Перевод с якутского
добун
даҕааһын
Нууччалыы чрезвычайно сильный, очень большой, гигантский
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
даҕ
Таас өрүс уутун өрө ытыйан таһааран, добун холорук түһэр. И. Бочкарев Киниэхэ [хара тыаҕа] сүүрэр атахтаах, көтөр кынаттаах эгэлгэтэ тоҕуоруйан добун тымныыны тулуйан кыстыыр ФЕВ УТУ Олус улахан, баараҕай (көрүҥүнэн, кээмэйинэн – хол., сир). Θ Огромный, большой, внушительных размеров (обычно о местности, поляне). Добун хонуулар маҥан хаарынан хаппахтаннылар, от-мас чоҥкуйда. Н. Түгүнүүрэп
Өссө холобурдар (2)
Добун сирдэр отторо хатан, хаһыҥтан тоҥон турар курдук, хаамтахха курдурҕас тыастанна. М. Доҕордуурап Амманы таптааҥ, кини киэҥэ-куоҥа биллибэт хочолорун, добун сирдэрин туһаҕа таһаарыыга сэмэй кылааккытын киллэрсиҥ. ФП МХ
2 даҕааһын #
Муҥутуур күүстээх, олус улахан (тыал, долгун, тымныы туһунан)
Нууччалыы Чрезвычайно сильный, очень большой, гигантский (по степени проявления: о стихии, ветре, холоде)
3 даҕааһын #
үрд. Улуу, ытык; тулхадыйбат (сир, байҕал, халлаан туһунан)
Нууччалыы Великий, священный; непоколебимый (о земле, море, небе). [Этиҥ] Хабырыттар халлааны Хайа сүүрэн лаһыгырайда, Добун халлааны Тоҕо сүүрэн лоһугурайда
Добун байҕал куулатыгар Тоҕус мэҥэһиктээх Чохчоруун тумула, Туора туоһахта саҕа Туналыйан көһүннэ. П. Ядрихинскай Орулуур добун халлаан Уонна Ийэ сир барахсан -- Олох дьэргэлгэнин оонньоттулар. В. Лебедев (тылб.). Тэҥн. күүстээх, дохсун, модун
4 этии #
Нууччалыы Огромное, бескрайнее священное чистое небо
Добун маҥан халлаан үрд. – улаҕата биллибэт үрдүк, ытык ыраас халлаан Үс күөгэйэр күлүүстээх, Сэттэ дьэллигирэр тэһииннээх, Тоҕус дьуларыйар дьулусханнаах Добун маҥан халлаан.
П. ОйуунускайАнараа өттүгэр Тобураҕын тохтоппот Добун маҥан халлаан.
Өксөкүлээх Өлөксөй[Хотой] Добун маҥан халлаан аннынан Сурулаччы дайбаан, Көхсө күнү бүөлээн, Санна халлааны хаххалаан, Тиийэн кэллэ. Саха нар. ыр. I. Добун суол поэт. – элбэх ыарахаттардаах, мүччүргэннээх олох суола. Θ Жизненный путь, полный трудностей, испытаний, тернистый путь. Дабааннардаах, түһүүлэрдээх Үйэм добун суолугар Мин олоҕум тиийэн кээлтэ Ырыа ыллыгынан. С. Данилов
Өссө холобурдар (2)
Ол эрээри кини [Күннүк Уурастыырап] литератураҕа киирбит суола тус бэйэтэ соломмут добун суола. ХС Монг. дову