин, суох буол (саҕыллан эрэр санаа, иэйии туһунан)

Нууччалыы Ослабевать, терять силы; исчезать (о чувствах, порывах)

  • Ол кэриэтин, ыра баҕам уота умуллубатаҕына, хандьыдаат буоларга охсуһуом.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Саҥа дьыл эйиэхэ уонна киниэхэ саҥа эрэли үөскэтэр, эһиги умуллубат уоттаах тапталгытын күөдьүтэр.
    Т. Сметанин
  • Саҥа экскаваторщик дууһатыгар айымньылаах үлэ умуллубат уота умайара
    И. Данилов

6 туохтуур #

ан эмэ хомойон, санааҥ түһэн, курус гын, арбы-сарбы буол

Нууччалыы Расстроившись, измениться в лице, сникнуть

  • Глафира, таҥара кийиитинии, халлаан күөҕэ харахтарыгар умайбыт кыымнар умуллан хааллылар.
    Л. Попов
  • Халытар Хабырыыс ах барда, сирэйэ-хараҕа умуллан хаалла.
    И. Никифоров
  • Суругун бүтүүтүгэр чугаһаан истэҕин аайы саннылара аллараа санньыһан, кыыспыт иэдэстэрэ улам умуллан бараллара. Ч. Айтматов (тылб.)

7 туохтуур #

Күн сириттэн мат, суох буол, өл

Нууччалыы Умереть, погибнуть

  • Кини, Модун ыарыы бохсон, Тымырын хаан тымныйбыта, Одун өлүү охсон, Уоттаах сүрэҕэ умуллубута.
    Күннүк Уурастыырап
  • Украина отугар охтоммун Умуллан хааллахпына даҕаны, Оҕом оҕотун оҕотугар Уйгу олоҕу аҕалан Көмүс туораах буоламмын Көрсөр күннээх буолуоҕум.
    П. Тулааһынап
  • Туох аһатыыта кэлиэй! Суолтатыгар эрэ буоллаҕа. Тыыннаах тиэрдээри эрэ Москваҕа эрэ тиэрдибиттэрэ, онно умуллан хаалбыта диир этилэр. Л. Толстой (тылб.)

8 этии #

Нууччалыы Блёкнуть, угасать (об искорках в глазах)

Этиилэр

Буруолара умулунна

буруота сабылынна диэн курдук көр буруо.

  • Сураҕа түҥүрүгэр Өндүрүйээҥҥэ биэрбит үһү. Бэйэбин, тулаайахтарбын буора суох ыһан, буруобут умуллан, кумалааҥҥа барар күммүт кэллэ.
    М. Доҕордуурап
  • Биһиги торҕо буруобут умуллубатын, өссө тэнийэн унаарыйдын! ИИФ УоУоО. Сибилигин аҕай тырымныы дайар оҕом, күн анныгар көрбөтөх күндү доҕорум умсубуттара. Онон буруом умуллубута, күнүм хараарбыта.
    ХС

Уота-күөһэ умуллубут

1) дьүһүнэ өлбөөдүйбүт, хараҕын уота өспүт Үөрэн дьиримнэспит харахтарын уота-күөһэ умуллан тымныйан, дьэбидийэн кэллилэр. Софр. Данилов; 2) санаата түһэн кута-сүрэ тостон сылдьар.

Быть в подавленном состоянии.

  • Ырыа Ылдьаана сордоох ходуһаҕа таҕыстар эрэ сирэйэ-хараҕа суула көһөн, уота-күөһэ умуллан аат-харата сүөдэҥниирэ.
    Н. Лугинов
  • Кини урут тыаҕа тахса сылдьыбыт этэ, онон бастаан утаа уота-күөһэ умуллан, дьон этэрин хоту сылдьыбыта.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
  • Оҕонньор эмээхсинигэр уота-күөһэ умуллан, сүргэтэ тостон тиийдэ.
    ХС

Уота умулунна

алаһа дьиэтин уота сүттэ, суох буолла; дьиэ кэргэнтэн биир да киһи хаалбата.

Не стало его очага; умер последний человек в семье.

  • Урааҥхай саханы Үөһэттэн-аллараттан Үлтү тэпсибиттэр, Аал уота умуллубут, Алаһа дьиэтэ алдьаммыт.
    П. Ойуунускай
  • Алаһалыын сабылынным, Аал уоттуун умулуннум, Ардах-сирдэх астанным, Атах сыгынньах сыбдыйдым. Эллэй

«У» буукуба