Перевод с якутского
Дуолан
даҕааһын, аат, аат тыл
Нууччалыы громадный, огромный по размеру
English vast
1 даҕааһын #
Муҥутуур улахан, сүүнэ улахан
Нууччалыы Громадный, огромный по размеру
Уйаара-кэйээрэ биллибэт дуолан тайҕаны тугу да ордорбокко хаар ньимиччи түспүтэ. Далан Дьоллоох буол, албан ааттаах дуолан Саха сирэ! "Кыым". Сарсыарда эрдэ туран холбо оҥорон бүтэрэн, икки дуолан тайах этин онно кыстаата ХС
2 даҕааһын #
Муҥутуур күүстээх; модун
Нууччалыы Очень сильный; могучий
Бэйэтин бэркэ билинэр дуолан хоһуун сылдьар эбит диэн сылыктаабытым. Сэһэн Дьэрэмэй. Кини харытын ньыппарыннар эрэ, тугу да тулуппат бараа быччыҥнанар, дуолан санааланар. П. Аввакумов Сотору кинилэр дуолан охсуһууга киириэхтэрэ. ХС Тэҥн. дуулаҕа II
Өссө холобурдар (2)
Икки дойду дуолаттара Үөстэрин таттаран, Үөгүлэһэ түстүлэр.
П. ОйуунускайОрто туруу дойдуга кини [Бадьына Боотур] курдук киһи кииллээҕэ, дуолан дохсуна өтөрүнэн үөскүө суоҕа дииллэрэ. Сэһэн Дьэрэмэй. – Дьэ хайдах гынабыт, сүүс-сүүспүтүттэн аалсыһан сүбэлэһэн көрүөҕүҥ дуу?! – дэсиһэн ол улуу дуолаттар маргыар бөҕөнү түһэрэн барбыттар Д. Апросимов
3 аат тыл #
суолт., эргэр. Сиппит-хоппут эр киһи
Нууччалыы Достигший полной зрелости мужчина