Перевод с якутского
мэҥэ
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы камень с древними письменами
English eternal
Ис хоһооно · 6
1 #
мэҥэ таас - былыргы суруктаах таас
Нууччалыы Камень с древними письменами
Былыргы сахалар, өссө ордук кинилэр өбүгэлэрэ, үйэлээҕи үйэтитэр буоллахтарына, мэҥэ тааска кубулутар эбиттэр. К. Уткин Мэҥэ таастар тиэкистэрин элбэх учуонай араас өрүттээхтик сиһилии чинчийбитэ. ХС Др. -тюрк. беҥгү таш
2 аат тыл #
Мастан оҥоһуллубут киһи уҥуоҕа
Нууччалыы Надмогильный деревянный памятник
Өлбүт киһиэхэ мас уҥуох туталлар. Ол аата мэҥэ диэн. СТС. Киһи мэҥэтин эргийдибит ХС
3 аат тыл #
түөлбэ т. Киһи уҥуоҕа, кылабыыһа
Нууччалыы Могила, кладбище
Манна мэҥэ баар, онтон куттанар этибит. Өтөр мэҥэлэрин кириэстэрэ баара. КЕИ С-ВД З. Ср др. -тюрк. беҥү, беҥгү ‘вечный; памятник’
4 даҕааһын #
Муҥура биллибэт, киэҥ; үрдээн бара турар
Нууччалыы Бескрайний, необъятный; устремленный ввысь
Бэдэр бэргэһэтэ мэкчиргэ буолан Мэҥэ халлааҥҥа көттө. С. Данилов 1937 сыллаахха В. П. Чкалов АНТ-25 сөмөлүөтэ мэҥэ куйаарга көтөн кылбайан тахсыбыта. Багдарыын Сүлбэ. Дойдум хайа туһунан Туруон сөбүн билээри, Кытылыгар киирэммин Кыҥастаһа сатыыбын - Мэҥэ далай муннаран Мэндэһийэ мэлдьэһэр А. Николаев
5 этии #
Нууччалыы Бескрайнее небо
Үрдүк мэҥэ халлаан поэт. - муҥура биллибэт, үрдүк (халлааны хоһуйан этии) Сөмөлүөт үрдүк мэҥэ халлааҥҥа көтөн кылбайан тахсыбыта. Болот Боотур Хотойдор тугу да билбэтэх-көрбөтөх курдук үрдүк мэҥэ халлааҥҥа аргыый аҕай элиэтии, эргийэ сылдьаллара. И. Федосеев Үрдүк мэҥэ халлаан итиинэн илгийэн, ардаҕынан аргылаан уруйдаатаҕына -- өҥ сайын үтүөтэ буолар. "Кыым". Ср. др. -тюрк. меҥи ‘вечный’, меҥү ‘вечность, вечный’, уйг. меҥгү, каракалп. мэҥги, тат. меҥге ‘вечный’
6 даҕааһын #
Кытарах, төрөөбөт (биэни этэргэ)
Нууччалыы Яловая, бесплодная (о кобыле)
Мэҥэ биэ ПЭК СЯЯ