ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дуо

Нууччалыы выражает прямой вопрос, обращенный непосредственно к собеседнику

Ис хоһооно · 8

1 #

эб

  • Арамаан эйиэхэ уон сүөһү биэрбитэ дуо?
    Амма Аччыгыйа
  • Оттон Мииккэ тугу эттэ, эн иһиттиҥ дуо?
    А. Сыромятникова
  • Ылдьаа туһунан кэнники туох эмэ биллэр дуо?
    Д. Таас
Өссө холобурдар (4)
  • Чуолкайдатар дэгэттэнэр. Θ Имеет уточняющий оттенок. О-ол көстөр маһы ааттыыллар дуо "Табаҕа харыйата" диэн?
    Н. Якутскай
  • Оччоҕо ким буруйдааҕый? Лира маамата дуо? Софр. Данилов. Маны кини эйиэхэ бэйэтэ биэртэ дуо?
    Суорун Омоллоон
  • Бигэргэттэрэр дэгэттэнэр. Θ Имеет подтвердительный оттенок. Сэбиэскэй былаас тойоно буоллуҥ дуо? Киһи эҥин-эҥини истэр. Чахчы дуо?
    И. Данилов
  • Мин саҥа директорбын өйдөөбөтүм. – Вадим Николаевиһы дуо?
    ХС

2 #

Тугу эмэ билээри кэпсэтээччиттэн быһаччы ыйытыыны көрдөрөр (диалогка туттуллар)

Нууччалыы Выражает прямой вопрос, обращенный непосредственно к собеседнику (употребляется в диалоге)

3 #

Истээччигэ бигэргэтэр дэгэттээх утары этиини көрдөрөр

Нууччалыы Выражает возражение собеседнику с оттенком утверждения

  • Оскуола бэрээдэгэ сэбиэскэй бэрээдэктэн атын буолуо диигин дуо эн?
    Амма Аччыгыйа
  • Биһиги да мэлдьэһэн эрэбит дуо, эмиэ "саамай сөп" диибит. Софр. Данилов. "Дьахтар киһи буолбатах дуо?" – диэтэ Даайа
    Н. Павлов

4 #

Утары этии дэгэттээх бигэргэтиитин көрдөрөр

Нууччалыы Выражает утверждение с оттенком возражения

  • Механизация эйигин өрүһүйүүһү дуо?
    В. Яковлев
  • Билигин, эгэ, бэйэтэ тахсар буолан баран ылыыһык дуо?
    С. Ефремов
  • Эн тыла суох Сотто кумалаан булумньуттан төрөппүт уола буолбаккын дуо?!
    Эрилик Эристиин

5 #

Саҥарааччы хайааһын күүһүн, тэтимин чопчу күүркэтэн биэриитин көрдөрөр

Нууччалыы Выражает особо экспрессивную передачу говорящим силы и интенсивности действия

  • Эһэ Кутталыттан үс метр холобурдаах үөһүрэҥи тэптэрээт, буута быстарынан ыстаммат дуо!
    Далан
  • Арай, тыа саҕатыгар Силис уолу атахтаан Сирэйинэн ыыппат дуо?!
    Т. Сметанин
  • Мин Лэгиэнтэйгэ кутурук маһа буолан тэҥҥэ тэлэкэчиспэппин дуо!
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Сорох модальнай тыллар, эбиискэлэр сабыдыалларынан ордук эмоциональнай, интенсивнэй дэгэттэнэр. Θ Под влиянием некоторых модальных слов и частиц приобретает более эмоциональный и интенсивный оттенок. Дьэ эбээт, доҕоор, Наһаар алдьанан турбат дуо!
    Суорун Омоллоон
  • Дьэ, уу-чуумпу олорбут нэһилиэкпит иһэ ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыт курдук буола түспэт дуо, доҕоор! Софр. Данилов. Хараҥарбыт моҕотой Халыан Кеша сөмүйэтигэр Харсар сытыы тииһинэн Хатамматах этэ дуо?!
    Т. Сметанин

6 #

Диалог тас өттүгэр кэлэр кэмнээх туохтуурдары кытта саҥарааччы толкуйдуурун, саарбахтыырын көрдөрөр

Нууччалыы Вне диалогической речи с глаголами в форме будущего времени выражает раздумье, сомнение говорящего. Үрүҥнэр миигин кырбаабыттарынан кыһыллары кыайыахтара дуо?

  • Арай харчы биэриэххэ дуо?
    Д. Таас
  • Кинилэр тугу эмэ түһүүллэрэ буолуо дуо?
    Н. Габышев
  • Бүгүн самыыр түһүө дуо?
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ардыгар эмоциональнай-экспрессивнэй дэгэттэнэр. Θ Иногда приобретает эмоционально-экспрессивный оттенок. Кыһыл Ойуун улуу дьаалы Хааннаах далай Ытыспынан хара норуот хараҕын аһан, Көрбөт хараҕын көрдөрөр Көҥүлүн уотун уматыам дуо?! – Өлбөт төлөн өрөгөйдөөх Өһүллүбэт өргөс тыллыам дуо?!
    П. Ойуунускай

7 #

Диалог тас өттүгэр кэлэр кэмнээх туохтуурдары кытта хайааһын буолара сокуоннайын бигэргэтиини көрдөрөр

Нууччалыы Вне диалога с глаголами в форме будущего времени выражает утверждение закономерности совершения высказываемого действия

  • Күн киэһэрдэ. Киэһэриэ суоҕа дуо? Ыстапаан этин атыылыырыгар төһө өр мачайдана сылдьыбытын бэйэтэ да билбэккэ хаалла.
    А. Софронов
  • Борокуот туруо дуо – Буксуурун тардынна. Эллэй. Хортуоппуй билигин киһи тыла хабыллар абытай сыаналаах. Ол да буоллар, -- сыанатын кэрэйэн аһаабакка олоруоҥ дуо?
    П. Аввакумов

8 #

Кэлэр кэмнээх туохтуурдары кытта саҥарааччы үгэргиирин көрдөрөр

Нууччалыы С глаголами в форме будущего времени выражает иронию говорящего

  • Мааны оҕо ынаҕы ыа дуо. Ээ, буолумуна, Дьөгүөр Дьөгүөрэбискэ иитиллибит оҕо дьадаҥы ийэтигэр сылдьыа дуо?!
    С. Ефремов
  • Арба даҕаны, комсомолец буолбут киһи, партията суох киһиэхэ сылдьыа дуо?
    ХС

«Д» буукуба